Эдэр дьон Сардааналаах Гриша сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттара номнуо 10 сыл буолла. Бу сыллар тухары кинилэр тапталлара намыраабат, төптөрүтүн сылын ахсын бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэр.
Ыал ийэтэ Сардаана үс күннээх Күндэйэҕэ күн сирин көрбүтэ. Кини аҕата Савва Владимирович улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибит туруу үлэһит киһи, оттон ийэтэ Ольга Николаевнаны нэһилиэк дьоно олус минньигэс килиэптээх биэкэринэн билинэллэр. Эһээлээх эбээҕэ сиэннэр — кэтэһиилээх күндү ыалдьыттар. Оҕолор эбээ минньигэс аһын сиэн, астыырга көмөлөһөн, дьиэ ис-тас үлэтигэр илии-атах буолан күннэрин барыыллар, эһээ сэргэх сэһэнин, кэрэ кэпсээнин истэн, сүбэтин-соргутун ылан элбэххэ үөрэнэллэр. Саввиновтар күн сиригэр 3 кыыс оҕону көрдөрбүттэрэ. Сардаана ортоку кыыстара.
Эдэр ыал аҕа баһылыга Гриша Кэмпэндээйиттэн төрүттээх, эмиэ Күндэйэҕэ төрөөбүтэ. Григорий Егорович Чолбодуков сиэнэ. Гришалаах бииргэ төрөөбүттэр түөртэр. Ийэлэрэ Вера Николаевна Сунтаардааҕы киин балыыһаҕа терапия отделениетыгар үлэлиир, Оттон аҕалара Сергей Григорьевич ОДьКХ-ҕа оператордыыр. Онон кинилэр дьон олоҕо тупсарыгар, доруобуйата көнөрүгэр бэйэлэрин кылааттарын ууран үлэлиир дьон буолаллар.
Гриша СӨ «Якутлесресурс» ГАУ Сунтаардааҕы филиалыгар — бульдозерист. Сардаана «Ньургуһун» уһуйааҥҥа иитээччи көмөлөһөөччүтэ. Эдэр ыал кыргыттарыгар сахалыы аат биэрбиттэрин киэн тутта кэпсииллэр. Ол курдук, улахан кыыстара Чэмэлиинэ 3-с кылаас үөрэнээччитэ. Ыал улахана буолан, дьиэҕэ көмөтө элбэх. Орто кыыс Уйгууна 8 саастаах, кыралара, мурун бүөтэ Саргылаана оҕо саадыгар сылдьар. Кыргыттар дьиэлэригэр анал эбээһинэстээхтэр, ким эрэ иһит сууйар, ким эрэ дьиэ хомуйар. Кырачаан Саргылаана эдьиийдэрэ үлэлиллэрин көрөн турбат, мин кырабын диэбэт. Барытыгар иилиҥкэйдэһэн, ардыгар аҕастарыттан дьарылла да сыыһар.
Бу элбэх оҕолоох Чолбодуковтар сынньалаҥнарын олус туһалаахтык атаараллар. Өрөбүл күннэргэ бары тутуспутунан дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэн баран, Күндэйэҕэ, Сунтаарга олорор эбэлэригэр, эһэлэригэр күүлэйдии бараллар. Аймахтарынан бары мустан бырааһынньыктары, тэрээһиннэри ыытыллар. Онно барытыгар оҕолор баар буолалларын ситиһэ сатыыллар. «Оҕону маннык илдьэ сылдьар дьонун, аҥаардас ийэтин аҕатын эрэ буолбакка, саастаах көлүөнэ аймахтарын кытары чугас, истиҥ сыһыаннаах буоларыгар олук буолар. Бэйэлэрин саастыы аймах оҕолору кытары бииргэ улааталлар, оччоҕо кэлин бэйэ бэйэни өйөнсөн, удьуор ситимин олохтууллар» диэн ыал ийэтэ Сардаана сөпкө этэр.
