Саха тылын бэстибээлэ буолан ааста

«Сунтаар күөрэгэйдэрэ» түмсүү Сунтаар улууһун олохтоохторугар, чуолаан, оҕолорго, төрөппүттэргэ саха тылын бэстибээлин тэрийэн ыытта.
Тэрээһиммитигэр «Аламай» уһуйаан уонна «Сахат» оскуола гендернэй иитии, ийэ тылы өрө тутуу эйгэтин төрүттээччитэ Анатолий Бурнашев-Күнтэгил күндү ыалдьыт буолла.
Бэстибээлгэ уон алта тэрилтэ кэлэн оҕолорго сахалыы эйгэлээх тэрээһин-оонньуу ыытта.
Ол курдук, творческай маастар-кылаастар, сахалыы төрүт оонньуулар тэрилиннилэр. «Алмазэргиэнбанк», «Алмазкредитсервис» тэрилтэлэрэ кэлэн оҕолору аралдьытар тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буоллулар.
Махталбытын тиэрдиэ этибит Сунтаар нэһилиэгин уһуйаан кэлэптииптэригэр, иитээччилэригэр. Саха тылбытын иитии-үөрэтии өттүгэр күүстээхтик-дьаныардаахтык үлэлии сылдьалларын өссө төгүл бигэргэттилэр. Онтон улахан дьоҥҥо – сахалыы иитии, сахалыы эйгэ тула аһаҕас кэпсэтии буолан ааста.
Бу бэстибээлгэ бэйэлэрин ыра санаа оҥосто сылдьыбыт ураты көрүүлэрин олоххо киллэрэннэр, төрөөбүт-үөскээбит өрөспүүбүлүкэлэрэ, улуустара, нэһилиэктэрэ үүнэрин-сайдарын, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа тупсарын, чэпчиирин туһугар кылааттарын киллэрсэ сылдьар дьон үлэтин сырдаттыбыт.
Бу көрсүһүү, санаа үллэстии, тылбыт сайдарын, олохтоохтук оҕолорбут өйдөрүгэр өр кэмҥэ хааларын туһугар бэстибээл тэрийиибит төһүү күүс, дьон санаатыгар сылаас тыал курдук сүүрээн буолан хааллын. Уопсай санаанан, «Норуот хамсааһына бастыҥнары батыс» диэн үтүө түмүккэ кэллибит.

Сардаана АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше