“Сырдык аартык” потребительскай кэпэрэтиип сүөһүлэрэ сайылыкка көстүлэр. Күндэйэ нэһилиэгэр 1269 сүөһү, ол иһигэр 498 ынах баар. Нэһилиэк 71% ынаҕа бүтүннүү сайылыкка көстө. Ынахтары тэҥэ 356 ньирэй сайылыкка сайылыы таҕыстылар.
Быйыл 6 сайылыгынан ынахтар көччүйүөхтэрэ.
Ньэккэй сайылыгар 34 хаһаайыстыба — 130 ынаҕа,
Тааска 14 хаһаайыстыба — 120 ынаҕа,
Каака Маарыгар 3 хаһаайыстыба — 50 ынаҕа,
Туруйа сайылыгар 2 хаһаайыстыба -13 ынаҕа,
Элгээҥҥэ 2 хаһаайыстыба – 28 ынаҕа,
Кумах Атах сайылыгар 1 хаһаайыстыба 15 ынаҕа таҕыстылар.

“Сырдык аартык” толорооччу дириэктэрэ Алина Львова: “Былырыын сайылыктар суоллара эбии оҥоһуллубута, 3 улахан сайылыкка саҥа охладитель турбута. Үүт тоҥорордоох прицептаах буолан сайылыктартан кэлэр үрдүк хаачыстыбалаах үүтү тутарга бэлэм олоробут” диэн иһитиннэрдэ.
Сылын ахсын сайылыктар өрөмүөннэнэллэр, саҥа тутуулар бараллар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше