Саха төрүт үгэһин өрө тутааччы чулууларга Ил Дархан истипиэндьийэтэ ананна

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, саха төрүт үгэһин илдьэ сылдьар, омукпут баай хомоҕой тылын, сатабылын күн бүгүнүгэр диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар дьоммутугар СӨ Ил Дархана истипиэндьийэтин анаата. Бу истипиэндьийэ быйыл 28 киһиэхэ, оһуокайдьыттарга, олоҥхоһуттарга, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар туттарылынна.

 

Сунтаар улууһуттан төрүт култуураны үйэтитээччилэргэ, оһуокайдьыттарга — Саха сирин Дархан этээччитэ Роман Иванов-Ырыа Арамаан, Саха сирин Дархан этээччитэ, СӨ «Оһуокай» уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марта Николаева төрүт култууратын үйэтитиигэ кылааттарын иһин сыл устата ый аайы  Ил Дархан истипиэндьийэтин ылыахтара. Онтон олоҥхону үөрэтээччи,  уһуйааччы Никандр Тимофеевка маннык истипиэндьийэ олоҕун устата бэриллэр буолла.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Санатан этэр буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев былырыыҥҥыттан 7 оһуокайдьыкка, 7 олоҥхоһукка, 7 ууска сыл устата ый аайы 30 тыһыынча солкуобайы ылалларын туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Бу сыл устата Сунтаарбыт улууһун оһуокайдьыттарыттан Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ, олоҥхоһуттартан Никандр Тимофеев ылбыттара.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше