Өндөрөй киэһээҥи хотонун үлэтин үмүрүтэн, уоскуйан дьыбааныгар өттүгэстээн эрдэҕинэ төлөпүөнэ өрө тырылыы түстэ. Ылан истибитэ, кулууп Машата бэрт минньигэс бэйэлээхтик кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ. Кыыс куолаһын истээт , туохха эрийбитин тута сэрэйдэр даҕаны, сурастаҕа буолла. Кулууп кэрэчээн кыыһа, киниэхэ эрэ анаан, сылга биирдэ , хайаан да Саҥа дьыл чугаһыгар эрийэр, кини баарын умнубакка дьэ саныыр. Аныгы сиэринэн куоталаһа-куоталаһа хаартан, муустан, балбаахтан араас оҥоһугу оҥороллор аххан. Оттон ону оҥорууга Өндөрөй иннигэр түһэр бу түөлбэҕэ суох. Быйыл даҕаны тугу, хайдах оҥорон дьону сөхтөрөрүн саныы сытан былырыыҥҥы Саҥа дьыллааҕы сахсааны санаан сонньуйан ылла.
Былырыын, дьэ түөлбэнэн түрүлүөн бөҕө буолбуттара. Саҥа талыллыбыт түөлбэ хотуна Дьуунньа обургу түөлбэ ортотугар баар оҕолор оонньуур ытыс саҕа ырааһыйаларыгар дьуолка туруортаран, хаарынан Тымныы оҕонньору, Хаарчаананы, араас кыыллары оҥорторон, оҕолуун-улаханныын бары түбүгүрбүттэрэ. Онтон өссө оруобуна 12 аҥаарга бары мустан сөлүүт ытыахпыт, атын түөлбэлэри сөхтөрүөхпүт диэн сөлүүтү бэлэм гынарга, эһэргэ арахсыспат атастыылары Витектаах, Васегу анаабыттара. Барыта силигэ ситэн, кинилэр түөлбэлэрин дьуолката, хаар оҥоһуктара үчүгэйэ кыра дэриэбинэ түөрт түөлбэтин тилийэ көппүтэ. Ону барытын салайан, нарылаан оҥорбут Өндөрөй сүөм үрдээн сылдьара.
12 чааска бэрт ыксалынан, кураан тыаһын кытта сампааннарын өрө тэптэрэн эҕэрдэлэһээт сөлүүккэ тахсаары сахсаҥнаһыы буолбута. Түннүгүнэн, дьуолка сырдыгар кыһайан көрдөххө, сөлүүт эһиэхтээх уолаттар адаарыҥнаспыттара ыраатта, дирбиэн-дарбаан муусуканы холбообуттара дуорайан олороро. Хойутаары гынныбыт диэн диэн дьоннорун ууга-уокка түһэртээн ,Өндөрөй бастаан тахсар кэлииккэтин диэки баран испитэ. Кыра уола Гаанньыска ыта Борбуостуун ситэн ааһан, кэлииккэ лап гына сабыллар тыаһа иһиллэн хаалбыта. Арай , эмискэ эстэр тыас баһыгыраабытыгар халлаан диэкки хантайбыта хабыс-хараҥа этэ. Тугу да өйдөөбөккө аанын аһыах курдук буолбута уола ытынаан:” Хаптаай!“ — диэн хаһыытаабытынан ойон киирэн олбуорга сөрүөстүбүтэ. Өндөрөй аармыйаҕа сылдьан хамаанданы толоро үөрүйэҕинэн үрдүк күрдьүккэ хаптайан ньимис гыммыта. Даллайан туран хаалбыт кэргэнин кэтэҕиттэн баттаан илдьэ түспүтэ. Үс мас бүтэй күрүө үрдүнэн-аннынан араас өҥнөөх уоттар субуруҥнаспыттара. Эргийэ сылдьан ытыалаан бардырҕатан Байбаллаах лиис олбуордарыгар түһэн бачыгыраабыта, тоҥ балбаахтан тэйэн туора-маары субуруҥнаабыта. Ол сытан иһиттэҕинэ дьуолкаҕа эрдэ кэлбиттэр хаһыылара,  куотуулара, илиитин дэҥнээбит уол сарыта-орута сүрдэммитэ. Атах оонньуутугар иннин кимиэхэ да биэрбэт Куобах Куола атаҕын аннынан уоттар субуруҥнаспыттарыгар үрдүгү ойор курдук өрө көтө-көтө сүүрэн тоҥ балбаах кэтэҕэр түспүтэ. Бүөккэлээх дьиэ таһыгар аһата турбут тыйдара, көлүнэр аттара күрүөнү көҥү көтөн тыаҕа түспүттэрэ. Собус-соҕотоҕун эргийэ сылдьан ытыалаан баран уонча мүнүүтэнэн сөлүүт ытан бүппүтүгэр дьиэ муннугуттан, тиэллээри кыстаммыт балбаах кэнниттэн, кэлииккэ быыһыттан, күрүө анныттан куттаммыт харахтар өр кэтии турбуттара. Онтон билбиттэрэ, сөлүүт эһээччилэр олохтоохтук олордьу олордубакка, сөлүүттэрэ охтон, эргийэ сылдьан ытыалаан көрөөччүлэрин куоттартаабыт.
Өндөрөй сэрэхэдийэн хотонугар киирбитэ үс торбоһо долборуктарын соспутунан ааҥҥа кэлэн тураллара, хамната турбут ынаҕа төрөөн, кунан быатын быһа түһэн хотон иһигэр түүннэри долборук саайан, саҥа төрөөбүт ньирэйи ньылбыраҥнатан туспа атыыр айдаан буолбута.
Хабырыыс обургу халыҥ хамаандатын кытта, хата, хаар халыҥ буолан, суол хайыҥын кэннигэр түһэн быыһаммыттарын хас да күн халыта-халыта кэпсээн оҥостубута. Таһаараа ыаллара тыйдарын кый мээнэ сүүрбүттэрин үс күн тура тэбинэн көрдөөн булбуттара. Борбуос сордоох нэдиэлэ кэриҥэ уйатыттан быкпакка, аанньа аһаабакка, хайдар аҥаара хаалбыта, кэлэри-барары үрэрэ тохтообута, онтон дьэ сыыйа уоскуйан бэттэх кэлбитэ.

Онон былырыыҥҥы Саҥа дьыл уол илиитин дэҥнээн, кыыл-сүөл куттанан кута хамсаан бэрт дьалхааннаахтык саҕаламмыта.
Быйыл баҕас түөлбэҕэ сөлүүтү бобор эрэ буоллахтарына хаар-муус оҥоһук оҥоруом диэн Өндөрөй бигэ санааны ылынна.

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Читайте дальше