Сиэйэҕэ «Сайдам» ХЭТ хочуолунай тутан үлэҕэ киллэрдэ. Билигин 3 МБ кыамталаах хочуол култуурунай-спортивнай киини сылытан турар. Чааһынай хочуолунайдары тутар уонна салгыы көрөр-истэр «Сайдам» ХЭТ Кириэстээххэ, Уһун Күөлгэ уонна бу Сиэйэҕэ эбийиэктээх. Бу туһунан улуус дьаһалтата телеграм-каналыгар суруйар.
Улууспут баһылыга Анатолий Григорьев: «Саҥаттан саҥа эбийиэктэри тутан дьоммутун-сэргэбитин үлэлиир-хамнастыыр кыахтанабыт. Инникитин хочуолунай кыамтатын улаатыннаран, өссө эбии элбэх киһини үлэҕэ ыларга сорук турар», — диэн санаатын үллэстэр. Ол курдук, билигин хочуолунайга нэһилиэк элбэх оҕолоох түөрт аҕата үлэлиир.
Саҥа тутуу үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ дьокутааттара Афанасий Постников, Андрей Николаев кыттыыны ыллылар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат