Бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Элгээйигэ тутулла турар врачебнай амбулатория тутуутун билсэ кэллэ.
Бу эбийиэк РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн «Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы» бырагырааманан тутулла турар.
Ол курдук, Георгий Степанов эбийиэги көрөн, былаантан хаалыы баарын бэлиэтээтэ. Национальнай бырайыактар үөһээттэн улахан хонтуруолга сылдьаллар, ол иһин, тутуу хаачыстыбатын түһэрбэккэ үлэни тэтимин түргэтэтэн биэриэххэ наада диэн ыйыы биэрдэ.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