Сири кытта үлэ — кэскиллээх дьыала

Бу күннэргэ мин таах дьаарбайа кэриэтэ бэрт кыратык Сунтаарым эргин сири-уоту көрө сылдьа түстүм.
Биллэн турар, билигин сир-дойду уларыйара түргэн бөҕө буоллаҕа. Ол урут «Сунтаар» сопхуос тиҥинээн-таҥынаан аатыран үлэлиирин саҕана атын хартыына этэ буоллаҕа эбээт. Сири кытта үлэҕэ «Сунтаар» сопхуос аатырар Куокуну, Күндэйэ кэннилэриттэн тэҥ киэҥ-куоҥ аатырар бааһына сирдэринэн биллэрэ дии.
Бу сылдьан көрдөххө урукку быраҕыллыбыт бааһыналары сөргүтүү үлэлэрэ баран эрэллэр эбит.
Бу туһунан чуолкайдаһаары мин СХПССК «Достижение» үлэһиттэрин көрсөн кэпсэттим.

Сири кытта үлэни Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов тэрийиитинэн, көҕүлээһининэн нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэрэ уонна биирдиилээн дьон кыттыһан «Достижение» диэн ааттаах тэрилтэни өссө 2017 сыллаахха тэриммиттэр эбит. Үлэ-хамнас тэтимнээхтик иннин диэки сыҕарыйар эбит. Ол курдук кээпэрэтиип быйылгы сылга 146 га бааһына сирин таҥастаан 27 туонна подсолнух, эбиэс сиэмэтин ыспыт. Ол иһигэр Тураҕас буолатыгар 34 га эбиэс, Балаҕан сыһыытыгар 12,7 га саа подсолнух, Кулгаах, Кумах буолаларыгар 9,4 га подсолнух, эбиэс, Бытый буолатыгар 40,3 га эбиэс, Кураанах атахха 14,2 га эбиэс, подсолнух, Сыыларга 15 га эбиэс, подсолнух, Килээбийгэ 20 га эбиэс ыһыллыбыт. Ону таһынан Сыылар төгүрүччү саҥа күрүөлэммит. Күрүөлээһин, өрөмүөннээһин инникитин ити курдук салгыы баран иһэрэ былааннаммыт. Быйыл быһа холоон 3 км күрүө оҥоһуллубут. Күрүөнү анал үлэһит-харабынай көрөр-билэр.

Быйылгы оттооһун үлэтэ Бэс үрэҕиттэн саҕаламмыт, билиҥҥитэ сүүстэн тахса рулону ылбыттар. Быйылгыттан саҥа от охсор, мунньар агрегаттары, саҥа пресс подборщик ылан үлэлэтэ сылдьаллар эбит. Онон оттооһуҥҥа тиэхиньикэ өттүнэн сэбилэнии кэм да үчүгэй.

Дьэ, ити курдук «Достижение» кэпэрэтиип тутаах доьнун-сэргэтин кытта бэрт сэргэх кэпсэтии буолла.
Онно эбии билиҥҥитэ сайыммыт тыа сирин отчут-масчыт үлэһит дьоно барахсаттарга санаа курдук баран иһэр.
Ханна да сири оҥостуу кэскиллээх дьаһаныы буолара биллэр. Биһиги «Достижениебыт» үлэтэ-хамнаһа эмиэ ситиһиилээх буоллун.

Борис Николаев.

Читайте дальше