Билиҥҥи үйэҕэ тимир көлөтө суох киһи суоҕун кэриэтэ. Массыына хас биирдии дьиэ кэргэн эрэллээх доҕоро да диэххэ сөп. Онон хантан массыына атыылаһабыт диэн үгүстүк толкуйдуур буолуохтаахпыт.
Урбаан эйгэтигэр массыынаны атыылыыр ньыма элбэх. Япония аукционуттан судур- гутук массыынаны атыылаһан аҕалан биэрэр өҥө баар. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта тимир көлөнү сакааһынан Япония аукционуттан Владивосток куоракка киллэрэр урбаанньыттар — кэргэннии Анисия, Роман Ивановтар. Кинилэр “Сибуя” диэн хампаанньалара тыһыынчаттан тахса киһини Японияттан массыыналаабыттар.
– Үтүө күнүнэн биир дойдулаахтарым, мин Сунтаар улууһун Маар Күөл нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Аҕам Руслан Анатольевич Уһун Күөлтэн, ийэм Екатерина Романовна Маар Күөлтэн төрүттээхтэр. Бииргэ төрөөбүттэр үспүт, мин саамай улаханнарабын, икки балтылаахпын. Оҕо сааһым Маар Күөлгэ ааспыта, оскуоланы эбэлээх эһэбэр олорон бүтэрбитим. Идэбинэн физкультура учууталабын. Кэргэним Ася Амматтан төрүттээх, идэтинэн эмиэ учуутал. Билигин Владивосток куоракка дьиэ кэргэн биисинэһэ тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
– Урбаан эйгэтигэр массыынанан хайдах дьарыктанан саҕалаабыккыный?
– Аҕам урут массыына перегоннуур этэ, ону көрөн улааппытым. Үрдүк үөрэхпин бүтэрэн баран таксилаан, эмиэ массыына перегоннуу сылдьыбытым. Онтон Владивостокка көһөн кэлэн дьон сакааһынан Японияттан, Соҕуруу Кореяттан массыына киллэрэбит. Япония аукционнарынан 2020 сылтан дьарыктанан саҕалаабытым. Манна олохсуйбуппут 4 сыл буолла. Маҥнай атыыга кыралаан киллэрэр этим. Бастакы сакаастааччым Таатта уола этэ. Олох билбэт киһим эрийэн сакаастаабытыгар соһуйан хаалбытым. Кини кэннэ сакаастар киирэн барбыттара.
– Бэйэ дьыалатын ылбычча киһи санаммат, маҥнай туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?
– Бастаан саҕалыырга ыарахан этэ. 2020 с. оруобуна күһүн доллар, евро куурустара үрдээн, сыана барыта үрдээбитэ. Атыылаһар да, сакаастыыр да дьон суох этэ. Ол да буоллар ылсыбыты ыһыктыбакка, сыал-сорук туруорунан, аа-дьуо атыыбыт сайдан, билигин сакаастар киирэ тураллар.
– Владивостокка олорор хайдах эбитий?
– Кэргэмминээн Владивостокка эрдэттэн кэлэбара сылдьыбыт буолан, син тэһийэр этибит. Бастаан эрэ ыарахан соҕус этэ, дойду ахтылҕана эҥин баар буоллаҕа. Дойдубутуттан ыраах сылдьар буолан, сахабыт сиэринэн сирбитин-уоппутун аһатабыт, сахалыы аспытын астанан сиибит уонна дьиэбитигэр сахалыы муннуктаахпыт. Онно бэлэх-хэ кэлбит сувенирдарбытын – чороону, кытыйаны ууран турабыт, көрөн астынабыт, дойдубут ахтылҕанын уҕарытабыт. Сахалар элбэхтэр, сунтаардар да бааллар, билсэбит, билигин олорор дьиэбитигэр 6-7 саха ыала баар.
– Аат, уопсайынан, улахан оруолу ылар диэн. Хампаанньаҕыт «Сибуя» диэн олус дьикти ааттаах.
– Ааппытын таларга өр сыымайдаабыппыт. Токио куорат оройуонугар биир улахан Сибуя перекрестогар легендарнай Хатико ыкка аналлаах пааматынньык баар. «Хатико» диэн киинэни үгүс киһи көрбүт буолуохтаах. Ыт хаһаайыныгар бэриниилээх уонна эрэллээх доҕор. Бу перекресток аан дойду үрдүнэн саамай дьон тоҕуоруһа мустар сирэ. Биир мүнүүтэ иһигэр светофору 2 тыһыынча киһи туоруур. Бу перекрестокка «Форсаж-3», «Токийский дрив» киинэлэр уһуллубуттара. Онно кэргэмминээн бара сылдьан олус сөҕөн, махтайан бу ааты ыларга санаммыппыт. Ааппыт өйдөбүлэ сакаасчыттарбытыгар икки өттүттэн бэриниилээх, эрэллээх буолуу уонна Сибуя перекресток курдук элбэх сакаасчыттар, Японияттан тохтоло суох массыыналар киирдиннэр диэн ис хоһоонноох аат буолар.
– Интэриэһинэй ис хоһооноох эбит. Үксүн хантан сакаастыылларый? Холобур, күҥҥэ төһө сакаас киирэрий?
– Сакаас Арассыыйа араас муннугуттан, атын да эрэгийиэннэртэн киирэр. Саамай ырааппыта Киргизияттан, Санкт-Петербург, Астрахань, Казань, Уфа, Москва куораттартан киирбитэ. Ютубка уонна интэриниэт ситимигэр SHIBUYA JAPAN CARS диэн каналлаахпыт. Онон көрөн уонна дьонтон истиһэн сакаастыыллар. Үксүн Сахабыт сириттэн. Сакаас киирэрэ арааһынай: сорох күн 5, сороҕор киириэ да суоҕун сөп.
– Массыынаны киллэрэртэн атын өссө туох өҥөнү оҥороҕут?
– Автовоһунан Владивосток-Дьокуускай хайысханан массыыналары ыытабыт. Кэлбит массыыналары уһун айаҥҥа баралларыгар бэлэмниэхпитин сөп. Холобур, арыытын, лобовой өстүөкүлэтин уларытыы, о.д.а.
– Успуорду олус сэргиир эбиккин. «Дыгын оонньууларын» кыттааччыта Алексей Соколовка успуонсар буоларгын истибиппит.
– Бэйэм оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан атах оонньуутунан дьарыктаммытым. Тириэньэрим Осипов Анатолий Павлович, кини дьарыктыыр оҕолоругар аҕа кэриэтэ киһибит этэ. Анатолий Павлович баарына Сунтаар улууһа атах оонньуутугар кырата иккис миэстэ буолара. Элбэх үөрэнээччитэ успуорт маастара буола үүммүттэрэ. 2008 с. «Азия оҕолоро» оонньууга кыттаммын успуорт эйгэтигэр биир умнуллубат түгэним ааспыта. Манан сиэттэрэн, атах оонньуутун, успуорт национальнай көрүҥнэрин олус сэргиибин. Биир дойдулааҕым Алексей Соколов «Дыгын оонньууларыгар» кыттыытын былырыыҥҥыттан өйөөн успуонсардыыбын. Таҥас-сап, битэмиин, үп-харчы, өй-санаа өттүнэн көмө буолабыт. Салгыы үүнэн-сайдан тахсыа диэн эрэллээхпит. Маны сэргэ, Олоҥхо ыһыаҕар, «Тоҕус Томторго» кыттыбыт саха бөҕөһө, табаарыһым Владимир Федоровка эмиэ күүс- көмө, өйөбүл буолабыт. Сахабыт сиригэр успуорт национальнай көрүҥэ сайдарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.
– Бэйэ дьыалатын саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо туох баҕа санааҕын этиэҥ этэй?
– Ханнык баҕарар хайысхаҕа кыра ыарахаттар син биир баар буолаллар, онтон толлон турбакка сөбүлүүр дьарыккытын ылса туруҥ. Оччоҕо үтүө түмүк булгуччу кэлиэ.
– Роман, кэпсээниҥ иһин махтанабын, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, «Сибуя» хампаанньа өссө да үүнэ-сайда турарыгар баҕарабын.
Сунтаарбыт улууһуттан массыына сакаастаан ылбыт дьон элбэх. Кинилэр санаала- рын маннык үллэстэллэр:
Анатолий, Кира Морозовтар:
– Биһиги дьиэ кэргэн олунньуга массыына көрдөммүппүт. Бастаан утаа Дьокуускай биллэриилэрин көрбүппүт, сүүрбүт массыыналар сыаналара үрдүгэ бэрдэ салыннарбыта. Онтон интэриниэт ситимин нөҥүө «SHIBUYA» диэн Японияттан Владивостокка киллэрэр тэрил- тэни булбуппут. Хаһаайыттара биһиги биир дойдулаахтарбыт Сунтаар улууһуттан төрүттээх Роман, Ася Ивановтар буолан, биһиги соһуйбуппут да, табылынныбыт диэн үөрбүппүт да. Кинилэрдиин сибээскэ тахсан билсиһэн, хайдах-туох тимир көлө атыылаһыахпытын баҕарарбытын кэпсээбиппит. Роман тута барытын быһааран, туох хайдах буоларын сиһилии кэпсээбитэ. Хаһан да маннык өҥөнөн туһамматах буолан сэрэхэдийэр санаа баара. Ол да буоллар, дьон санааларын ааҕан, үөрэтэн баран «SHIBUYA» хампаанньаҕа олунньу ортотугар НONDA VEZEL массыынаны сакаастаабыппыт. Роман быһа холоон биһиги эппит суумабытыгар син араас көрүҥнэр бааллар диэбитэ. Дьэ ол курдук көрдөөн хас да массыынаҕа аукциоҥҥа уксан олунньу бүтүүтэ көрдөөбүт массыынабытын сүүйдүбүт. Саамай долгутуулааҕа хаһан кэлэрин кэтэһии буолла. Ол гынан кулун тутар бүтүүтэ «массыынаҕыт Владивостокка кэллэ» диэн биллэрбитэ. Биһиги үөрүү бөҕө буолан кэргэммин Кираны кытта Владивостокка көппүппүт. Тиийээт «SHIBUYA» стоянкатыгар Романы кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, массыынабытын туппуппут. Олус үчүгэй массыынаны көрдөөн, талан киллэрбит эбит. Түгэнинэн туһанан Ромаҕа уонна Асяҕа улахан махталбытын тириэрдэбит! Оттон бэйэм массыынабын атыылаан баран, аны бэйэбэр көрдөннүм. Иннин-кэннин билэр буолан туох да толлугаһа суох тутатына «SHIBUYA» хампаанньаҕа Ромаҥҥа төлөпүөннээн, TOYOTA FIELDER массыына сакаастаатым. Ыам ыйын бүтэһигэр сакаастаабытым оруобуна биир ыйынан бэс ыйын бүтэһигэр кэлбитэ. Эмиэ бэйэм баран сүүрдэн кэлбитим. «SHIBUYA» хампаанньа нөҥүө массыыната сакаастаныҥ диэн сүбэлиэм этэ. Биир дойдулаах уолбут Рома, кэргэниҥ Ася, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар бары кэрэни баҕарабыт!!!
Энвер Саввинов:
– Мин «Сибуя” хампаанньаҕа Ася, Рома Ивановтар өҥөлөрүн туһанан Hyundai Tucson массыынаны сакаастаабытым. Массыына кэлээтин кытта Рома таможняттан бэйэтэ ылан массыынабын удамыр сыанаҕа төлөбүрдээх стоянкаҕа уурбута. Онтон автовоһунан Дьокуускайгы ыыппыта. Массыынаҕа эбии туох ситэри ылыллыахтааҕын начаас булан биэрбиттэрэ. Анисия, Роман түргэн туттуулаахтарын, суобастаахтарын астынным. Чахчы бу эйгэҕэ үлэлэрин толору баһылаабыт, чиэһинэй үлэһиттэр диэн сыаналаатым. Роман дьиэ кэргэнигэр махталбын тириэрдэбин. Үлэлэригэр ситиһиилэри, баайы-дуолу баҕарабыт.
Дьэ, бу курдук сахабыт эдэр ыччата ханна да сырыттар бэйэ дьыалатын тэринэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарыттан киһи үөрэр.
Алёна ИВАНОВА