Сэллик микроба тыыннаах организм таһыгар үөскээбэт. Ол гынан баран сыстыганнаах, тарҕанар куттала ордук сииктээх, хараҥа, салгын сайа охсубат хосторугар уонна сэллик ыарыылаах дьон силлэрэ, убаҕастара-хойуулара, ириҥэлэрэ тохтубут сирдэригэр баар буолар. Сэлликтээх киһи силин, чэлкэҕин кыра да хааппылатыгар сэллик палочката баар, онон кини сыстыганнаах буолуон сөп. Ол гынан баран, сэллик микробун 80-90%-на сэлликтээх киһи ытырдарыгар, сөтөллөрүгэр таһаарар. Олор салгыҥҥа быылы кытта көтө сылдьан, киһи эҕирийдэҕинэ тыынар уорганыгар киирэн сутуйаллар. Ыалдьар киһини кытта кэпсэтэр кэмҥэ эмиэ ыарыыга сыстыахха сөп. Сэлликтээх киһи туттар малыттан-салыттан (таҥаһыттан, тиис суунар суоккатыттан, сыыҥтыыр былаатыттан, аһыыр иһититтэн уо.д.а) уонна кинини кытта уураһыыттан эмиэ сыстыан сөп.
Бу ыарыыны сахсырҕалар эмиэ тарҕаталлар. Сэлликтээх киһи көҕүрэттибит сиригэр олорон баран, түүлээх атахтарыгар сэллик палочкатын сыһыаран илдьэ сылдьан аска, ууга ыарыыны тарҕаталлар. Онон аһылыгы хаһан баҕарар саба сылдьыллыахтаах уонна сахсырҕалары суох оҥоро сатыахха наада.
Ыарыылаах ынах үүтүҥ оргуппакка иһэн эбэтэр этин буһарбакка сиэн, сэллигинэн ыалдьыахха сөп. Эккэ-сииҥҥэ сэллик палочката киирдэ даҕаны, киһи ыалдьыбат. Аҕыйах ахсааннаах микроб киирдэҕинэ организм киниттэн ыраастанар. Араас төрүөтүнэн доруобуйалара мөлтөөн, эмсэҕэлээн сылдьар дьон, үлэлэриттэн сылааргыыр, аһылыктара мөлтөх, санааҕа баттата сылдьар, арыгыһыт, табахсыт, ыарыһах — уопсайынан эттэрэ-хааннара ыарыыга утарылаһар кыахтара мөлтөөн сылдьар дьон ордук дөбөҥнүк ыалдьыахтарын сөп.
Сэллик палочката киһи этигэр-хааныгар өр сыллар усталарыгар ыарытыннарбакка саһан сытыан сөп. Ордук бөҕө эттээх-сииннээх, чэгиэн-чэбчик, доруобай дьоҥҥо итинник буолар. Өскөтүн бу киһи доруобуйата мөлтүүр, аһааҕырар түбэлтэтигэр бүгэн сыппыт микроб көбөн тахсан, тарҕанан ыарытыннарыан сөп.
Сэллик ыарыынан киһи ханнык баҕарар уоргана (тыҥата, тириитэ, бүөрэ,уҥуоҕа, сүһүөхтэрэ, хараҕа уо.д.а) ыалдьыан сөп. Ол гынан баран ордук элбэхтик киһи тыҥата ыалдьар. Ардыгар бу ыарыы хас да уорганы биирдэ ыарытыннарар. Бастаан сэллик микроба лимфа систиэмэтинэн сүүрүгүрэн быччархайдарга сөҥөн хаалар уонна онтон тарҕанар. Микробтар мустубут сирдэригэр киһи килиэккэлэрэ өлөн хаалаллар уонна холбоһоннор улахан баас очага үөскүүр. Маннык очагтартан микроб хаан уонна лимфа систиэмэтинэн устан киһи этигэр-сиинигэр барытыгар тарҕанар.
Тыҥа сэллигэ ордук элбэхтик очаг, тыҥа кэлимсэ бааһырыыта уонна икки өттүгэр тарҕаныыта, сэдэхтик искэҥҥэ кубулуйуута буолар. Сэллик бэргиир кэмигэр бааһырбыт сирэ, килиэккэлэрэ сытыйан, кавернаҕа кубулуйар уонна бронханы кытта сибээстэһэр. Оччоҕо итинник ыарыһахтары «аһаҕас сэлликтээхтэр» дииллэр. Кинилэр силлэригэр сэллик палочката олус элбэх буолар. Ситэтэ суох, эбэтэр сыыһа-халты эмтэнииттэн ыарыы хроническай көрүҥҥэ кубулуйуон сөп. Маннык көрүҥү эмтиир уустугурар.
Сэллиги кэмигэр эрдэ билиэххэ наада. Сэлликтэн үтүөрүү үксүн ыарыы эрдэ булулларыттан тутулуктаах. Төһөнөн эмтэнии эрдэ саҕаланар да, соччонон түргэнник ыарыһаҕы үтүөрдүөххэ сөп. Биһиги дойдубутугар бу ыарыыны эрдэ билэргэ усулуобуйа барыта баар. Үгүс эмп тэрилтэлэрэ рентген кэбиниэттээхтэр, биитэр рентген, флюорография аппарааттара бааллар. Олор кылгас кэм иһигэр сүүһүнэн дьону көрөр кыахтаахтар. Сыллата нэһилиэнньэни барытын көрүү, бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. Бу барыта ыарыы улаата илигинэ эбэтэр биллибэккэ сылдьар даҕаны кэмигэр эрдэ буларга көмөлөһөр.
Ааспыт 2023 сылга улууспут иһигэр 7 сэллик ыарыылаах булуллубута. Ол иһигэр 2-тэ улаатан эрэр обургу оҕо. Онон сэрэхтээх буолуҥ, сыл аайы флюорографияҕа түһэргитин умнумаҥ.
Вера Григорьева, фтизиатр-быраас.