Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Сыромятников Гаврил Гаврильевич 2025 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сааһа.
Идэтинэн физкультура учуутала, 41 сыл педагогическай ыстаастаах РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин ыччатын бокс курдук Аан дойдуга биһирэнэр успуорт көрүҥэр үөрэппит бастакы тириэньэрдэриттэн биирдэстэрэ, боксаҕа өрөспүүбүлүкэ категориялаах судьуйа. Өймөкөөн оройуонун Ичигэс диэн алааһыгар холкуостаах дьиэ кэргэнигэр 1930 с. иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Сыромятников Гаврил Христофорович Томпо Саһылыттан, ийэтэ Винокурова Александра Ивановна Өймөкөөн Томторуттан төрүттээхтэр. Убайа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, профсоюзнай үлэ туйгуна, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо Сыромятников Гаврил Гаврильевич (I) быраатын туһунан ахтыытыгар суруйар: «…Оонньохолуур оҕо сааспыт Ичигэс тыатыгар, хонуутугар, төрөппүттэрбит туппут алаһа дьиэлэригэр, тымныы уулаах түргэн сүүрүктээх Индигиир өрүс кытылыгар ааспыта. Чугастааҕы ыал оҕото бары биһиги тэлгэһэбитигэр сөбүлээн мусталлара, оонньуу арааһын толкуйдаан салҕыбакка оонньууллара. Сүүрүүлээх-көтүүлээх өттүгэр кыра Ганя күннүүрэ, кимиэхэ да иннин биэрбэтэ. Олох кыра сааһыттан бэйэтин олуһун кыанар, имигэс, түргэн хамсаныылаах, куруутун ыстаҥалыы, сүүрэ-көтө сылдьар оҕо этэ. Спортсмен буола улаатыаҕа эрдэттэн биллэрэ. 1941 с. сэрии саҕаланаатын кытта олохпут тута ыараабыта, туох барыта кэмчи, нуорма буолбута. Оскуола оҕолоро холкуос ходуһатыгар ууну кэһэ сылдьан оттууллара, оҕус сиэтэллэрэ. Бурдугу киһиэхэ 1,5-лыы киилэни биир ыйга диэн түҥэтэллэрэ. 1942 с. кыһыныгар бэриллэр ас нуормата өссө кыччаан дьон хоргуйан барбыта. Биһиги эмиэ аччыктаан ыксаан аан тирии бүрүөһүнүн, этэрбэс, бэрэмэдэй тириитин буһаран сиирбит. Ийэлээх аҕабыт хам аччык, нэһиилэ иэҕэҥнии сылдьан күүстэрэ баарынан мөхсөн оҕолоро хоргуйан өлбөттөрүн туһугар турууласпыттара, холкуоска үлэлээн кыайыыны уһансыбыттара».
Сэрии бүтэн, эйэлээх олох эргиллэн дьон-сэргэ үөһэ тыыммыта, ордук эдэр ыччат үөрэххэ-билиигэ тардыһыыта күүһүрбүтэ. Дойдутугар баар 7 кылаастаах оскуоланы өссө сэрии сылларыгар бүтэрэн баран кыра Ганя икки сыл холкуоска үлэлээн хара үлэ хайдаҕын этинэн-хаанынан билбитэ. Оҕолорун салгыы үөрэттэрэр баҕаттан дьоно Дьокуускайга көһөн тиийэн Ганя оскуоланы куоракка бүтэрэр. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаммыта, оройуоҥҥа чөмпүйүөннүү, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэ сылдьыбыта. Оскуола кэнниттэн армияҕа ыҥырыллан Алтайдааҕы байыаннай уокурукка спортивнай ротаҕа сулууспалыыр сылларыгар умсугуйан туран сөбүлүүр көрүҥүнэн – хайыһарынан дьарыктаммыта. Байыаннай уокурук үрдүнэн хаста да бастаан түөрт саха уола икки төгүллээн дойдуларыгар күүлэйдээн кэлэр уоппусканан наҕараадаламмыттара. Онон Ийэ дойдуга ытык иэһин төлөөн, идэ талар кэмэ тирээбитигэр өр саарбахтыы барбакка физкультурнайга туттарсарга быһаарыммыта. Оччотооҕу кэмҥэ үөрэх кыһата да аҕыйаҕа, онуоха эбии кырдьаҕас холкуостаах төрөппүт сүбэ, көмө буолар кыаҕа суоҕа. Хоту оройуон тыатын уола ыарахаттартан чаҕыйбакка хайаан да үөрэххэ киирэн, баҕалаах идэтин баһылыырга сорук туруоруммута. Аармыйаҕа сылдьан истибитэ дуу, Ганя ыраах Тбилиси куоракка баар физкультурнай техникумҥа санаатын уурбута. Убайа Гаврил ол кэмҥэ Дьокуускайга пединститут историческай факультетыгар 2-с кууруска үөрэнэрэ. Быраата хаайан, тылыгар киллэрэн араадьыйа хоругар үлэлээн өлөрбүт кыра уурунуу харчытынан самолетунан Иркутскайга диэри барар билиэт ылан биэрэр. Ыраах Грузияҕа тиийиэхтээх эдэр киһи соннук айаҥҥа турунар. Москваанан эргийэн хайдах күннээх Кавказка тиийбитэ, аара харчыта суох буолан быстах үлэлээн, сүгэн-көтөҕөн, хамнаһыгар билиэт ыла-ыла тимир суолунан, онтон көтөр аалынан сүҥкэн улахан дойдуну нөҥүөлээн Тбилиси куораты булбута. Онно тиийэн нууччалыы билэр, техникум аадырыһын этэн биэрэр киһи көстө охсубакка куорат саадын ыскамыайкатыгар хас да хоммута – туспа кэпсээн. Ол да буоллар эдэркээн саха уолун суолугар үтүө санаалаах дьон үгүстэ, мөкү өттө биирдэ эмит көрсөн, сорох аһынан, сорох бэркиһээн да көмөлөһөн, сүбэлээн-амалаан таласпыт үөрэҕэр киирбитэ. Техникум администрациятыгар олус ыраах дойдуттан кэлбитин истэн олус сөхпүттэр, тута уопсайга олохтоон үөрдүбүттэр.
Сотору кэминэн бастыҥ устудьуон, активист буолан, утаппыттыы успуордунан дьарыктанан, араас омук ыччатын кытта билсэн, үгүс доҕоттордонор. Кинилэр сүбэлэринэн «Грузия-фильм» курдук сүүнэ тэрилтэҕэ быстах оробуочайынан үлэлии киирэр. Сылтан ордук кэмҥэ Тбилиси куорат 2-с №-дээх циркэтигэр униформиһынан үлэлиир. Ол тухары үлэһит киһи быһыытынан сирдэрбэккэ хайҕалга эрэ сылдьар, ону туоһулуур бэлиэтээһиннэр үлэтин киниискэтигэр хаалбыттар. Ганя ити сылларга умсугуйан туран боксанан дьарыктаммыта. Ону таһынан сөбүлүүр көрүҥнэригэр – гимнастикаҕа, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга үчүгэй көрдөрүүлэрдээҕэ. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ Красноярскай, Москва курдук куораттарга тиийэ кыттан буспута-хаппыта, кыайыы өрөгөйүн билэн бэйэ кыаҕар эрэлэ күүһүрбүтэ. Устудьуоннуур сыллара биллибэккэ элэс гынан ааспыттара. Төһө да көмөлөһөр кыахтаах дьоно суох буолан үлэлии-үлэлии үөрэннэр, күннэтэ араас кыһалҕа кыпчыйдар, эдэр эрчимнээх саас ону улахаҥҥа уурбакка, баардылаабакка, умнуллубат устудьуон сааһа ааспыт дойдутун – Грузияны куруук истиҥник саныыра, үтүө санаалаах ыалдьытымсах Капкаас дьонун махтана ахтара.
1956с. үөрэҕин бүтэрэн, «Преподаватель физвоспитания» идэтин туоһулуур диплому долгуйа тутан төрөөбүт Сахатын сиригэр эргиллэр. Тута кэриэтэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үлэҕэ киирэр. Саха сиригэр бокс успуорда ити сылтан үөскээн, тэнийэн барбыта. Боксаны тэнитиигэ, саҕалааһыҥҥа улахан өҥөлөөх дьонунан Гаврил Сыромятников уонна кэлин РСФСР үтүөлээх тириэньэрин аатын ылбыт Арсен Петров буолаллар. 1956 сылтан кинилэр биирдэрэ педучилищеҕа, иккиһэ пединститукка тэҥинэн бокс секциятын аспыттара. Дьэ бу кэмтэн ыла сахалартан бокс бастакы хараҥаччылара, «сулустара» иитиллэн тахсыбыттара. Ол курдук, ССРС успуордун маастардара Василий Васильев (өрөспүүбүлүкэ 9 төгүллээх чөмпүйүөнэ), Артем Никифоров, Геннадий Гурьев, Алексей Егоров, Андрей Донской, Иннокентий Васильев, Гаврил Попов, 12 ССРС успуордун маастарыгар кандидат, 6 САССР үтүөлээх тириэньэрдэрэ, 4 СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх учууталлара – бары Гаврил Гаврильевичка эрчиллэн үөрэнэн тахсыбыттара.
1959 с. сайыныгар Сунтаар кэрэ кыыһын, университеты бастакы выпуһунан нуучча салаатын бүтэрбит Дуся Наумованы кэргэн ылар. Эдэркээн паараны дьылҕалара Сунтаар Сиэйэтигэр тиэрдэр. Онно тиийэн сүрүн үлэлэрин таһынан нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кыттан үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Гаврил Гаврильевич уол оҕолор куттарын туппута. Баара эрэ 29 саастаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэркээн учуутал успуорт үгүс көрүҥэр дэгиттэр талааннааҕа, снарядтарга дьикти бэйэлээх хамсаныылары оҥорон сөхтөрөрө, үөрэнээччилэрэ сырса сылдьаллара. Хас да успуорт куруһуогу сэргэ аспыта. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук усулуобуйа суоҕа. Куруһуок ыытарга харчы төлөммөтө, дьарыктанар саалалар суохтара. Урукку учууталлар, тириэньэрдэр аҥардас энтузиазмнарынан, булугас өйдөрүнэн балаһыанньаттан тахсаллара. Сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах эдэр киһи үөрэххэ наадалаах спортинвентары туруорсан аҕалтаран, сороҕун билэр дьонунан ылларан, сороҕун бэйэтэ киин куораттартан сүгэн-көтөҕөн аҕалара. Тыа сирин кытыы оскуолатыгар үөрэтии үрдүк таһымҥа барарын ситиспитэ. Гаврил Гаврильевич успуорка талааннаах, лидер оҕолору, эдэр ыччаты була охсон, бэйэтин тула түмэн, кинилэр көмөлөрүнэн элбэх куруһуогу тэҥинэн тигинэччи үлэлэтэн, сотору кэминэн оройуоҥҥа, зонаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ кыайыылар кэлэн барбыттара. Гимнастикаҕа, хайыһар успуордугар, чэпчэки атлетикаҕа, уонна биллэн турар, боксаҕа Арассыыйа таһымыгар тиийэ чөмпүйүөннүүр үөрэнээччилэр, устудьуоннар баар буолбуттара. Аҕыйах сыл үлэлээбит эдэр учууталга «РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна» аат иҥэрбиттэрэ. 1964 сылтан Сыромятниковтар Сунтаар Уһун Күөлүгэр олохсуйбуттара. Гаврил Гаврильевич тус үлэтин таһынан Сунтаар оройуонугар успуорт сайдыытыгар тириэньэр, судьуйа, тэрийээччи быһыытынан элбэх кылаатын киллэрбитэ. Үгүстүк оройуон үөрэнээччилэрин хамаандатын өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр салайан илдьэрэ, бэйэтэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ өр сылларга судьуйанан үлэлээбитэ.
1970 с. боксаҕа өрөспүүбүлүкэ категориялаах судьуйата буолбута. Арыылаах орто оскуолата үбүлүөйдээх сылы саҥа тутуллубут типовой дьиэҕэ көрсүбүтэ. Дьиҥнээх успуорт саалатыгар үлэлиир, үөрэнэр кыах баар буолбута.
Гаврил Гаврильевич эбии игровой көрүҥнэргэ – волейболга, баскетболга секция арыйан оҕолору үөрэтэн эрчийэн саҕалаабыта. Ону таһынан тустууга, хайыһарга, дуобакка, саахымакка, чэпчэки атлетикаҕа, буулдьанан ытыыга дьарыктыыр секциялар тиһигин быспакка үлэлииллэрэ, араас таһымнаах күрэхтэһии тэриллэрэ. Ону таһынан улахан дьон дьарыктара, күрэхтэһиилэрэ эмиэ оскуола саалатыгар киэһэ үлэ кэнниттэн ыытыллара. Гаврил Гаврильевич бириэмэни аахсыбакка сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри успуорт саалыттан тахсыбакка үлэтигэр сүтэрэ, иитээччилэрин утумнаахтык дьарыктыыр ирдэбиллээх учуутал этэ. Ханна да үлэлээтэр хайа да бэйэлээх мэник-тэник оҕо болҕомтотун тутара, интэриэһин тардара, успуорка, физкультураҕа тапталы сатаан иҥэрэрэ. Гаврил Гаврильевич отуттан тахса сыл Арыылаах орто оскуолатыгар физкультура учууталынан, военругунан, “продленнай группа” иитээччитинэн, биэнсийэҕэ тахсан уурайыар диэри үлэлээбитэ. Кэллиэгэлэрэ ахталларынан «…Гаврил Гаврильевич Сыромятников ханнык баҕарар үлэҕэ сүрдээх ирдэбиллээхтик сыһыаннаһара, уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка тута оҥорторон иһэр дьикти имигэс истиилинэн үлэлиирэ. Кини оҕо майгытын-сигилитин учуоттаан иитии-үөрэтии боппуруоһун дөбөҥнүк быһаарара. Успуорт тэриллэрин, хаһаайыстыбаннай малы-салы сүүрэн-көтөн буларга үгүс сыратын ыытара. Хайа да балаһыанньаҕа методическай таһымын түһэрбэккэ үлэлииргэ кыһанара, оҕолорго, кэлэктиипкэ, төрөппүттэргэ улахан аптарытыатынан туһанара. Улууска буолар успуорт күрэхтэһиилэригэр сылын ахсын 1-2 миэстэлэртэн түспэтэхпит. Волейболга улуус таһымыгар оонньуур оҕолор иитиллэн тахсыбыттара. Военрук быһыытынан эмиэ олус тэтимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ».
Үөрэҕирии эйгэтигэр өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин, физкультура уонна успуорт сайдыытыгар улахан кылаатын иһин хаста да РСФСР, САССР Үөрэҕин министиэристибэлэрин Бочуотунай грамоталарынан, «ДСО «Урожай» ЦК Бочуотунай чилиэнэ» (1963), «ССРС физическай култууратын туйгуна»(1970), «Гражданскай оборона туйгуна» (1980) бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 1998с. «СӨ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибитэ. Педагогическай энциклопедияҕа биографията суруллубута.
Кэргэннии Сыромятниковтар иккиэн тыа оскуолатыгар олохторун үгүс сылын анаан, бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ, биэс оҕону төрөтөн, сүһүөхтэригэр туруорбуттара. Бары анал үөрэхтээхтэр, үлэһиттэр, оҕолордоох, сиэннэрдээх ыаллар. Аччыгый уол Анатолий учууталлар династияларын салҕаан СГУ физкультура институтун бүтэрбитэ, хотугу многоборьеҕа Арассыыйа успуордун маастара, успуорт сүгэтин быраҕыыга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, 3 км. ураҕастаах сүүрүүгэ призера, саха национальнай ыстаныыларыгар СӨ успуордун маастара, XX-с үйэ бастыҥ спортсмена, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Анатолий Гаврильевич билигин СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, Дьокуускай куорат «Модун» успуорт киинигэр хотугу многоборьеҕа оҕолору эрчийэр.
Тиһэх кэрдиис да сылларга Гаврил Гаврильевич олоххо интэриэһин сүтэрбэтэҕэ: успуорт сонуннарын куруутун сэргиирэ, күрэхтэһиилэргэ ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан сылдьара. Эдэр учууталларга үлэтин, олоҕун, уопутун кэпсиирэ, үгүстүк хаһыаттарга бэчээттэнэрэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ, Сунтаар улууһугар бокс төрүттэммит үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэр, биэриилэр буолуохтара, бэчээккэ сырдатыахтара. Успуорт уопсастыбаннаһа бэлиэтиир уһулуччу ситиһиилээх спортсменнарын, тириэньэрдэрин кытта сэргэ Саха сиригэр бокс бастакы секциятын тириэньэрэ, успуорт пропагандиһа Гаврил Гаврильевич Сыромятников аата ааттанарыгар, умнууга хаалбатыгар эрэниэҕи баҕарыллар.
Наталья Гаврильевна Попова,
Г.Г.Сыромятников улахан кыыһа.