Өй-санаа, сиэр-майгы түргэнник сатарыйар кэмигэр олоххо сөптөөх сыаннастары тутуһар, сирдэтинэр уустуктардаах буолла. Иллээх-эйэлээх, дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ эрэ өй-санаа өттүнэн доруобай киһи улаатар. Кыыс-уол ыраас сыһыанын, үйэлээх таптал эрэ дьиэ кэргэни тутарын ыччат дьон сөпкө өйдүөхтээх. Бу өйдөбүлү дьиэ кэргэн эрэ биһиэхэ биэрэр. Ол да иһин буолуо, дьиэ кэргэн сыаннастарын дойду таһымыгар көтөхтүлэр. Биллэн турар, маннык хамсааһын доруобай нацияны иитэн таһаарыыга туһуланар. Ол иһин, бигэ туруктаах ыаллары холобур оҥостуохтаахпыт, кинилэр сыһыаннарын, олоххо көрүүлэрин туһунан көрдөрөр-иһитиннэрэр ханааллар тарҕатар сүрүн сорукпут буолар.
Өйдүүргүт буолуо, куйаар ситиминэн кырачаан кыргыттар төрөөбүт тылларынан ыраастык санааларын сайа этэн чобуотук чуопчааралларын көрөн олуһун сөхпүппүтүн. Элбэх киһи кыргыттар төрөппүттэрэ кимнээх буолалларын билэ сатаабыппыт.
Бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыттарынан бу кыргыттар Күннэйдээх, Сайаана төрөппүттэрэ Алена, Радомир Сергеевтэр буолаллар. Кинилэр айар үлэлэринэн, дьиэ кэргэнинэн үлэлэтэр бырайыактарынан Сунтаарга биллэр ыаллар. Эдэр дьон билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕо иитиитигэр туох көрүүлээхтэрин, үлэни, дьиэ кэргэни хайдах сөпкө дьүөрэлээн айар үлэни туталларын туһунан ааҕыҥ.
Алена Бордоҥ нэһилиэгэр Алексеевтар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ, оттон Радомир эмиэ ыал улахан оҕото. 2015 сыллаахха Сунтаарга билсэн ыал буолан, үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, холобурга сылдьар эдэр ыал.
Алена оҕолорун сахалыы тыыҥҥа хайдах иитэрин бу курдук кэпсиир:
— Биһиги оҕолорбутун иитиигэ саамай сүрүнэ ийэ тылларын билиигэ уурабыт. Ийэ тылын билэр оҕо киэҥ билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах, түргэн толкуйдаах буолар. Дьиэ кэргэммит иһигэр сахалыы эйгэни тэрийэбит. Сырса сылдьан оҕоҕо аналлаах сахалыы кинигэлэри, остуол оонньууларын атыылаһабын. Кэлиҥҥи кэмҥэ олус интэриэһинэй, баай ис хоһоонноох кинигэлэри, оонньуулары таһаарар буоллулар. Бу оҕо билиитин-көрүүтүн, тылын сайыннарарыгар улахан көмөлөөх. Оҕолорбут сахалыы ааттаахтар. Кэргэмминээн эрдэттэн оҕолорбутун сахалыы ааттыахпыт диэн ыралыыр этибит. Ол иһин, оҕолорбутун ааттыырга сахалыы эрэ ааттары сыымайдаабыппыт. Улахан кыыс Сайаана – 8 саастаах, Күннэй – 6 саастаах, Эрсан – 2 саастаах. Бэйэм муусука учууталынан Сунтаардааҕы гимназияҕа үлэлиибин. Ону тэҥэ, учууталларга «Сыдьаай» диэн ырыа ансамбыллаахпын. Бэйэм бу сайын Хотугулуу Илиҥҥи омуктар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүүт саха тылын уонна литэрэтиирэтин салаатын кыһыл дипломунан бүтэрдим. Бу үһүс үөрэҕим буолар. Киһи олорорун тухары үөрэниэхтээх, сайдыахтаах, баҕа санаатын толорорго дьулуһуохтаах диэн сирдэтинэбин. Саха тылын салаатыгар үөрэнэммин оҕо сааһым ыра санаатын толордум. Ону тэҥэ, испэр иитэ сылдьыбыт ийэ тылбытын билиигэ, тарҕатыыга санаабын арыйарга бу үөрэҕим тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбин. Онон киһи баай билиилээх, уопуттаах буоллаҕына этэр санаата дьоҥҥо тиийимтиэ, күүстээх дьайыылаах буолар. Ырыаны олохпор аргыс оҥостобун. Бэйэм киэҥ эйгэҕэ ыллаабатарбын даҕаны, ыллыыр дьоҕурдаах, баҕалаах дьону үөрэтэбин. Саха тылын салаатын бүтэрэрбэр магистерскай диссертациям тиэмэтэ «Ырыа ускуускустубатын көмөтүнэн оҕолорго төрүт дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии, төрөөбүт тылларын, саҥарар саҥаларын уонна ситимнээх саҥаны сайыннарыы» диэн, бу чинчийиибин олоххо киллэрэн, быйыл сайын «Сыдьаай» диэн ааттаах оҕолорго ырыа уонна төрөөбүт тылларынан ыраастык саҥарарга үөрэтэр лааҕырбытын кэргэмминээн тэрийэн үлэлэттибит.
Мин бырайыактарбын, саҕалааһыннарбын мэлдьи саамай чугас киһим Радомир өйүүрүттэн олус үөрэбин, кынаттанабын. Ардыгар санаабынан ыраах, халлааҥҥа көтүөхпүн сөп. Санаабыккыттан олус элбэҕи эрэйэр буоллаххына уостуу (выгорание), сылайыы баар көстүү. Ону кини эр киһи быһыытынан миигин арыый сирдээҕи олоххо чугаһатар, өйбүн-санаабын сааһылыыр, уоскутар. Ол иһин бэйэбит толкуйбут, санаабыт кыайар үлэлэрин, бырайыактарын ылсабыт. Бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит. Аҕабыт Радомир «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Сунтаардааҕы филиалын оператора. Өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар бастыҥ оператордарга ааттанар. Кинини Дьокуускай куоракка үлэҕэ ыҥыраллар эрээри, тыа сирин олоҕун ордорор буолан, дойдутун үтүө дьонун-сэргитин, кэрэ айылҕатын, ураты көстүүтүн үйэтитиинэн дьарыктанарын ордорор.
Кэпсэтиигэ Радомир кыттыһар:
— Мин куоракка улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим. Биллэн турар, куорат дьалхааннаах олоҕор сахалыы иитии уустуктардаах. Ол эрээри, дьоммут биһигини сахалыы эйгэҕэ улаатыннарбыттара. Саха кылааһыгар үөрэммиппит. Сайын аайы эбэлээх эһэбитигэр Күндэйэҕэ кэлэн оттуурбут, сайылыырбыт. Онон да буолуо, сахалыы саҥабытын сүтэрбэтэхпит. Аленалыын билсэн баран, иккиэн биир эйгэлээхпит, тыыннаахпыт, олоххо көрүүлээхпит, дьиэ кэргэн сыһыаныгар, оҕо иитиит игэр тэҥ көрүүлээхпит диэн тутатына санаабытым. Чугастык алтыһаат, мин сүрэҕим аҥаара бу сылдьар эбит диэн олохпутун холбуурга санаммыппыт. Алена эмиэ мин курдук аймах-уруу сыһыанын, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутар. Иккиэн куорат олоҕунааҕар тыа сиригэр тардыһабыт. Оҕо иитиитигэр ыал ийэтэ Алена сүрүн оруолу ылар. Булааччы, талааччы, дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэрийээччи ыал аҕатын сүрүн соруга буолар. Оттон дьиэ ис эйгэтин, бараанын тэрийиигэ ийэбит эппиэттиир. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолор нууччалыы саҥараллара элбээтэ. Маныаха төрөппүт сабыдыала улахан. Төрөппүт бастаан бэйэтиттэн саҕалыахтаах. Оҕотун кытта сахалыы кэпсэтиэхтээх. Биһиги оҕолорбутуттан төрөөбүт тылларынан саҥаралларын ирдэһэбит. Тэлэбииһэргэ сахалыы биэриилэри, ойуулуктары көрдөрөбүт. Ийэбит оҕолорго сахалыы остуоруйалары ааҕар, кэпсээннэри кэпсиир, ону ырытыһаллар, ким туох санаалааҕын истэр. Бу буоллаҕа оҕону кытта истиҥ сыһыаны олохтооһун, кэпсэтиини тэрийии. Кыргыттар ийэлэригэр дьиэ үлэтигэр көмөлөһөллөр. Мин айар үлэбин Алена олус өйүүр, өйдүүр. Утуйа сыттахтарына барыахпын сөп, утуйа сыттахтарына кэлиэхпин сөп. Ол тухары Алена мэлдьи итии астаах көрсөр. Эр киһиэхэ дьиэ кэргэнэ доруобай, дьоллоох, үөрэ-көтө сылдьар буоллахтарына, онтон ордук туох кэлиэй. Бу буоллаҕа эр киһиэхэ уоскулаҥ, сынньалаҥ.
Мира АФАНАСЬЕВА