«Оҕону иитиигэ оһуоба оннук уратыбыт суох, ханнык баҕарар төрөппүт курдук, оҕолорбут дьоллоох оҕо саастаах буолалларыгар кыһанабыт. Ол туһуттан бэйэбит доруобуйабытын көрүнэ сылдьабыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү, үтүөнү баҕарабыт. Оччоҕо ол үтүө санаабыт энергията биһиэхэ, оҕолорбутугар дьайан бары чэпчэкитик сылдьар буолабыт», — диир кини.
Кырдьык, да оннук, Чолбодуковтар кэрэ, сырдык санаалаах ыал. Бу саҥа сыл үүнүөн аҕай иннинэ оҕолорун, чугас дьоннорун үөрдээри үрүҥ эһэ көстүүмүн сакаастаан ылбыттара. Онтуларын кэтэн чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр, аймах оҕолор бырааһынньыктарыгар сылдьан соһуччу бэлэх оҥорбуттара. Бастаан ыал ийэтэ маннык толкуйдаабытын кэргэнигэр кэпсээбитин биирэ өйөөбүт. Ол эрэн бастаан, үөрүүтүн таһыгар таһаарбакка, биллэрбэккэ, доҕорбун өйүүбүн эрэ диэн санаалаах сылдьыбыт. Онтон Сардаана аҕатын төрөөбүт күнүгэр соһуччу бэлэх буолан кэргэнэ көстүүмү кэтэн тиийэн эҕэрдэлээбитигэр, аҕалара олус үөрбүтүн көрөн, олус да астыммыт, дьоммутугар кыра да буоллар үөрүү бэлэхтиибит диэн. Маннык улахан да улахан көстүүмнээх элбэх аймахха сылдьан, саастаах да, оҕо да бырааһынньыгын олус киэргэппиттэр. Аны туран, Саҥа дьыллааҕы утренниктарга тэрилтэлэр Чолбодуковтары ыҥыран бырааһынньыгы киэргэтэн, дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээбиттэр.
Сардаанаттан бу саҥа саҕалааһыҥҥытын кэҥэтэн, бэйэ дьыалатын арынар санаалааххыт дуо? диэн ыйыттым. Онуоха кини: «Дьэ, билигин итинник санаа киирэн эрэр. Уопсайынан, дьоҥҥо анаан оҥорор өҥөнү бэйэҥ ис сүрэххиттэн сөбүлүүр буоллаххына арыныахха сөп диэн толкуйдаахпын. Ити бастаан бэйэбит дьиэ кэргэммитигэр анаан атыыласпыт көстүүммүт этэ. Онтон ити салҕанан, саҕыллан барда. Билигин биисинэс-былаан оҥостон, бэйэ дьыалатын арынары толкуйдуом диэн санаалаахпын, оттон сатанар ини», — диир.
Үс оҕо ийэтиттэн судаарыстыба өттүттэн элбэх оҕолооххутунан туох көмө ыллыгыт диэн ыйытыыбар, ийэ хапытаалын туһаммыппыт, ону сэргэ уһаайба ылбыппыт диэн астына кэпсиир. «Быйыл дойдубут бэрэсидьиэнэ дьиэ кэргэн суолтатын үрдэтэр сыаллаах Дьиэ кэргэн сылын биллэрдэ дии. Владимир Путин билигин дьиэ кэргэн төрдүн-ууһун үөрэтии бастакы күөҥҥэ тутулларын бэлиэтиир. Кини киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билиэхтээх, норуотун историятын, киэн туттар дьонун билиэн-көрүөн баҕарара ордук күүһүрдэ диир. Мин санаабар, биһиги дьиэ кэргэн аймахтарбыт бырааһынньыктарыгар, дьоро күннэригэр барытыгар кыргыттарбытын батыһыннара сылдьан тэрийсэрбит бэрэсидьиэммит ити этэр төрдү-ууһу билиигэ дьон тардыһар диир этиитигэр сөп түбэһэр курдук. Онон биһиги бэрэсидьиэммит ыытар политикатын сөпкө тутуһан иһэбит дии саныыбын», — диэн Сардаана санаатын этэр.
Дьэ, ити курдук, олус сырдык, кэрэ санаалаах эдэр ийэлиин кэпсэтэн, астынным, дуоһуйдум.
Яина ВЛАСЬЕВА