Сара Заболоцкая: «Сунтаарбыт дьоно, Сахабыт сирин хамаандаларыгар ыалдьыҥ»

Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт үөрэнээччитэ Заболоцкая Сара VIII «Азия оҕолоро» оонньууларыгар Саха сирин иккис хамаандатын чиэһин кыргыттар тустууларыгар көмүскүөҕэ.

Кини оонньуулар саҕаланыахтарын иннинэ санаатын маннык үллэһиннэ:

~Күрэхтэһиигэ Саха Сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирээри сыл устата элбэх күрэхтэри ааспытым. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбит иһигэр, Арассыыйа таһымыгар уонна атын дойдуларга сүүмэрдиир дьарыктарга үгүстүк сылдьыбытым. Тэрээһинэ олус үрдүк. Биһигини Студгородок 67 корпуһугар түһэрбиттэрэ, онно Саха сирин 1-кы, 2-с хамаандалара уонна Казахстантан, Бурятияттан, Сирияттан, Пакистантан бааллар. Аһаталлара олус үчүгэй, аспыт наһаа минньигэс.

Атын күрэхтэһиилэртэн «Азия оҕолоро» таһыма үрдүк буолара биллэр, ону кыттааччыта элбэҕэ туоһулуур.

Бурятия хамаандатын кыргыттарын кытта билсиспитим.

Сунтаарбыт дьонугар Сахабыт сирин хамаандаларыгар ыалдьыҥ диэн этиэм этэ.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ 

Читайте дальше