Сэдэх идэлээх Анастасия Колодезникова

Кэрэ аҥаардар араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Былыр былыргыттан сахалар күнү-дьылы кэтээн көрөн бөлүһүөктүүллэр, билгэлииллэр. Онтон күнү-дьылы кэтээн көрөр анал идэлээх дьон туһунан тугу да билбэппитин кэриэтэ. Ыраах сытар Саха сирин тыатыттан Тойбохойтон сылдьар кыысчаан Анастасия Колодезникова урукку кэмҥэ улаханнык ким да билбэт, сэҥээрбэт сэдэх идэтин метеорологияны кытта олоҕун хайдах ситимнээбитин, үлэтин-хамнаһын, сөбүлүүр дьарыгын туһунан кэпсэттибит.

Сунтаарга күн-дьыл туругун кэтээн көрөр үлэһит Анастасия Колодезникова – метеоролог идэлээх. Кини Иркутскайдааҕы метеорологическай техникуму 1987 с. бүтэриэҕиттэн Сунтаар аэропордугар күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиир. Анастасия бастаан үлэлиирин саҕана аҕата кыыһын “мелиоратор” үөрэхтээх, онтон оҕонньорго чугас дьоно быһааран биэрбиттэринэн кыыһа “халлаан үөрэхтээҕэ” буолбута. Ол эрэн, Анастасия “халлаан үөрэхтээҕэ” дииллэрин сөбүлээбэтэҕэ. Кини идэтэ олус суолталаах уонна эппиэтинэстээх. Метеосулууспа күнүстэри-түүннэри күнү-дьылы кэтээн көрөн авиация үлэтигэр төһүү күүс буолар.

– Анастасия, урукку кэмҥэ метеоролог идэтин туһунан билбэттэрин кэриэтэ буолуо, эн хайдах бу идэни кытта олоххун ситимнээтиҥ?

– Урут Сэбиэскэй кэмҥэ “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыы баара. Мин Тойбохой оскуолатын бүтэрэн баран эмиэ урукку ыччат курдук пиэрмэҕэ 2 сыл үлэлээбитим. Онтон  үөрэх туттарса барарга санаммытым. Ол курдук, үөрэх туттарсааччыларга араас үөрэх тэрилтэлэрэ баар хаһыаттарыттан Иркутскайдааҕы метеорологическай техникуму таллым. Улаханнык бу үөрэх тэрилтэтин, манна үөрэтэр идэлэр тустарынан билбэт да буолларбын, киирии эксээмэннэри этэҥҥэ ааһаммын агрометеоролог идэтигэр үөрэнэ киирдим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, Сунтаарга идэбинэн авиаметеостанцияҕа агрометеорологтаабытым. Урут сөмөлүөт күннэтэ көтөрө. Ол иһин, тохтоло суох күн-дьыл туругун кэтээн көрөн авиация үлэһиттэригэр дааннайдарбытын биэрэрбит. Метеоролог үлэтэ олус эппиэтинэстээх. Биһиги сөптөөх көрдөрүүлэри биэрэрбититтэн сөмөлүөт этэҥҥэ көтөрө улахан тутулуктаах. Мин бастаан үлэлиирим саҕана метеорологынан кэлии нуучча дьоно үлэлииллэрэ. Үөрэхтээх, олохтоох дьон суоҕун кэриэтэ этэ. Кинилэртэн мин элбэххэ үөрэммитим, такайыллыбытым. Онтон 1998-2024 сс. диэри Сунтаарга метеорологическай станция начальнигынан үлэлээбитим.  

– Сэдэх уонна эппиэтинэстээх идэлээх далбар хотун үлэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин хайдах дьүөрэлии тутаҕын?

– Мин кэргэммин кытта үлэлии сылдьан билсэн ыал буолбуппут. Кини парашютист этэ. Икки оҕолоохпут. Кыргыттарым билигин үлэһиттэр. Биир кыыһым авиадиспетчер идэлээх, эмиэ авиация эйгэтигэр үлэлиир. Биир кыыһым эмиэ сэдэх идэлээх – көмүс бырамыысалыннаһыгар үлэлиир. Сиэним эмиэ инники идэтин авиацияны кытта ситимниэн баҕарар. Оҕолорум миигин уонна аҕаларын утумнааннар авиация эйгэтин кытта олохторун ситимнииллэриттэн үөрэбин. Үлэбит хонуктаах буолан чугас дьонум өйдүүр-өйүүр буоланнар биир тэрилтэҕэ үлэлээбитим 37-с сылыгар барда. Авиация эйгэтигэр бэриниилээх үлэбин сыаналааннар социалистическай Үлэ Дьоруойа В.И.Кузьмин анал бириэмийэтин туппутум, ону тэҥэ Арассыыйа метеосулууспатын бочуоттаах үлэһитэ буолбуппунан киэн туттабын. Иллэҥ кэммэр олус элбэх дьарыктаахпын. 50 сааспар тиийэн баран олохпор саҥа сүүрээни киллэриэхпин баҕарбытым. Ол иһин, испэр бүгэ сылдьыбыт айар-тутар талааммын арыйан саҕалаабытым. Ол курдук, араас маастар-кылаастарга сылдьаммын иискэ үөрэммитим. Таҥас быһар (закройщица) үөрэҕэр киирэн билиибин хаҥаппытым. Бу билиим эмиэ олохпор олус туһалыыр. Чугас дьоммор араас сахалыы моһуоннаах таҥас тигэбин. Ону таһынан, оҕуруонан араас киэргэллэри оҥоробун. Бу дьарыкпын эмиэ олус сөбүлүүбүн, дуоһуйууну ылабын. Дьарыктарым таһынан олоҕум ыра санаатын олоххо киллэрэн үҥкүү алыбар ылларан “Чэлгийэ” ансаамбылга сылдьабын. Онон сааһырдым диэн биир сиргэ бүгэн олорбоппун, дьарыгым олус элбэх. Хас биирдии киһи сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына олохтон дуоһуйууну уонна астыныыны ылар.идэидэ

– Метеоролог идэлээх киһиттэн элбэх киһини долгутар ыйытыгы биэриэхпин баҕарабын. Аан дойдуга климат уларыйан эрэр дииллэр. Сунтаарга быйыл хаһааҥҥытааҕар да сымнаҕас кыһын ааста. Маныаха эн санааҥ…

– Кырдьык даҕаны, быйыл кыһыммыт атын дьыллардааҕар сытыары сымнаҕастык ааста. Ол эрэн, өр сыллаах күнү-дьылы кэтээн көрөрбүнэн маннык сылаас күн-дьыл турбута син биир сыллааҕы халлаан туругун орто температуратын ситиһэр. Ол аата атын дьыл кэмэ тымныы, сөрүүн буолуон сөп.  

– Кэрэ куоларга баҕа санааҥ…

 

– Кэрэ куоларга саамай сүрүнэ доруобуйаны баҕарабын. Дьахтар киһи тулатын кэрэнэн толорор аналлаах. Маныаха кэрэ аҥаардар доруобуйабыт чэгиэн туруктаах буоллаҕына ис кэрэбит толору арыллар.  Онон хас биирдии кэрэ куо, сааһыттан тутулуга суох, бастаан бэйэтин доруобуйатын көрүнүөхтээх. Доруобай дьахтар – дьоллоох дьахтар диэн этиини кытта сөбүлэһэбин.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше