Ааспыт сыл дойдубут үрдүнэн «Педагог уонна Аҕа сүбэһит сыла» диэн биллэриллибитэ. Онтон 2024 сыл «Дьиэ кэргэн сыла» диэн бигэргэннэ. Бу сылларга сөп түбэһиннэрэн, мин Сиэйэ нэһилиэгин Бочуот­таах олохтооҕун, «Утум» түмэл тэрийээччитин, салайааччытын, эбии үөрэхтээһин педагогун, элбэх кинигэ ааптарын, 4 оҕо амарах ийэтин, эбэтин туһунан бар дьоҥҥо билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Октябрина Прокопьевна – туруу үлэһит киһи. Сиэйэ оскуолатыгар өр сылларга үтүө суобастаахтык ааҕар-суоттуур эйгэҕэ үлэлээн баран, 2007 сыллаахха кэргэнэ Алексей Михайловичтыын “Утум” түмэли төрүттээбиттэрэ. Түмэли көрбүт киһи барыта сөҕөр-махтайар. Сиэйэҕэ олоро сылдьыбыт дьону сырдатыы, бииртэн биир сырдык хостор араас интэриэһинэй матырыйаалынан киһини кэрэхсэтэ, угуйа тураллар.

Октябрина Прокопьевна – мааны хаһаайка. Сайын сибэкки сытынан дыргыйан тэлгэһэ иһэ көрүөхтэн кэрэ буолар. Кини хас биирдии сибэккитин, үүнээйитин кыра оҕолуу бүөбэйдээн, харыстаан тутара-хабара, сымнаҕас илиилээҕэ тута биллэр. Кини дьарыга олус элбэх: флористика, быысабайдааһын, хоруоҥка тиһии. Түмэлигэр Октябрина Прокопьевна оҕолордуун элбэхтик алтыһар. Экскурсовод оҕолор чобуотук саҥарарга үөрэнэллэр, быыһыгар күрэхтэргэ кытталлар.

Кинигэ – норуот баайа.  Октябрина Прокопьевна кэнники кэмҥэ кинигэ суруйуутунан киэҥ далааһыннаахтык, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Сиэйэтин дьонун-сэргэтин туһунан кэнэҕэски ыччакка хаалларар сыалтан бииртэн биир интэриэһинэй кинигэлэр күн сирин көрдүлэр.

Олор истэригэр Сиэйэҕэ олорон, үлэлээн ааспыт учууталлар тустарынан элбэх кинигэ таҕыста: “Полина Гаврильевна Павлова”, 2016; “Борис Николаевич Андреев ”, 2016; “Татьяна Семеновна Куприянова”, 2019; “Петров Михаил Николаевич”, 2020; “Иннокентий Софронович Семенов”, 2022; “Павлова Зоя Георгиевна”, 2023.

Эдьиийим, Павлова Зоя Георгиевна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына бу тохсунньу 30 күнүгэр 70 сааһын туолуохтаах этэ. «Үлэҕэ анаммыт олох» диэн кинигэ биһиги аймахха күндү бэлэх буолла. Кинигэни таһаарыы мэнээк үлэ буолбатах. Манна тулуур, дьаныар, дьону кытары алтыһыы, матырыйаалы булуу-талыы уо.д.а. наада. Бу хаачыстыбалар Октябрина Проко­­пьев­наҕа оруобуна сөп түбэһэллэр.

Махтал, Октябрина Прокопьевна, дойдуҥ сирин-уотун, дьонун-сэргэтин үйэтитэ сылдьаргынан киэн туттабын, өссө даҕаны элбэх кинигэлэр күн сирин көрөн бэйэлэрин ааҕааччыларын булуохтара, үйэтиппит үлэлэриҥ сыаналаныахтара диэн эрэнэбин.

Ия ПАВЛОВА,

РФ уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”,

“Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына.

Читайте дальше