Көмүс күһүммүт бэлиэр кэлэ оҕуста. Сунтаар биллэр-көстөр дьоно самаан сайыннарын хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсээтилэр.
Лев Павлов – тустууга Арассыыйа успуордун маастара, Европа чөмпүйүөнэ:
— Сайын үтүөтүн билбэккэ аһардан эрэбин. Устар сайыны быһа Кисловодскайынан, Новогорскайынан, Москванан сылдьан дьарыктанным. Бу сайын от ыйыгар Сербия Нови-Сад куоратыгар 21-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга Европаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбытым. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар миэхэ эрэммиккитигэр махтанабын. Эһиги алгыс тылгыт күүспэр күүс-уох, сэниэ эппитэ. Улахан кыайыым Сунтаар тустуутун оскуолатын ситиһиитэ буолар. Бу күннэргэ эмиэ Испанияҕа Аан дойдуга бастыыр иһин (первенство мира) күрэхтэһэ бараары Москваҕа күүстээхтик дьарыктана сылдьабын. Тустуу саалатыттан ахсааннаахтык тахсабын. Күнүм барыта сааһыланан, наарданан турар. Сынньалаҥҥа бириэмэ тиийбэтин кэриэтэ. Дойдубар Сунтаарга хаһан кэлэрим биллибэт. Быыс булан кэлэр түгэммэр чугас дьоммун кытта бириэмэ атаарыам, айылҕаҕа тахсан өйбүн-санаабын сааһыланыам, уоскуйуом.
Людмила Пустолякова-Дьэрэлийэ Күндээр — алгысчыт, биллэр уопсастыбанньык:
— Сахалар кылгас сайыммытыгар элбэх үлэни үмүрүтэ сатыыр түбүгэр түһэбит. Мин эмиэ элбэх үлэни кыайа-хото туттум. Бу сайын Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүм умнуллубат түгэнинэн буолла. Ону таһынан, дойдубар Хадаҥҥа от үлэтигэр кыттыстым, дуоһуйа сир астаатым. Оттон бу соторутааҕыта Суздаль, Рязань куораттарыгар Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева ыҥырыытынан аан дойдутааҕы кыбытык тигии бэстибээлигэр кыттыыны ылан кэллим. Манна Саха сириттэн 12 маастар кыынна. Олор истэригэр мин тойук, оһуокай толордум.1 000 кыбытык тигиинэн тигиллибит көбүөрдэри күөх нэлэмэн хонууга уурбуттара ураты көстүү буолла. Саха ырыатын, тойугун, култууратын, ииһин атын омук дьоно олуһун сэргээтилэр. Маастардар үлэлэрин улахан таһымҥа сыаналаатылар. Онон бу сайыным миэхэ кэрэ, бэлиэ түгэннэри бэлэхтээтэ.
Тускулаана Горохова-Кобельянова – «Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиалын суруналыыһа
— Мин урукку сылларга сайын ханна эмит Сунтаартан тэйиччи сынньаныахтааҕым курдук саныырым. Бу сайыммын дойдубар Сунтаарга дьиэ кэргэммин кытта атаардым. Арай Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар баран ыалдьыттаабытым. Ол кэнниттэн үлэ үгэнигэр сырыттым. Ол курдук, дойдум үтүө үлэһит дьонун элбэхтик сырдаттым. Саҥа интэриэһинэй дьону кытта билистим. Айылҕаҕа сынньанным. Кэлиҥҥи кэмҥэ балыктыырбын ордорор буоллум. Ол иһин, быыс-арыт буллубут даҕаны дьиэ кэргэнинэн балыктыы ойобут. Саха сирин айылҕата ураты, хатыламмат көстүүлээх. Ону таһынан, дьиэбитигэр улахан өрөмүөн үлэтин кыайа-хото туттубут. Бэйэ дьыалатын сайыннарар буоламмыт, ол салаабар эмиэ күүскэ үлэлээтим. Сайын умунуллубат түгэнинэн чугас дьоммун кытта сайыҥҥы сылаас, уу нуурал чуумпу киэһэлэри атаарыы буолла. Маннык түгэҥҥэ бэйэҕин харысхаллаах, тапталлаах, дьоллоох сананаҕын. Онон дойдубар сайыммын олус туһалаахтык, айымньылаахтык атаардым.
