Саха буолан сандаарыҥ

Ыччакка бастыҥ бэлэх!

Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин? Үйэ тухары турбут ыйытык. Орто уонна аҕа саастаах көлүөнэ хайдах баҕарар хадьатан, анааран ити ыйытыгы таптаабытынан толуйуо эбитэ ини. Оттон билиҥҥи кэмҥэ олорооччу оҕолор, ыччаппыт, кыраларбыт? Кинилэр саастара өссө да аҕыйаҕын буруйунан тугу эмэ көтүтүөхтэрин, билимиэхтэрин, аахайымыахтарын сөп эбээт?

Ситигирдик түгэҥҥэ көмөҕө билии кэлэр. Төһөнү билэргиттэн барыта тутулуктаах. “Интэриниэккэ киир, онно барыта баар” диэн уоскутунар кэм буолбатах. Сымыйа! Интэриниэккэ да сүрэхтээх-бэлэстээх сыбыытыыр, кыахтаах-толкуйдаах эрэ талбытын булан ылан ыпсарар!

Оттон барыга көмөлөөх, биир ыйытыкка дьоһун харданы тутар тутуллаах кинигэ барахсан баар! Ол кинигэлэри, биллэн турар, анаан дьарыктанааччы эрэ дьон түмэр. Иилиир-саҕалыыр кыахтаахтар!

 Барҕа буоллун!

Инньэ диэн мин “Айар” кыһаны ааттыам этэ! Субу күннэргэ “Якутия удивительная и загадочная” диэн бэртээхэй да альбом-кинигэни ааҕааччыга куду анньан биэрдэ! Мин эбитим буоллар, өссө “живительная” диэн эбэн биэриэм этэ! Чахчыта оннук! Таптыыбын көҕөрөр халлааннаах төрөөбүт Ийэ Сир дойдубун! Дьэ, арыйыҥ, биир-биир лиистэрин көрүтэлээ, хайдахтаах курдук улууканнаах сирдэри хаартыскаҕа үйэтитэн, сурукка тиһэн, наһаа судургу буолуор диэри кылгатан, бу сөҕүмэр кинигэҕэ киллэрбиттэрий?

Халыҥ альбом. Элбэх сонуннаах. Муҥурдаммат киэн туттуулаах. Билиҥҥи үөрэхтээх киһи өйдүүрүн курдук  талбыт тылларгынан!

–  Сахалыы буолуоҕун? Тоҕо сахалыы буолбатаҕый?—эмээхсиним кыыһырда сыста!

– Тоҕо наар мыынаҕыный? Сахалыыны көрдөххүнэ “маны нууччалыы гыныахха баара” диигин, аны нууччалыыны аҕалбыппар сахалыппатах буруй түһэн кэллэ!

– Саха сирин туһунан сахалыы тоҕо буолуо суохтааҕый? — аахсар ээ, биэбэкэм.

– Саха сирин туһунан сахалыы кинигэ онно, “Айарга” тобус-толору!  – диэтим, сарсын кинини бэйэтин соһон илдьэр соруктанным.

Сөпкө кини этэр. Тоҕо диэтэххэ, үс сыл буолла, кинигэ маҕаһыынын манааччы Анньыыһын. Эмээхсин ол эргин сылдьыбат. Ол иһин билбэт. Онон, доҕоттор, сүбэбин истиҥ, мин туос саха эмээхсиним курдук мөккүһээччи баар буоллаҕына, тугуттан да буоллун, кинигэ маҕаһыыныгар соһуҥ, көҥүлү биэрэбин! Оччоҕо онно тиийэн күн талбыта баарын көрөн, дьэ, итэҕэйдиннэр!

Бэртээхэй да буолуо!

Саас кэллэ. Уу-хаар тахсыбытын сирбит-уоппут иҥэринэн иһэн кэбистэ, куурда оҕуста. Үөрэх дьыла бүтэрэ субу кэллэ.

Доҕоттор! Дьэ бу үйэлээх кинигэбитин кэрдиис  кылаастарын тахсыбыттарга, анаан-минээн эҕэрдэлээччилэргэ туһаайан, тииспин тууран да туран, мэктиэлиибин! Маннык үйэлээх кинигэни бэлэх уунар учуутал дьоло. Кини 11 сыл устата такайбытын иҥэринэн киһи буолар суолга үөрэнээччилэрэ туруммуттарыгар бэртээхэй алгыс кэриэтэ! Сибилигин аахпатын, баҕар долбууругар биир-биэс сыл ууруллан турдун! Кэмэ кэлиэҕэ, биир үтүө күн арыйа биэрэн, баччалаах барҕа сиртэн тардыылаах дьоллоох киһибин дэнэ сананыаҕа! Итэҕэйиҥ, мин эрэнэбин! Маннык үтүөкэн альбом-кинигэ баара астыгын!

Барыта  – киитэрэс!

Аны ити хайҕаабыт альбоммун кытта аттыгар турар эмиэ ситигирдик ааттаах эрээри дьэрэкээн өҥүнэн симэммит, чараастыҥы хахтаах кинигэни көрбүтүм – син биир ити альбомум!

Көр эрэ, биэбэйдэри! Бу чараас хахтааҕа сыаната чэпчэки эбит! Ол аата оҥорон таһаарарга, оннооҕор, мин эмээхсиним курдук биэнсийэлэрин харыһыйааччыларга кытта анаан-минээн, дьоҕус соҕустук сыаналаан, хармааны кураанахтаабат курдук атыылаһарга бэртээхэй доҕуур оҥорбут “айардарбар” аймалҕана суох айхал!

Ырыынакпыт ынчыктатара баар суол. Туох баар уруккуттан киирэр-тахсар суолбутун омук судаарыстыбалара бүөлүү сатаан, ылар кумааҕыбытыгар тиийэ кэччэйэн уонна туура атыылаабат саансыйа сокуоннананнар да, биһигини бүдүрүтүө суохтар!

Мин олус да үөрдүм, хайҕаатым, хаһан да санаабын аһаҕастык баллаччы этэбин. Онон-манан киирэн-тахсан биһиги сайдыахтаах суолбутугар тугу да туора бырахтыннар, бу “Айар” курдук ааҕааччытын кыаҕын көрөн олорон учуоттуур бородууксуйалаахтары өйүөҕүҥ ээ! Оччотугар икки куобаҕы тэҥҥэ “лас” гыннарабыт! Бастатан туран – туохха да бэриммэппит, бородууксуйаны туһанабыт. Иккиһинэн – билиибитин, ону сомсор аартыкка киириибитин туох да тохтоппот, син биир ааҕа сытыахпыт!

Дьэ, “Якутия удивительная и загадочная” кинигэни быһа ааһымаҥ: атыылаһыҥ, туһаныҥ, ыччаккытыгар бэлэхтээҥ, ыраах сиргэ баар доҕотторгутугар-атастаргытыгар, омуктарга киһиргээҥ, кэһиилээҥ!

                                                                 Анньыыһын НЕУСТРОЕВ, Дьокуускай

 

 

Читайте дальше