Саҥа автобустар хайдах сылдьыахтарай?

Сунтаар улууһун баһылыга А.В.Григорьев сайаапкатынан Саха сирин бырабыыталыстыбата федеральнай казначействотыттан чэпчэтиилээх кирэдьиити туһанан Сунтаарга 5 саҥа автобус кэллэ. Саҥа автобустар сырыыларын билсэ, үөрэтэ (От ыйын 2023с. Сунтаар улууһун дьаһалтата көҕүлээһининэн саҥа тэриллибит)   МАУ “Автотранспортное предприятие” (салҕыы МАУ “АТП”) тэрилтэ салайааччытын Елена Яковлеваны кытта Сунтаар устун айаҥҥа туруннубут.

Салҕыы ааҕааччыларбытыгар саҥа автобустар ис барааннарын, маршруттарын сырдатыахпыт. Тутатына саҥа автобус киирэр ааныттан дьоҥҥо табыгастааҕа көстөр. Ол курдук, автобуска киирэр үктэл намыһах, арыллар аана кэтитэ доруобуйаларынан хааччахтаах, кэлээскэлээх ийэлэр айанныылларыгар анаммыт курдук. Автобус иһэ киэҥ-куоҥ, 17 олорор миэстэлээх. Улахан түннүктэрдээх буолан салон иһэ сырдык, көстүүтэ киэҥ. Тэрилтэ салайааччыта Елена Яковлева өр кэмҥэ ЖКС тэрилтэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, суол-иис хаһаайыстыбатыгар баай опыттаах салайааччы буолар.

— Үтүө күнүнэн, Елена! Түргэн кэминэн кэпсэтиини олохтообуккар уонна тус бэйэҕинэн саҥа техникаларгын көрдөрө тахсыбыккар махтанабыт. Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?

-Үтүө күнүнэн! Мин Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлиэхпиттэн төрөөбүт Сунтаарбар үлэлии-хамныы сылдьабын. 12 сыл ЖКС тэрилтэтигэр юриһынан кэлин экономиһынан үлэлээтим.

-Эһиги тэрилтэҕитигэр 5 саҥа автобус кэллэ. Биһиги хаһыаппыт ааҕааччылара бу автобустар хайдах сүүрүөхтэрэй диэн олус интэриэһиргииллэр.

-Суол-иис хаһаайыстыбатыгар саҥа тэрилтэ буоларбыт быһыытынан техникабыт элбэҕэ суох. Быйыл саҥа 3 “ПАЗ” автобустар уонна 2 «Газель сити» диэн дьону таһар саҥа техникалар кэллилэр. Нэһилиэнньэ бу саҥа техникаларбыт туохха ананалларын сөпкө өйдөөн олорор. Ол курдук, Сунтаар улууһугар саамай улахан нэһилиэнньэлээх киин сирбитинэн Сунтаар нэһилиэгэ буолар.Нэһилиэк олохтоохторо мэлдьи автобус сырыытын туруорсаллар. Ол иһин, бу саҥа автобустар Сунтаар нэһилиэгин иһигэр сүүрүөхтэрэ. Билигин нэһилиэк иһинэн сүүрэр автобустар сырыылара пилотнай бырайыак быһыытынан үлэлиир. Ол аата, нэһилиэнньэ баҕатын көрөн, табыгастаах маршруту оҥоробут. Онтон табыллыбытын айаҥҥа таһаарабыт.

-Сорох дьон автобус тохтобула ханна баарын билбэт эбит?

-Биһиги тэрилтэ күннэтэ автобус бириэмэтигэр, алдьаммакка сүүрэригэр үлэлиибит. Онтон автобус тохтобулларын нэһилиэк дьаһалтата сүрүннүүр. Көрүүтүн-истиитин кинилэр хонтуруоллууллар. Салҕыы автобус тохтобулугар чопчулааһыҥҥа, көрүүгэ-истиигэ үлэлэһиэхпит.

-Автобустар хас чаастан сүүрэллэрий?

-Автобустар сарсыарда эрдэ тахсаллар. Үөрэтэн көрүү түмүгүнэн автобуһунан ордук оскуола үөрэнээччилэрэ сылдьаллар. Ол иһин, үөрэх режимыгар сөп түбэһиннэрэн маршруппутун оннук оҥоробут. Ол курдук, алын сүһүөх оскуолатыгар автобустар Хомустаахтан сарсыарда 8.00ч. , ПМК оройуонуттан 8.20ч. , Химияттан Сбербанк тохтобулугар 8.05ч., Партизан Сунтаар 1№-дээх оскуолатыгар 8.15ч. кэлэр. Оҕоҕо бырайыас 25 солк., улахан дьоҥҥо 50солк. Киэһэ үлэ чааһа бүтүүтүн көрөн киинтэн оройуоннарга айанныыллар.

-Бу саҥа автобустар нэһилиэктэр икки ардыларыгар сүүрүө дуо?

-Хомойуох иһин, саҥа автобустарбыт пассажирдары харыстыыр ременэ суохтар. Ол иһин, тыаларга сылдьар автобуснай маршруттарга туруоруллубат. Анал ирдэбиллэри үөрэтэн көрүөхпүт.  Нэһилиэнньэ баҕатын ылынабыт.

-Олохтоох дьон автобус сырыытын туһунан этиилэрин, санааларын ханна, хайдах быһыылаахтык биэрэллэр?

-Биһиги тэрилтэ дьону таһар өҥөнү оҥорорбут быһыытынан автобус сырыытынан туһанааччылар санааларын истиэхпитин баҕарабыт. Сунтаар нэһилиэгэр түөлбэлэр олус үчүгэйдик үлэлииллэр диэн көрөбүт. Бастаан маршрут оҥорорбутугар ТОСтар салайааччыларын кытта элбэхтик кэпсэтэн, көрсүһэн, мунньахтаан баран автобус маршрутун оҥорбуппут. Бэйэҕит этиилэргитин, санааларгытын ТОСтар салайааччыларыгар, түөлбэ социальнай ситимнэригэр этиниэххитин сөп. Хас биирдии этиини биһиги болҕомтоҕо ылабыт, үөрэтэбит.

-Саҥа автобустар айаҥҥа тахсыбыттарын истэн дьон сырыыта элбээтэ дуо?

-Биһиги көрөрбүтүнэн автобуһунан ордук оскуола оҕолоро сарысарда өттүгэр туһаналлар. Онтон күнүс өттүгэр дьон сырыыта тохтуу быһыытыйар. Олохтоохтор автобуска үөрэннэхтэринэ, тохтобула суох сырыыны олохтуохпут. Урукку өттүгэр икки автобуһу чааһынай киһиттэн уонна оскуолаттан уларсан сүүрдэр этибит. Автобус маршрутка тахсыбат да түгэнэ баар буолааччы. Билигин тохтобула суох сүүрэн дьону режимҥэ үөрэтиэхпитин наада. Билигин ньочооттоох соҕустук үлэлии олоробут. Онон Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторо айаҥҥытыгар автобус өҥөтүн туһаныҥ. Саҥа автобустар оҕолоох, саастаах дьон айанныылларыгар анаммыт.

-Махтал, Елена автобус сырыытын туһунан толору кэпсээниҥ иһин. Үлэҕитигэр ситиһиилэри!

Номнуо мин түһэр тохтобулум кэлэн кэпсэтиибин түмүктээтибит. Сырдык, ыраас, сыыдам сырыылаах автобуһунан үлэбэр кэлбиппин билбэккэ да хааллым.

 Мира АФАНАСЬЕВА