Дуолан Трофимов- Түбэй Дьаархан нэһилиэгин «Айыс» култуура киинин салайааччыта, ырыаһыт
Бу сайын дьиэ кэргэмминээн Дьокуускай куоракка сайылаатыбыт. Түбүктээх, элбэх сүүрүүлээх-көтүүлээх сайын ааста. Дьоллоох Дьокуускай куоракка дьиэ тутта сылдьабыт. Онон уоппускабыт кэмигэр кыралаан үлэлэнэбит. Оҕолорбутун кытта элбэхтик бириэмэ атаардыбыт. Куораты кэрийдибит, күүлэйдээтибит, сөтүөлээтибит. Айар куттаах дьоҥҥо саҥа ырыа тахсыыта олус күүтүүлээх уонна долгутуулаах. Биир дойдулаахпыт Клавдия Алексеева тылыгар уонна матыыбыгар «Дьолбун таайабын» диэн ырыаны Саха сирин араадьыйаларыгар сүрэхтээтибит. Номнуо, истээччилэрбит бу ырыаны олус истиҥник ылыннылар. Биһиги даҕаны, бу ырыабытын эмиэ олус сөбүлээтибит, элбэхтик ылланар ырыа буоларыгар баҕарабыт.
Юлия Филиппова — Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта:
— Биһиги дьиэ кэргэн быйыл сайын Сахабыт сиригэр сынньанныбыт. «Бэйэбит дойдубутун көрбөккө сылдьан тоҕо куруук атын дойдуга тардыһыахтаахпытый?” диэн санаалаахпыт. Бэлиэтээн этэр буоллахха Саха сиригэр туризм чуолаан экотуризм наһаа сайдан эрэр. Саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх буолан онтон кини күүс-уох ылар. Бу кылгас сайыҥҥы күннэргэ куорат эйгэтэ хаһан баҕарар сылаалаах, сүпсүлгэннээх буолар. Биллэрин курдук тас дойдуга сынньана барааһын элбэх күүһү-уоҕу, үбү эрэйэр.
Самаан сайыммыт үтүө күннэрин баттаһа массыынабытынан сылдьан дойдубут араас кэрэ сирдэрин көрдүбүт. Айаммыт от ыйыттан саҕаламмыта. Сунтаартан Дьокуускайга кэлэн баран Хаҥалас улууһугар, Тиит-Арыыга сынньанар баазаны көрбүппүт. Кэлэн иһэн Айыы Уолун музейыгар уонна мемориалыгар тохтоон ааспыппыт. Онтон тыынан сылдьыы трансферынан Сахабыт сирин биир сүдү сиригэр Өлүөнэ очуостарыгар айаннаабыппыт. Кэрэ көстүүнү, халлааҥҥа таласпыт үрдүк очуос таастары көрөн санаалыын сырдаатыбыт. Бу манна «SUР» дуоскалары куораттан арендалаһан илдьэ баран онно өрүһүнэн устан биир умнуллубат түгэн буолбута. Онтон Дьокуускай куорат кытыытыгар Эргэ Табаҕаҕа «Норвэй” пааркаҕа оҕолорбутунаан төһө эппит сииммит кыахтааҕын бэрэбиэркэлээтибит. Ол кэннэ Сунтаарга кэлэммит салҕыы Мииринэй оройуонугар, Чернышевскайга аймахтарбытын, ийэбит төрөөбүт сиригэр балыктыы сынньана барбыппыт. Төннөн иһэн Мииринэй куорат историятын сиһилии оҕолорго көрдөрөр сыалтан музейга сылдьыбыппыт. «Мир» трубканы көрөн, алмаас хостуур бырамыысыланнас сайдыытын историятын билсибиттэрэ. Сунтаар сирэ онно эмиэ кыттыгастааҕын билбиттэрэ. Салгыы «Соколиная коса” диэн сиргэ төннөр суолбутугар тохтоон сынньаммыппыт. Сырыыбытыттан үтүө өйдөбүл хаалларар сыалтан хас биирдии сылдьыбыт сирбититтэн таас хомуйан ылбыппыт. Дьиэбитигэр кэлэммит оһох курдук оҥорон ол тула киэһэ бары оллоонноон олорон гитаралаах ыллаан хайдах сылдьыбыппытын түмүктээн санаабытын үллэстибиппит.
Сылдьарбыт тухары чугас дьоммутун уонна доҕотторбутун кытта көрсөн үтүө, истиҥ күннэр ааспыттара. Итинник эко туризм уонна култуурунай бырагыраамманы тэҥҥэ тутан сырыттыбыт. Оҕолорбут бу сайын буолбут биир улахан тэрээһин “Дети Азии” сылдьан, хаһан да хатыламмат ураты сынньалаҥ күннэри аатаардылар.
Мира Афанасьева, Алена ИВАНОВА