“Күһүҥҥү киһи кыстык аһын хаһаанан, оннун булларан күлбүтүнэн сылдьар. Ол эрээри, аны биир ыйынан кыһыммыт тиийэн кэлиэ, тымныы түһүө. Онон кыстыкка бэлэмнэнии, хотон сыбааһына, өргө диэри сыһыыга мэччийэ сылдьар бороосколору көрдөөһүн,саһаан тиэйиитэ саҕаланар кэмэ.
Кураан күнү баттаһа Күндэйэтээҕи “Сырдык аартык” кээпэрэтиип үлэһиттэрэ кыра тарбыйахтарын тиэйэн, ынахтарын үүрэн самаан сайын устата үүтү, сүөгэйи үрүйэлии сүүрдүбүт “Таас”, “Ньэккэй, “Каакы Маара” сайылыктарыттан олорбут дьиэлэрин аанын баттатан, титииктэрин чөкөтөн, эһиил эмиэ кэлиэхпит диэн махтанан сахалыы сиэринэн сыт таһааран баран, бөһүөлэктэригэр көһөн киирдилэр.
Уопсай хотоннорун эрдэттэн ыраастаан, бэлэмнээн, күрүөлэрин, хаһааларын өрөмүөннээбиттэрэ. Онон сүөһүлэр барахсаттар, үлэһиттэр кыстык сирдэрин этэҥҥэ буллулар.
Быйылгы кыстыкка кээпэрэтиипкэ төһө ыал төһө сүөһүтүн кыстыта, көрдөрө-харайтара биэрэрэ билиҥҥитэ биллибэт.
Феврония НИКОЛАЕВА