2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура салааларын үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Оттон хамнас алын кэээмэйин ылар дьон хамнастарын 16,6% үрдэтиэхтэрэ. Ону тэҥэ атын категорияларга — 5,7% үрдэтии көрүллэрэ былааннанар. Ол туһунан Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар иһитиннэрдилэр.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата
(хаартыска интэриниэт ситимиттэн)