Сайаҕас салгыннаах самаан сайын сатыылаата. Сарсыарда Сандаара санныгар суумка сүгэн, сырдыгы сырса сайылыкка сатыы сырыста. Сыһыыга сибэкки сиэдэрэйдик симэммитин сөбүлүү сэргээтэ. Соторунан суолунан сылгылар сырыстылар. Сандаара соһуйан сарылаата. Сонно соноҕос сиргэнэн суола сойдо.

Сандаара салҕыы сайылыгар суолун салҕаата. Саппыкытын соһон-сыһан сордонно. Сыырга сүрдээҕин сылайан, сүрэҕэ сэлибирээтэ. Сөрүүҥҥэ сынньанарга сананна, сиргэ сөһүргэстии сытынна. Сэбирдэхтэр суугунаан санаатын санньыартылар. Сирэйигэр сиккиэр сылаас салгын сэрэнэн сипсийдэ.

Саҥа сиидэс саһархай сибэккиилээх сараппаанын сиэбиттэн саахар сиэри сыыһа салайан, сиргэ суулларда. Саахар сыта салгыҥҥа сүрдээҕин саба саайда, сонно сэргэх сахсырҕа сэрэнэн-сэрбэнэн саахарга сананна. Саһан сытан сытыы, сыыдам сырыылаах суор «сибилигин сиэм» санаалаах сахсыр5аны сабардаата. Сордоох сахсырҕа соһуйан сарыкынаата, суор ситэрдии ситэн сэрэппэккэ сиэтэ.

Сандаара сөрү сөхтө, сулбу сымсатык сибэккиилии сүүрдэ. Сибэккиилээн сылаанньыйан суумкатыттан сөрүүн суогу,  сууламмыт сакалааты сокуускалаан сиэтэ.

Сүүрүгүрэн субулла сытарын сүрдээҕин сөбүлээн, сөтүөлээн сөрүүккүүр санаата силигин ситтэ. Салҕыы сиик салгыҥҥа, сиргэ симэлийэ сүттэ, сөрүүн сатыылаата. Сандаара санаарҕаата, сайылыгын санаан санаалыын санньыарда.

Соҕурууттан сайылык суолун самосвал сындыыстанан-сырылатан субу ситэн соһутта. Сандаара сапсыйан салыбыратта. Сындыыс сырыылаах Сэмэн Сэмиэнэбис суоппар сөбүлэһэн, Сандаара санаатын ситистэ. Суолга сэргэхтик сэһэргэһэн, сэргэстэһэн сэргэхсийдилэр. Сайылыгын сырдыгын сырса, санаатын ситэн сөптүк ситистэ.

Саҥаһа Сардаана сандалытыттан суоратын, сүөгэйин, саламаатын, соккуойдаммыт соботун сиэн, сылайан сылаатын симилитээри сынньанардыы санаан сэмээр сытта. Сып-сымнаҕас сыттыкка, сиэдэрэй суорҕанынан саба саптан сылаанньыйда.

Саргылаах санаатын сааһылаан сарсыҥҥыга сыалланна.

Никита НИКОЛАЕВ,

Сунтаар оройуонун  МБОУ “СПТЛ-И”

5 “в” кылааһын үөрэнээччитэ

Читайте дальше