Сунтаар ааспыт үйэтээҕи оҥоһуктара – аан дойду биир улахан мусуойун киэн туттар экспонаттара буолбуттара. Ол хайдах этэй?
1867 сылтан 1913 сылга диэри Саха уобалаһа 14 улахан Арассыыйатааҕы быыстапкаларга (ол иһигэр 3 төгүл кыраныысса таһыгар) кыттыбыта биллэр. Олортон биирдэстэрэ 35 дойду кыттыылаах (ол иһигэр Арассыыйа) Аан дойдутааҕы быыстапка 1900 с. муус устар 15 күнүттэн сэтинньи 12 күнүгэр диэри Париж куоракка буолбута. История бу кэрдиис кэмигэр Арассыыйа Францияны кытта сыһыана муҥутуур тупсан турар кэмэ буолан, Арассыыйаҕа олус киэҥ миэстэ бэриллибитэ. Бэлэмнэнии үлэтэ эрдэ саҕаламмыта. Ол курдук 1898 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр Иркутскай генерал-губернатора А. Горемыкин Саха уобалаһын губернаторыгар В.Н Скрыпицыҥҥа суруйбут суругар 1900 с. Парижка ыытыллыахтаах Аан дойду быыстапкатыгар Енисейскэй уонна Иркутскай губерниялары кытта тэҥҥэ Саха уобалаһыттан хомуллан барыахтаах коллекциялар тиэмэлэрэа ыйыллыбыт бырагырааманы кытта билиһиннэрбит.
Онтон 1899 с. кулун тутар 28 күнүгэр Сунтаар норуодунай училищетын учуутала Д.Д.Сивцевтэн уонна Сунтаар улууһун Бутукай нэһилиэгин бочуоттаах инородеһа Г.П.Терешкинтэн Саха уобалаһын губернаторыгар маннык ис хоһоонноох сурук киирбит: «На предстоящую выставку в гор. Париже в 1900 г. мы желали бы бывать представителями от Якутского Отдела на свои собственные средства. Необходимые экспонаты для Парижской выставки как-то: образцы хорошей одежды, узоры на якутских вещах, модели звероловных ловушек и т.п.; приобретение и отправки таковых были произведены на казенный счет.
Для ознакомления с собранными в Якутской области образцами, моделями и т.п. и для получения указаний, руководств и нужных документов на Парижскую выставку имеем прибыть в Якутск по требованию Вашего Превосходительства.
А потому осмеливаемся просить Вас не отказать сделать распоряжения: о командировании нас представителями от Якутского отдела на Парижскую выставку».
Суругу Дмитрий Сивцев суруйбут, Георгий Терешкин үөрэҕэ суох буолан тус бэчээтин туруорбут.
Оччотооҕу кэнэн саха өйүгэр батан киирбэт ыраах Парижка буолбут Аан дойду быыстапкатыгар туох мал-сал барбытын туоһулуур докумуон эмиэ Национальнай архыыпка харалла сытар.
Опись вещам, подлежащим для Парижской выставки
28 мая 1899 г.
Чиновника Сивцева
- Якутская женская рысья доха, подкладь ситцевая, воротник из росомахи, кругом оторочен мехом из морской рыбы (неизвестного наименования), между плечами полукруглые три полосы полевого бобра, обшлага рукавов оторочены красным сукном и ровдугой-100 рублей.
- Якутский женский серебряный пояс с принадлежностями при нем, как-то пластинка серебряная, лук детский, огниво, кисет для табака, кисет для кремней и трута, кожица от лисьей морды, красное сукно, вышитое серебром и коромыслами. Все эти принадлежности подвешены в ровдужные ремни и вдетые в корольки имеют подвески из серебряных пластинок. Ножик и ножны в серебряной оправе-100 рублей.
- Якутское женское серебряное шейное ожерелье с грудными серебряными украшениями, с подвесками, вдетыми в корольки-30 рублей.
