Саҥа ый үүнүүтэ — саҥаны саҕалыырга саҕахтары сайар. Онтон тохтотуллубут олох кэлиҥҥи кэмҥэ наар сылтахха кубулуйар буолла. Ол аата тугуй? Кинини утары хайдах үлэлэһиэххэ сөбүй.
Тохтотуллубут олох синдромугар киирсэр бигэргэтиилэр: «Саҥа сиргэ көстөхпүнэ, барытын саҥаттан саҕалыам!», “Дьиҥнээх тапталбын керүстэхпинэ дьоллоох буолуом”, «Мин ырдахпына дьоллоох буолуом», «Ипотекабын сабан баран – дьэ олоруом да олоруом буоллаҕа!», “Үөрэхпин бүтэрэн баран, сынньаныам, дуоһуйуом даҕаны»…
Тохтотуллубут олох синдрома — бу кэмҥэ киһи билиҥҥи кэминэн олорбот, туох эрэ уларыйыы буоларын күүтэргэ, маныырга сылдьар. Оннук күн үүннэҕинэ дьэ дьиҥнээх олоҕум саҕаланыа дии саныыр. Билиҥҥи олоҕун көннөрү черновой вариант, дьиҥнээх олоххо бэлэмнэнии курдук ылынар.
Онтон сылтаан киһи баҕа санааларын көһөрөн тахсар, олоххо сыал туруоруу, баҕа санаа оҥостуу кэмнэрэ үүнэ иликтэр, бириэмэ кэлэ илик диир. Саҥаны саҕалыырга, толкуйдуурга туох эрэ тиийбэт курдук буолар. Ол гынан дьиҥэ баара сөптөөх кэм диэн суох. Олох кэрдиилэрин көһөрүү толкуйдар араас дьайыылаах буолаллар: ситиһиигэ талаһыы онно күүс суох буолуута, бэйэҕэ эрэммэт, куттас буолуу, тугу эрэ сыыһа оҥоруом диэн, сатыырбыт сатаабаппын, кыайарбын кыайбаппын диир. Барытын кэлин оҥоруом, кэлин саҕалыам дии сылдьан бириэмэни, сөптөөх кэми сүтэрии тахсар. Дьоллоох буолуу түгэннэрин бэйэҥ бэйэҕин бобоҥҥун куоттараҕын.
Тохтотуллубут олох синдромун кытта хайдах утарылаһабыт?
— Соруктал (проблема) баарын өйдөөһүн, билинии. Дьиҥнээх олоҕу олорорго туох мэһэйдэр баалларын өйдүөххэ наада. Туох толкуйдар, санаалар эн олоххор тохтобул оҥорбуттарын быһаара сатаа.
— Ким эрэ быһаарарын күүтэн олорбокко бэйэҥ саҕалаа. Сөптөөх кэм үүнэрин күүтүмэ, кыраттан барытын бэйэҥ саҕалаа.
— Туох былааннары көһөрөн испиккин санаа уонна былаан оҥостон кыралаан чэпчэкиттэн саҕалаан бар. Эбэһээт барытын саҕалаа диэн быраабыла суох.
— Ууруна сыппыт сээкэйдэргин барытын туһаныҥ. Кыраһыабай таҥас, сыаналаах техника ду, киэргэл ду, өссө саҥа тугу эмит атыылас уонна үөр-көт, олохтон үчүгэй түгэннэри ылын, бэйэҕэр иҥэрин.
— Бэйэҥ аттыгар эмиэ эн курдук олоҕун кэрдиилэрин көһөрө олорбут киһи баар буоллаҕына киниэхэ эмиэ көмөлөс, босхолоо.
— Ырал (идеал) – олус үчүгэй диэн хаһан да суох буолуутун ылыныы, баары билинии.
Уйулҕа доруобуйатын харыстааҥ, чугас дьоҥҥутун таптааҥ!
Алена ПАВЛОВА, Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай