Норуот сомоҕолоһуутун күнэ — биһиги, Арассыыйа норуота, биир сомоҕо буолан, дойдубут утары турбут өстөөҕү кыайан, бары уустуктары туораан, судаарыстыбаны бөҕөргөтүүтүн кэрэһилиир, дойдубут үгүс үйэлэрдээх историятын ытыктыырбытын, билэрбитин көрдөрөр бырааһынньык буолар. Бу күн история чахчытынан, 17-с үйэ саҥатыгар буолбут быһыыны-майгыны кытта ыкса сибээстээх. Оччолорго 1612 сыллаахха, тастан саба түспүт өстөөхтөртөн Нуучча сирин көмүскүүргэ нэһилиэнньэ бары араҥата, бары норуоттар туруммуттара. Ол курдук, 1612 сыл Дмитрий Пожарскай уонна Кузьма Минин салалталаах норуот ополчениета Москва куорат Кытай-куоратын поляк сэриититтэн босхолообута. Манан өр сылларга былаас мөлтөөһүнүттэн үөскээбит дьалхааннаах кэм сүрүннээн түмүктэммитэ. 1613 с. ыраахтааҕынан Михаил Романов талыллан саҥа Романовтар династиялара үөскээбитэ. Династия 2-с ыраахтааҕыта Алексей Михайлович уурааҕынан сэтинньи 4 күнэ булгуччу бэлиэтэнэр бырааһынньык олохтоммута.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин инники сайдыытын укулаата өссө сэбиэскэй тутул сылларыгар ууруллубута. 2022 сылга Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтээбиппит. Бу сыллар усталарыгар хаалыылаах Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан РСФСР састаабыгар элбэх омук биир сомоҕо буолан, балысханнык сайдыбыта, устуоруйа кэрдиис кэмнэрин эрдээхтик туораабыта. Норуоттар биир ньыгыл сомоҕолоһуулара – сүүнэ күүс түмүллүүтэ, эйэлээх уонна дьоллоох олох эҥэрдэһиитэ. Арассыыйа ааспыт көлүөнэлэрин улуу кыайыыларын, дойдуга уҕараабат тапталларын уонна бэриниилээх буолууларын кэрэһилиир. Ааспыт сыллар кыайыы көтөллөөх өрөгөйдөрө, норуоттар сомоҕолоһуулара – сэрии хонуутугар уонна үлэҕэ ситиһиилэрбит буолаллар. Ахтан ааһыаҕыҥ дойдубут улуу тутууларын – Днепрогэс, Комсомольск-на-Амуре, Уралмаш, Магнитка, Турксиб, КАмаз, БАМ, Бүлүүбүт Гэһэ уонна да атын баараҕай тутуулар – бу барыта араас омук дьоно, эдэр ыччата, комсомолецтар сомоҕолоһон, биир санааланан айбыт-туппут үйэлээх тутуулара.
Билигин Саха сиригэр сүүстэн тахса араас омук олорор, 75 араас национальнай түмсүүлэр үлэлииллэр, эйэлээх олоҕу туталлар.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ Саха сирин хорсун-хоодуот уолаттара, бэйэлэрин харыстаммакка, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ эйэлээх олох иһин туруулаһан кытта сылдьаллар, атыттарга холобур буолаллар.
Саха сирэ – модун Арассыыйа быстыспат сорҕото. Ааспыт сыллар үтүө өрүттэрин, ситиһиилэрин өрө тутан, Саха дьоно хотуулаах үлэтинэн дойду экэнэмиичэскэй кыаҕын бөҕөргөтөргө дьулуһар.
Раиса ПАВЛОВА, Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