Мыыскын оҕонньор, угун ортотунан тосту барбыт туора күрдьэҕин кыбыммытынан, чигдитийбит суолунан куучур-хаачыр үктэнэн, дьиэлээн иһэр. Кинини киһи омос көрөн салла быһыытыйар. Саха киһитигэр саар тэгил уҥуохтаах, дараҕар сарыннаах киппэ киһи. Ол эрээри эн-мин дэһэн, кэпсэтэн бардахха, оҕонньор оҕолуу сэмэй, ис киирбэх майгытыттан бастаан дьулайа санаабыккын умнан кэбиһэҕин. «Оҕо курдук оҕонньор» диэн, бука, Мыыскын курдуктары этэн эрдэхтэрэ. Мыыскын, дьи²э, Охоноос диэн ааттаах эрээри, дьон тоҕо эрэ кинини өрүү араспаанньатынан ааттыы үөрэнэн хаалбыт. Кини олоҕун тухары балыыһаҕа харабыллаабыта. Кэлин биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан балыыһа олбуорун күрдьэр, кыра илии-атах үлэтигэр сылдьар оробуочайга кубулуйбута.
Сааһырбыт киһиэхэ, хата, бу үлэтэ табыгастаах. Мыыскын үлэтин сөбүлүүр. Хаар күн аайы кэлэн түспэт эбээт. Уонна соҕотох киһи күнү-күннээн дьиэтин өрө мыҥаан олоруо дуо? Син дьон-сэргэ ортотугар сылдьан эрдэҕэ. Дьэ, ол эрэн Мыыскын бүгүн табыллыбата. Биһиги Саҥа дьыл бырааһынньыгын былаанныыр мунньахха кылаабынай быраастара балыыһа иннигэр багдайбыт күрдьүгү күрдьүү диэн уураахтаата. Күрдьүк сыппыт онно Саҥа дьыллааҕы харыйа турарыгар табыгастаах үһү. Хайыай, Мыыскын хара сарсыардаттан бэйэтэ оҥорбут күрдьүгүн кытта өрө тустан, мадьыктаһан таҕыста. Күрдьүгэ буоллаҕына бүттэр-бүппэт. Эбиитин күрдьэҕин уга хаста эмэ иҥиэттибитэ буолан баран, тосту ыстанан хаалла. Мыыскын күрдьэҕин дуу, күрдьүгүн дуу: «Кыайар уола, сатана…»—диэн мөҥүттэн, дьиэтин диэки саллырдыы турда.
Ити курдук аа-дьуо хааман өтөҕүн булла. Ыта Баһырҕас, иччитин билэн, кутуругун эйэҥэлэтэн эйэргии тоһуйда. Уруккута эбитэ буоллар, утары сүүрэн тахсан иччитин көрсүө этэ. Билигин иччитин курдук сыл-хонук баттаан аа-дьуо сылдьаахтыыр. Мыыскын үтүлүгүн көхсүнэн ытын таптайан, таптаан ааста. Аанын аһан күрдьэхтэри-тойдору туппутунан дьиэтигэр киирдэ. Өрүү буоларын курдук, оһоҕун оттон чэй өрө уурда. Сыыҥкабай чаанньык өр буолбакка, хаппаҕа лабыгыраан, оргуйан барда. Мыыскын чэй иһэ олорон «эмиэ биир күн бүттэҕэ» диэн, хайдах эрэ санаарҕаан ылла. Күнтэн күн биир кэлим хатыланар курдук ааһан истэхтэрэ. Билигин сибиинньэтин аһатыа, онтон киирэн киэһээ аһылыгын аһаабыта буолаат, утуйбуттаахха барыа. Эмискэ хостон ньааҕынаабытынан, куоската ойон тахсан, оҕонньору аралдьытан кэбистэ. Мыыскын: «Ньаахынньа, хайа, аччыктаатыҥ дуо? Чэ кэл, оҕобун аһатарбын олох да умнан олорор эбиппин буолбаат»,- диэт, куоскатын аһатар