Сири оҥоруу үлэтигэр ситимнээх үлэ былааннанар

Бүгүн, от ыйын 23 күнүгэр, СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова Сунтаар улууһугар үлэлээтэ. Күн бастакы аҥаарыгар Бордоҥ сиригэр-уотугар оттуур сирдэри, мелиорация, сири оҥоруу боппуруостарын көрдө-иһиттэ. Кинини кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи мелиорация управлениетын салайааччыта Дмитрий Махаров, мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы филиалын салайааччыта Алексей Васильев, Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов, Сунтаар улууһун мелиоратора Анатолий Николаев ууга сытар сирдэри, ходуһалары көрдүлэр. Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Константин Уаров ууну ыытарга, түһэрэргэ туох үлэ барыан сөбүн билистилэр.

“Сунтаар улууһугар сырыыбыт сүрүн соруга — от үлэтин хаамыыта хайдах баран иһэрин, оттуур ходуһалары көрүү-истии. Мелиорация тэрилтэтин кытта инникитин туох үлэ барыахтааҕын былаанныы сылдьабыт. Оттуур ходуһалар кэккэ сылларга ууга бараннар, сүрдээх элбэх мелиоративнай үлэни эрэйэллэр. Биһиги Ньурбатааҕы филиалбыт улуус, нэһилиэктэр дьаһалталарын, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кытта ситимнээхтик үлэлиэхтээх. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэбитигэр сөптөөх сүөһү аһылыгын базатын тэрийэн, отунан эрэ хааччахтаммакка, сиилэһи, сенаһы оҥорууга үлэни күүһүрдүөхтээхпит. Кураанныыр сирдэргэ от ыһыытынан дьарыгырыыны тэнитэргэ уонна улуустары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиири былаанныыбыт”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова эттэ.

Инникитин биһиги улууспутугар мелиорацияҕа, сири кытта үлэҕэ болҕомто ууруллан, ситимнээх үлэ барара былааннанар.

 

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше