Саллааттар «ийэлэрэ» Мария Емельянова — Сунтаарга

Бүгүн атырдьах ыйын 30 күнүгэр Сунтаардааҕы С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр Саха сиринээҕи «Саллааттар уонна матростар төрөппүттэрин кэмитиэтин» бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова Сунтаар улууһун саллааттарын дьиэ кэргэннэрин, улуус салалтатын уонна уопсастыбаннаһын кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, баһылыгы имиджевэй политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев, бу уопсастыбаннай кэмитиэт Сунтаардааҕы салаатын салайааччыта  Светлана Янкова уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Көрсүһүү саҕаланыытыгар Мария Егоровна  тэрилтэ 1990 сылтан саҕаланан, аан бастаан саллааттар ийэлэрин түмсүүтүттэн силистэнэн, кэмитиэт буола кэҥээбит историятын сырдатта. Саха уолаттара Чечня, онтон Сирия сэриилэригэр кыттыыларын, онно кэмитиэт үлэтин-хамнаһын, олоххо буолбут түгэннэртэн бэрт умсугутуулаахтык кэпсээбитин мустубут дьон болҕойон олорон иһиттибит.

Бу күн кэлбит дьон сүрүн интэриэстэрин – Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга олохтоох оҕолорбут кыттыыларыгар сыһыаннааҕы Мария Егоровна эмиэ сиһилии сырдатта. Ол курдук, кини байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, уопсайа, саха саллааттара баар, түһүүлэммит сирдэригэр, госпиталларынан сэттэтэ бара сылдьыбытын кэпсээтэ. Бу барыыларыгар Саха сириттэн оҕолорго ордук туһалаах диэн дьон мунньан ыытар малларын, санаалара бөҕөх буоллун диэн харысхаллары, алгыстары, эми-тому, о.д.а. тиксэрэр эбит. Ону таһынан кини госпитальга сытааччылар докумуоннара сөпкө, кэмигэр толорулларын миэстэтигэр хонтуруоллаһар, ситиһэр эбит. Биллэн турар, оҕолоро, кэргэннэрэ, аҕалара мобилизацияламмыт дьон айманалларын, долгуйалларын өйдүүрүн эттэ, ол эрээри социальнай ситиминэн тарҕанар дьону аймыыр дьулаан сурахтар үксүлэрэ күүркэтиилээх, анаан дарбатыылаах буолуохтарын сөбүн сэрэтэр быһыынан кэпсээтэ. Билигин айан-сырыы, информация сыыдамсыйан, технология сайдан кэмитиэт үлэтэ урукку кэмҥэ холоотоххо түргэтээбитин бэлиэтээтэ. Аны туран, урут биир үксүн сырыыны-айаны бэйэлэрэ уйунар эбит буоллахтарына, билигин бырабыыталыстыба, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн улахан өйөбүл баарын махтана аҕынна. Маны таһынан волонтердар этэрээттэрэ сир-сир аайы тэриллэннэр, улаханнык көмөлөһөллөрүн кэпсээтэ.

Салгыы мобилизацияламмыттарга сыһыарыллыбыт анал исписэлиистэр олохтоох балаһыанньа хайдаҕын сырдаттылар. Чугас дьонноро анал байыаннай дьайыыга барбыттар Мария Емельяноваҕа туһаайан мунаарар боппуруостарын биэрдилэр. Холобурдуур буоллахха, мобилизацияламмыттар уоппускаҕа кэлиилэрин, кэлбиттэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕа диэн дастабырыанньалара хойутаабытын, о.д.а туһунан. Мария Егоровна уонна Анатолий Васильевич киирбит боппуруостары чугас кэм иһинэн чопчулаһан быһаарыллыахтара диэн эрэннэрдилэр. Түмүккэ Мария Емельянова улуус салалтатыгар туһаайан биири тоһоҕолоон эттэ: “Бу анал байыаннай дьайыыга сылдар, онтон кэлбит оҕолоргутугар сыһыаннаах сокуоннар тахсалларын олох кэтии-маныы сылдьан көрүллэр көмөлөрү, чэпчэтиилэри барытын туһаналларын ситиһэргэ үлэлээҥ”, — диэн. Ону таһынан реабилитацияны ааһалларыгар сөптөөх усулуобуйа дойдуларыгар тэриллэрэ наадатын, бу бүрүүкээбит быһыы-майгы уһаабакка-тэнийбэккэ сотору тохтууругар баҕа санаатын эттэ. Мустубут дьон Мария Емельянова сүҥкэн үлэтин сөҕөллөрүн-махтайалларын, сыаналыылларын этэн туран, махталларын биллэрдилэр.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше