Хас биирдии учуутал, эбии үөрэхтээһин педагога үөрэнээччилэри үрдүккэ кынаттыыр, сүбэ-ама буолар, бэйэ миэстэтин буларга сирдиир тутаах сорудахтаах уһуйааччы буолар.
Кулун тутар 13 күнүгэр Сунтаарга ыытыллыбыт “Сүрэхпин оҕоҕо аныыбын” улуустааҕы күрэс сүүмэрдиир түһүмэҕэр 7 эбии үөрэхтээһин педагога көхтөөх кыттыыны ылбыта. Күрэс сүрүн сыалынан-соругунан эбии үөрэхтээһин педагогун үлэтин киэҥ араҥаҕа билиһиннэрии, бэйэ кыаҕын, сатабылын, билиитин көрдөрүү, салгыы сайдарга анал эйгэни тэрийии.
Б.Н.Андреев аатынан Айылҕа түмэлин үрдүк категориялаах эбии үөрэхтээһин педагога Иванова Нюргустана Прокопьевна естественнэй-научнай хайысхаҕа кыттан, 2-с истиэпэннээх лауреат аатын ылан, салгыы кулун тутар 10-11-с күннэригэр бүтүн Арассыыйатааҕы “Сүрэхпин оҕоҕо аныыбын” күрэс өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр 42 кыттаччыттан 8 финалист иһигэр киирдэ естественнэй-научнай хайысхаҕа маҥнайгы миэстэни ылан ситиһии кынаттаах кэллэ.
Нюргустана Прокопьевна, Б.Н.Андреев аатынан эбии үөрэхтээһин педагога:
-Үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитим 30-ча, оттон эбии үөрэхтээһин салаатыгар быйыл 20-с сылым буолла. “Сүрэхпин оҕоҕо аныыбын” күрэскэ быйыл маҥнайгытын кытынным. Улуустааҕы түһүмэх буоларын билэн, биһиги тэрилтэттэн естественнэй научнай хайысхаҕа мин кыттар кандидатурабын уопсай мунньаҕынан талбыппыт. Бу түһүмэххэ араас тургутуулары ааһан: аһаҕас маастар-кылаас ыытыы, сокуоннарга, нормативнай-правовой дөкүмүөннэргэ тургутуу, былаас салалтаны кытта дебат курдук уустук түһүмэхтэри ааһан иккис миэстэни ыламмын, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттар чиэскэ тиксибитим.
Маннык күрэскэ кыттар уһуйааччыларга олус наадалаах эбит диэн түмүккэ кэллим. Киһи бэйэтин кыаҕын, уопутун, сатабылын көрдөрөр, ону таһынан элбэх саҥаны, сонуну, туһалааҕы бэйэтигэр ылынар. Биир хайысхаҕа үлэлиир тэҥ идэлээхтэргин кытта билсэҕин, уопут атастаһаҕын.
Бу күрэскэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбитим миэхэ инникитин төһүү күүс буолуоҕа диэн эрэллээхпин. Эдэр көлүөнэ уһуйааччыларыгар маннык күрэстэргэ харса суох кыттыҥ диэн сүбэлиибин.
Түгэнинэн туһанан күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут коллегаларбар, чуолаан эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар Кюнняй Григорьевнаҕа уонна Сардана Михайловнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин.
Кюнняй КИРИЛЛИНА,
Б.Н. Андреев аатынан Элгээйитээҕи Айылҕа түмэлин эбии үөрэх педагога