Алтынньы 3 күнүгэр Сунтаар нэһилиэгэр Владимир Павлов аатынан уулусса өрөмүөннэнэн үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Суол өрөмүөнэ «Развитие транспортного комплекса РС(Я)» диэн өрөспүүбүлүкэ тосхолунан барда. Бу бырайыак үбүлээһинин өрөспүүбүлүкэ, Сунтаар улууһа, нэһилиэгэ уйунна.
Суол аспааллааһынын “Сунтаравтодор” ХЭТ тэрилтэ толордо. Суол бастакы түһүмэҕин “Сунтарцеолит” ХЭТ уонна “Сунтар” МАУ тэрилтэлэрэ ыыппыттара. Бу күн суол өрөмүөнүгэр үлэлэспит тэрилтэлэри, үлэһиттэри бэлиэтээтилэр, махтал суруктары туттардылар. Олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс. Тиэхиньикэ сырыыта олохтонно, билигин бу түөлбэ олохтоохторо көнө суолунан сылдьыахтара турдаҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА