Бэрт сотору күүтүүлээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыга, уһун өрөбүл буолуохтара. Буоларын курдук бу кэтэһиилээх кэрэ кэмҥэ дьон-сэргэ дьиэтин-уотун киэргэтиэ, ыал аайы симэммит харыйа лаглайыа. Хараҕы үөрдэр чаҕыл гирлянда, уоттаах-күөстээх оонньуурдар, тыастаах-уустаах салюттар – бу барыта киһи эрэ кэрэхсиэх, бырааһынньык кутун иҥэриэх кэрэ көстүүлэр. Ол эрээри сыыһа туттууттан, сэрэҕэ суох буолууттан күлүмүрдүүр уоттарбыт алдьархайга тиэрдэр кутталлаахтарын умнуо суох кэриҥнээхпит. Кытарартан сэрэхтээх буолууга ханнык сүрүн быраабылалары тутуһуохтаах эбиппитин билээри Сунтаардааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһын караул начальнига Липпэ Талбан Эҥэнтэй уолун кытта кэпсэттибит.
– Бу буолаары турар үөрүүлээх-көтүүлээх сынньалаҥ күннэр үчүгэйдик, этэҥҥэ ааһалларыгар уоттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһуох тустаахпыт. Бу кэмнэргэ дьон элбэхтик пиротехниканы, уоту-күөһү хото туттар буолан, уот туруутугар тоҕоос үөскүүр, куттал улаатар кэмэ. Дьон халлаан тымныйан оһохторун оттоллор, эбии ититэр тэриллэри холбоноллор. Өр кэмҥэ оттуллубакка турбут оһоҕу оттуох иннинэ хайаан даҕаны ураата (дымоход) бүтүнүн үчүгэйдик көрөр ордук. Маны таһынан оһоҕу кэмиттэн кэмигэр курунньугуттан ыраастыы сылдьыллыахтаах. Эбии ититэр тэриллэр сөпкө үлэлииллэрин көрүҥ. Итийбэтин диэн кэмиттэн кэмигэр арааран сойутар аптамааттара алдьанан, розетка итийэн умайан тахсар түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы.
– Саҥа дьылы көрсөргө салют, фейерверк ытааччылар туох быраабыланы тутуһуохтаахтарый?
– Пиротехника хайаан да сэртипикээттээх, анал маҕаһыынтан ылыллыбыт буолуохтаах. Атыылаһарга тас коробката бүтүнүн, сиигирбэтэҕин көрүллүөхтээх. Онно оҥорбут тэрилтэ аадырыһа, төлөпүөнүн нүөмэрэ сурулла сылдьыахтаах. Инструкциятын толору ааҕан тутуһуллуохтаах. Куттала суох зона диэн ыйыллыбыт буолар, дьиэттэн, дьонтон төһө тэйиччи сиргэ ууран ытыллыахтааҕа. Маны таһынан салют, фейерверк ытар сир чугаһыгар уот линията, мастар суох буолуохтаахтар. 30 м радиуска туох да суох буолара ирдэнэр. Күүстээх тыалга ыппат ордук. Манна уматар киһи улахан эппиэтинэстээх. Ытар салютун коробкатын сиргэ тирэхтээх гына уурара ирдэнэр, илиигэ эҥин тута сылдьан уматыллыбат. Аны ытан бүттэххэ коробканы 5 мүнүүтэ иһигэр тыытыллыбат. Бу эстэр тэрил таһыгар табахтыыр бобуллар. Көрөр дьон 15 м тэйиччи туруохтаах. Манна, уопсайынан, пиротехниканы сөбүлээн ытар дьон бэйэлэрэ улахан эппиэтинэһи сүгэллэрин умнуо суохтаахтар. Тус бэйэм, бу диэн эттэххэ, айылҕа барахсан утуйар кэмигэр халлааны хайытан тыас-уус тахсарын соччо биһирээбэппин. Кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри уйгуурдар күннээҕи көрүнньүктэн туттунабын.
– Дьиэни гирлянданан симиир туһунан эттэххэ?
– Гирлянданы, лаампалаах уокка холбонор киэргэллэри эмиэ сэртипикээттээхтэри эрэ ыларга дьулуһуҥ. Дьиэттэн тахсан бараргытыгар араара сылдьыҥ. Харыйа дьиэ эркинигэр (истиэнэҕэ) уонна үрүтүгэр, итийэр тэриллэргэ сыстан туруо суохтаах. Гирлянданы хайаан да тарҕата тутуллуохтаах. Бэйэ бэйэтигэр ыксары чөмөхтөммүт лаампалар итийэн умайан тахсар кутталлаахтар.
– Быһылаан тахсар түгэнигэр хайдах дьаһаныахха?
– Уот күөдьүйэр түгэнигэр тута мобильнайтан 101 (стационартан 01) эбэтэр 112 нүөмэргэ эрийэн биллэриллиэхтээх, аадырыһы этиллиэхтээх. Саҥа саҕаланан эрэр баһаарга умайыы источнигын электричествоттан арааран, саҥардыы саҕыллан эрэр уоту покрываланан дуу, кытаанах (сибиэ) таҥаһынан дуу саба быраҕан умулуннарыахха сөп. Буруо ордук кутталлаах, үгүс дьон ону өйдөөбөт, киһи аҕыйахта эҕирийдэ да өйүн сүтэриэн сөп.
– Сыллата ыытар сэрэтэр үлэҕитин сырдата түһүөҥ дуо?
– Сыллата баһаартан сэрэхтээх буолууга ыалларынан сылдьан инструктаж ыытабыт. Онно, бастатан туран, АДПИ (пожарный дымовой извещатель) туруоруналларыгар сүбэлиибит. Бу баһаар буолаары гыммытын, буруо баарын биллэрэр батарыайанан барар тэрил. Бу тэрили аахсыйанан быйыл анал байыаннай дьайыыга барбыттар дьиэ кэргэттэригэр, элбэх оҕолоохторго туруорбуппут. Билигин үгүс ыал АДПИ-ны туруорунна. Бу олус туһалаах тэрил диэн бэлиэтээн этэр тоҕоостоох. Сорох дьон ас буруолаатаҕына, сорохтор табахтаары арааран баран холбууру умнан кээһэллэрэ баар суол. Маннык араара-холбуу сылдьыбакка, ирдэбил быһыытынан дьиэ үрүтүгэр (потолокка) туруордахха кыра буруоҕа тыаһыы турбат тэрил.
– Аҕааччыларга баҕа санааҥ.
– Уокка сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуохтара диэн баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ эрэнэбит, бука барыгытыгар, чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
Марфа ИВАНОВА