түбүгэр түстэ. Бу куоска Мыыскыҥҥа 2 ый анараа өттүгэр алҕас баар буолан хаалбыта. Биир күн үлэтигэр тиийбитэ, хантан кэлбитэ биллибэт, кыракый куоска оҕото баар буолбут этэ. Дьахталлар, куоска оҕотун аһатаары аймана сырыттахтарына, оруобуна түбэһэ кэлбитэ. Уопсай сүбэнэн хотун кэлиэн иннинэ бу харамайы оннун булларыахха диэн буолбута. Ол эрээри бу кыылы ылыахха айылаах киһи көстөн биэрбэтэҕэ. Онуоха өрүү мөҕө-этэ сылдьар идэлээх пуобар Морууһа саҥата-иҥэтэ суох Мыыскын хоонньугар кып-кыра түү мээчик курдук ньап-ньааҕынаһы аҕалан уган кээспитэ. Утарсар бокуой биэрбэккэ: «Чэ, ыл, доҕор, куоска куһаҕана суох кыыл. Соҕотох киһи доҕор оҥостуоҕа буоллаҕа»,- диэбитэ. Онтон-мантан дьон «Мыыскын оҕонньор уотурбатын кутуйах сиэбэт буолла-а» дэһэн, күлсэр саҥалара иһиллибитэ. Сэмэй оҕонньор туох диэ баарай, хаһан да ииппэтэх кыылын, бэркэ саарыы-саарыы дьиэтигэр илдьэ кэлбитэ. Онтон бэттэх бу курдук олордохторо. Мыыскын куоскатын судургутук Ньаахынньа диэн ааттыыр. Уопсайынан, кыылы сатаан ааттаабат. Ол курдук сибиинньэтэ Хоохунньаттан атыннык ааттаммат. Бэл, оҕолорун ааттыылларыгар орооспотоҕо. Эмээхсинэ барахсан оҕолорун бэйэтэ сүрэхтиирэ. Ыта, хата, уола баарына кэлэн, ыт ыт курдук Баһырҕас диэн ааттанан абыраннаҕа. Дьэ, бу курдук Мыыскын оҕонньор 3 кыылын кытта эйэ дэмнээхтик олорор. Кыылларыттан ураты кимэ да суох. Кэргэнэ 10-ча сыллааҕыта таҥаралаабыта. Өрүү ыйар-кэрдэр киһититтэн маппыт оҕо курдук оҕонньор хайдах эрэ тулаайахсыйбыкка дылы буолбута. Уола ийэтин көмсөн баран, аҕыйах кэминэн хоту үлэлии барбыта. Сураҕа, ойох ылан, оҕо төрөтөн быр-бааччы олорор үһү. 3 сыл буолла сурук диэни суруйбатаҕа. Сиэн, арааһа, 4 сааһа буолуохтаах. Эчикийэ, көрбүт киһи баар ини. Мыыскын сиэн сытын ылыахтааҕар буолуох, кийиит диэн киһини харахтыы илик. Бэйэлээх бэйэтин кыыһа буоллаҕына былырыын, сааһа ыраата сыһан баран, бииргэ үөрэммит уолугар кэргэн тахсыбыта. Билиҥҥитэ оҕолоно иликтэр. Эдэрдэр холбоһоот, бүдүгүрэ кырдьыбыт оҕонньор ыыспатыгар кыбыллан олоруохтара дуо, улуус киинигэр дьиэ булан көспүттэрэ. Онтон бэттэх Мыыскын бу курдук соҕотоҕун сорсуйан, аралдьыйара эрэ кыыллара буолан олорор. Кыыһа аах бу Саҥа дьылга киириэх буолтара да, бэҕэһээ төлөпүөннээн анараа аймахтарга бырааһынньыктыы баралларын эппиттэрэ. Оҕонньор хомойдор да хайыай. Оҕолорум кэлиэхтэрэ диэн, хаһан да дьуолка туруорбат бэйэтэ, көҥүллэтэ-көҥүллэтэ ойууртан соһон киллэрэн, симээбит харыйатын соҕотоҕун өрө мыҥаан саҥа сылы көрсөр буоллаҕа.
Мыыскын ити курдук саныы-саныы, хоспохтоох хотунун аһата таҕыста. Хоохунньа эмиэ Ньаахынньа курдук алҕас баар буолбут харамай. Ыала Өрүүнэ, сибиинньэ иитэр идэлээх эмээхсин, биир сибиинньэтэ төрөөбүтүгэр: «Ноко, сибиинньэ оҕотуна атыылас эрэ. Бэйэҥ абыраныаҥ. Күһүн идэһэтэ суох киһи туһаҕа таһаарыаҥ буоллаҕа дии», — диэн баран, хоруй кэтэспэккэ биир кып-кыһыл сыллайбыт муннулаах боросуонагы айдаардыбытынан, куулга уга охсон туттаран кэбиспитэ. Онтон бэттэх Хоохунньа Мыыскын оҕонньор ылгын кыыһын кэриэтэ. Хаста да дьону кэпсэтэн эт гынаары тииспитэ эрээри наймыласпыт дьонун төптөрү утаартаабыта. Билигин ыала эмээхсиниттэн сибиинньэ уларсан Хоохунньатыттан сылын аайы 6-7 боросуонагы ылар. Ону кыттыгастар аһаар аҥаарга үллэстэллэр.

Мыыскын, солуурдаах аһын туппутунан, хоспоҕор киирдэ. Хоспоҕо арыый сөрүүдүйбүккэ дылы. Хоохунньа иччитэ аһылык киллэрбитин билэ охсон айдаан бөҕөнү түһэрдэ. Сарсыарда эрэ ыраастаммыт уйата бэлиэр туола охсубут. Мыыскын, сибиинньэ аһыыр иһитигэр солуурдаах аһын тоҕо сүөкээт, лаппаакытын туппутунан, нэһиилэ түүрүллэн тахсан, ыттан ырычаахтаһан уйа иһигэр баар буолла уонна сибиинньэтин мөҕөн, кутан-симэн барда. Хоохунньа онно утарылаһардыы, аһыырын быыһыгар хоотурҕаан ылла. Мыыскын онтон кыһыйан: «Өссө этиһээри гынаҕын дуо? Сатана кыыһа, мин эйигин бэриинэ оҥоһуннун диэн күөх от амтаннааҕын хомуйан хаһаанар үһүбүн дуо? Бачча саастаах сибиинньэ өйдөөбөтө сүрүкэтин… чанчарык да кыыл. Дьэ бээ, эн да сылыҥ ааһан эрэр, хотун бэркэ киэбирэн эрэҕин»,-диэн, төһө кыайарынан Хоохунньатын хомуруйа сырытта. Онуоха сибиинньэтэ аһылыгын бүтэрэ охсон, албыннаһардыы иччитигэр сыстан, муннун үтэн баран турда. Мыыскын: «Бэйи, мэһэйдээмэ»,- диэн үтүрүйбэхтээн баран, мааны кыылын көхсүн тарбаан атаахтатан барда. Ити курдук Мыыскыннаах Хоохунньа күн аайы «этиһэллэр», онтон өр буолбакка тута эйэргэһэ охсоллор.
Мыыскын дьиэ, үлэ түбүгэр баһыйтаран, хас да күнү аһаран Саҥа дьыл үүнэр күнэ тиийэн кэлбитин билбэккэ хаалла. Соҕотох киһи сиэринэн остуолун бэлэмнээн аһаатаҕа буолаат, сыгынньахтаммакка да эрэ оронугар сытан, нухарыйан барда. Ол сытан түүлүн быыһынан иһиттэҕинэ, таһырдьа Баһырҕас бүтэй куолаһынан «Моҥ» дииргэ дылы. «Ээ чэ, оҕонньор дьиэлээх кулгааҕын кулукута хамсыырын истэн үрэн эрэр ини» дии санаан, Мыыскын тура соруммата. Чочумча буолаат, ыт эмиэ үрдэ. Бу сырыыга үрэрэ тэтимирэн барда. Киэһэ аҕыйахта саҥа таһаарар бэйэтэ туох буоллаҕай диэн, Мыыскын ойон туран уотун уматта. Саҥардыы аан диэки атыллаан эрдэҕинэ хойуу туманы бүрүнэн икки киһи киирэн кэллэ. Уһун соннооҕо оҕо көтөҕүүлээх. Мыыскын соһуйан, турбут сиригэр чыпчылыҥныы турда. Киирбит киһи: «Хайа, аҕаа, дорообо! Саҥа дьыллаабакка утуйа сытаҕын дуу? Баһырҕас билбэккэ тутан сии сыста. Билсэн кэбиһиҥ, бу кэргэним Аанчык, уолум Афоня. Оттон бу аҕам — Охоноос Ньукулаайабыс»,— диэн, дьонун билиһиннэртээтэ. Мыыскын, уола дьонун илдьэ кэлэн турарын дьэ, өйдөөн, үөрдэ-көттө, ыксаан хаалан, тугу гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии турда. Сиэнин кини аатынан ааттаабыттарыттан манньыйа санаата. Кыра Охоноос, бэлиэр сүүрэ сылдьар бэдик, эһэтин өрө көрөн таһаарда уонна: «Маамуо, бу эһээ даа?» — диэн мип-минньигэс куолаһынан чаҕаарда. Үүт-үкчү уола кыра эрдэҕинээҕитин курдук. Ийэтэ уолун эһэтигэр ылан көтөхтөрөн кэбистэ. Сиэн диэни билбэтэх оҕонньор кыракый киһини тыастаахтык сыллаан ылла. М-м, сиэн сыта барахсан! Оҕонньор уйадыйан ылла. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьон ахтылҕаннарын аһараат, Саҥа дьыллааҕы остуолларын бэлэмниир түбүккэ түстүлэр. Остуол хотойорунан ас бөҕөнү тардан 12 чааһы баттастылар. Мыыскын оҕонньор уолун хомуруйан мөҕөн ылла: «Бачча киһи баарбын диэн, саатар саппыыска сыыһын да ыыппат буоллаҕыҥ…» Онуоха уола буруйдаммыттыы кулук-халык буолла, онтон күлэ түстэ уонна: «Чэ, ньучубуо аһаа, мантан инньэ бииргэ буолуохпут буоллаҕа дии. Дойдубар үлэ көрдөөн, сатаннаҕына, сайын көһөн кэлэр былааннаах кэлэн олоробун. Бэйэм даҕаны кэлиҥҥи кэмҥэ дойдубун, дьоммун-сэргэбин ахтан, туорхаһыйан сылдьабын. Дуунньа ыал буолан көспүтүн истибитим ээ»,-диэтэ. Бу үөрүүлээх сонунтан оҕонньор эрэйдээх хас эмэ сылы быһа аалбыт хом санаата сииктии симэлийэн, сүтэн хаалла. Бастакы туостарын Мыыска сыла Мыыскыннарга үтүөнэн, үчүгэйинэн эрэ тосхойорун туһугар көтөхтүлэр.

Сарсыныгар уоллаах кийиит Дуунньаны көрсө улуус киинигэр киирдилэр. Кыралаах улахан икки Охоноос дьиэлэригэр хааллылар. Аҕыйах күн иһигэр Мыыскын оҕонньор сиэнигэр убанан хаалла. Ханна да буоллун, сиэнин батыһыннара сылдьар: сибиинньэлэрин аһаталларыгар буоллун, килиэптэрин ыла буоллун… Оҕонньор кыыллара, эмиэ сиэн уолу бэркэ сөбүлээн, тапсан сырыттылар.
Эргэ Саҥа дьыл чугаһыгар дьоно, өрөбүллэрэ бүтэн, сайын кэлиэх буолан, бэрт өр бакаалаһан, тахсан бардылар. Мыыскын эмиэ соҕотохсуйан хаалла. Аралдьыйа сатаан үлэтигэр эрдэ барар, киэһэ хойут кэлэр буолла. Кини билигин биир кэтэһэр кэтэһиитэ хаһан хаар ууллан сайын кэлэр диэн.

Кэтэстэххэ, күн-дьыл баранан биэрбэккэ уһуур дииллэрэ кырдьык. Ол курдук күн, түүн салҕыбакка солбуйсан, сыарҕалаах нэс ат курдук бытааннык сыыйыллан истилэр. Мыыскын муунтуйбут санаатыгар, сотору-сотору халандаарын ылан арыйбахтыыр. Санаатыгар, оннук гынан кэлэн биэрбэт кэми тэтимирдэргэ дылы.
Ол курдук ыйтан ый сыыллан, саас кэлэн, сир хараарар аатыгар барда. Арай Мыыскын оҕонньор күрдьүгэ ордон көскөйбүт бэйэтэ арыый аччаан туртайа сытта. Киһи аймах, кыыл-сүөл бары сайыны күн уотуттан сылыйбыт көлүччэҕэ сөтүөлээн чомполоноору, күөҕүнэн симэммит кырдалга күөлэһийэ оонньоору көһүтэллэр. Арай Мыыскын оҕонньор, Ньаахынньалаах Хоохунньа уонна сабыччы көрбүт Баһырҕас сайыны кыра сиэн уолу көрсөөрү сылайбакка күүтэллэр.

М. ИВАНОВА.

Читайте дальше