Почетного инородца Терешкина
- Якутское женское седло, передок в серебряной оправе, задок в медной оправе, три волосяные подпруги на медных пряжках, два стремени медные, вдетые в ровдужные ремни, отдельная подушка из ровдуги, набитая утиным пером, при нем принадлежности: суконные две боковые албары (тебеньки?), кругом опушки две полосы из красного и черного сукна, средина вышита узором из шелковых ниток, чепрак из такового -же материала, с ровдужными кистями, вдетыми в медные трубочки, отдельный фартук из белых и черных конских кож, обшитый красным сукном, опушенный из росомахи, посредине украшенный корольками и оловянными пуговками, с кистями из суконных лоскутков, вдетыми в медные наперстки и трубочки, переметные сумы из черного сукна, опушенные красным, украшенные клеточками из разных сукон, в них серебряные бляхи, обшитые корольками, с кисточками из серебряных блях, вдетые в корольки, узда в серебряной оправе, повод из ровдуги, вышитый узором из шелка, обрать из ровдуги, украшенная медными бляхами и кольцами, широкий волосяной повод в три полосы, плетка в серебряной оправе из десяти крученных ремней, на них вдеты наперстки-105 рублей.
- Якутский женский серебряный крест с цепочкой, с уховерткой и зубочисткой-35 рублей.
- Мужской серебряный пояс-25 рублей.
А всего на сумму -395 рублей.
Примечание: Прислать за означенные вещи стоимость оных или же таковых доставить обратно чрез гор. Вилюйск, в Сунтарский улус. Прогоны как вперед, так и обратно на казенный счет.
Учитель Сунтарского училища, чиновник Д. Сивцев.
Почетный инородец Георгий Петров Терешкин.
Архыып докумуона кэпсээбитинэн Д.Д. Сивцев уонна Г.П.Терешкин оччотооҕу харчынан 395 солк. суумаҕа (230 солк. – Сивцев, 165 солк. – Терешкин) саха дьахтарын үрүҥ көмүс киэргэллэрин, түүлээх сонун, дьахтар ыҥыырын, эр киһи үрүҥ көмүс курун экспонат быһыытынан илдьэ барбыттар.
Быыстапкаҕа бэлэмнэниини салайар П.П. Семеновка 1900 с. кулун тутар 10 күнүгэр Саха уобалаһын губернатора маннык ис хоһоонноох сурук ыыппыт: «…Д.Д. Сивцев и Терешкин, выражая желание отправиться на собственный счет на Парижскую выставку ходатайствуют об оказании им содействия при обозрении выставки. Предполагая, что Сивцев и Терешкин окажутся полезными для необходимых пояснений гг. заведующим Восточно-Сибирской группой Окраинного отдела я прошу не отказать в содействии упоминаемым лицам при посещении выставки, причем, быть может, Вы найдете полезным поручить им находиться при Якутском отделе для дачи объяснений лицам, знакомым с русским языком. Из Вилюйского округа эти лица намерены выехать 10-го будущего мая, через Витим и Иркутск».
Айанньыттар Сунтаартан урукку истиилинэн бэс ыйын 1 күнүгэр туран баран, Иркутскайынан Санкт-Петербурга тиийбиттэр. Санкт-Петербурга быыстапкаҕа кыттааччылар инструкция ылбыттар, Николай II ыраахтааҕы аудиенциятыгар сылдьыбыттар. Саха уобалаһын олохтоохторун аатыттан Д.Д.Сивцев эҕэрдэ тылы эппитин кэннэ император «Тронут чувствами далекой Сибири» диэн болҕомто уурбутуттан Сивцев учуутал олус долгуйбутун туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран С.И. Боякова бэлиэтиир. Ол кэннэ Новай Петергофка үрдүк сололоох чиновниктары кытта («аҥаардас генерала 16 этэ» диэн Сивцев кэлин суруйбут) сарсыардааҥы аһылыкка сылдьыбыттар. Айаннарын салҕаан Берлин, Мюнхен, Кельн куораттары уҥуордаан 1900 с. от ыйын 20 күннэригэр Парижка тиийбиттэр.
Париж куоракка 10 хоммуттар. Быыстапкаҕа Сивцевтээх Терешкини, Арассыыйа илиҥҥи эҥэрин норуотун бочуоттаах бэрэстэбиитэллэрэ диэн дьон көрүүтүгэр саха омугун кыһыҥҥы, сайыҥҥы таҥаһын кэтэрдэн туруорбуттар, Сивцев ону быһааран кэпсээбит. Ону таһынан үрүҥ көмүстэн, тимиртэн, мастан уонна уҥуохтан оҥоһуктар тустарынан Дмитрий Дмитриевич французтуу кэпсээбитэ биллэр. Саха уобалаһын коллекциятын омук дьоно олус интэриэһиргээбиттэрин көрөн, М.В. Пихтин диэн Арассыыйа коллекциятын дьаһайар тойон Лейпциг мусуойугар 2000 солк. атыылаабыта, Дьокуускайга биир дьааһыктаах гербарий төннөн кэлбитэ биллэр.
«Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира (XVII-начало XX века)» диэн 2012 с. саҕаламмыт норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут улахан үлэттэн экспонат быһыытынан хомуллан барбыт мал-сал үгүс өттө кыайан төннүбэтэҕин, Америка уонна Европа түмэллэригэр, чааһынай коллекцияларга иҥэн хаалбытын Саха сирин учуонайдарын бөлөҕүн улахан суолталаах үлэтиттэн, ол үлэ түмүгэр тахсыбыт хас даҕаны томнаах альбом каталогтарыттан биллибит. Ол курдук, Саха сирин чинчийээччилэрэ Германия Лейпциг куоратын этнографическай мусуойун пуондаларын үөрэтэ сылдьан, ити испииһэккэ киирбит ат тэрилин уонна кини хаһаайына Г. П. Терешкин буоларын архыып үөһэ ахтыллыбыт докумуонугар олоҕуран чуолкайдаабыттар. Түмэл запасниктарыгар харалла сытар нүөмэрдэммэтэх бытархай маллар быыстарыгар Сивцев малын быһыытынан эмиэ ити испииһэккэ суруллубут дьахтар үрүҥ көмүс курун киэргэллэрин уонна моойго кэтэр дьахтар киэргэлин булбуттар.
Дмитрий Дмитриевич Парижтан кэргэнигэр аадырыстаан хас даҕаны суругу, аккырыыкканы ыыппытын туһунан кыраайы үөрэтээччи И.Г.Березкин суруйар. Кэргэнигэр ыыппыт биир аккырыыккатыгар Аан дойдутааҕы быыстапка аарката ойууламмыт уонна маннык суруктаах: «Из Парижа выезжаем в Питер через Вену, Варшаву, за посещение выставки обещано награждение. Поклон общий всем. Августа 2 числа 1900г. Остаюсь твой Д. Сивцев». Бу аккырыыкка билигин Дьокуускайга Емельян Ярославскай аатынан түмэл пуондатыгар харалла сытар.
Урукку сылларга олохсуйбут көрүү быһыытынан быыстапкаҕа сүрүн кыттааччы Сунтаар улууһун кулубата Г.П. Терешкин, онтон Сивцев учуутал кинини арыаллааччы уонна тылбаасчыт быһыытынан сылдьыбыттара диэн этэ. Д.Д.Сивцев олоҕун, үлэтин, киллэрбит кылаатын үөрэтээччи учуонай, Гуманитарнай чинчийии институтун дириэктэрэ биир дойдулаахпыт С.И.Боякова бэйэтин кэнники чинчийиилэригэр уонна П.В.Винокуров булбут архыып докумуоннарыгар олоҕуран, Терешкин уонна Сивцев Парижтааҕы быыстапкаҕа кыттыбыт оруолларын уонна кылааттарын туһунан саҥалыы көрүүлээх сыанабылы биэрбитэ. Ол сыанабыл быһыытынан үөрэхтээх, сайдыылаах, судаарыстыбаннай сулууспаҕа сылдьар губернскай сэкирэтээр чыыннаах учуутал Д.Д. Сивцев инники күөҥҥэ тахсан кэлэр. Дмитрий Дмитриевич Сивцев сэбиэскэй кэм иннинээҕи Саха сирин историятыгар бастакы көлүөнэ саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, Элгээйигэ кииннээн Сунтаар норуодунай училищетын үгүс сылларга салайбыт талааннаах сырдатааччы. Аҥаардас Сунтаар улууһун, Саха сирин эрэ буолбакка, дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүн сайдыытыгар кылааты киллэрбит дьону үөрэтэн таһаарбыт сүдү учуутал. Итини таһынан аан дойду таһымыгар саха норуотун уратытын туһунан кэпсээбит-биллэрбит дьонтон биирдэстэрэ буолар.
Альбина ИВАНОВА.