Сибэкки дьөрбөтүн санатар ытыктар…

Киһи сааһырдаҕын ахсын дьону үөрдээри, тулатын кэрэтитээри, бэйэтин дьарыктаары арааһынан умсугуйар.

Уһун Күөл ытык кырдьаҕаһа Николай Игнатьев бу сайын устата сүүс ытыгы оҥорбут. Аны бу ытыктар атыыга буолбакка, кэргэнигэр Татыйааска «Атыылаама, бэлэхтэтэлээр!», — диэн сорудаҕынан Сунтаарынан, Тааттанан, Чурапчынан, Уһун Күөлүнэн, Москванан тарҕанан күннээх ыаллар күндү бэлэхтэрэ буоллулар.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Татыйаас холоонноох доҕорун илиитин сылааһынан угуттаан уһаммыт ытыктарын бэлэхтээн утары уунардаах саҕа үчүгэй суоҕун итэҕэйдим диир. Аны этэр: «Оҕонньор билигин куорат муодунай уола буола сылдьар», — диэн. Кэлэн хаартыскаҕа түһэллэр үһү, Манньыаттаахха маарыҥнаталлар үһү. Бэрт да бэрт!

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше