Сааскы халаан, ойуур баһаара: төһө бэлэммит?

      Сааскы халааҥҥа, сайыҥҥы баһаардартан сэрэхтээх буолууга бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаланна. Бүгүҥҥү күҥҥэ ити боппуруоска Сунтаар улууһа туох-хайдах бэлэмнээҕин  улуус баһылыгын I солбуйааччы Николай Павлович Александров билиһиннэрэр:

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев дьаһалынан тэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата быйылгы сезоҥҥа үлэлииргэ бэлэм.

Сааскы халаан уута ааһарыгар бэлэмнэнии. Сунтаар улууһун сиригэр-уотугар халаан уутуттан эмсэҕэлиир кутталлаах 18 нэһилиэк баар. Ол эбэтэр, 5819 олорор дьиэ, манна олохтоох 18351 киһи, 289 социальнай, 62 олоҕу хааччыйар эбийиэктэр.

Ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр 16013 киһини быстах кэмҥэ олордорго 70 пуун үлэлииргэ бэлэм.

Сунтаар улууһугар сааскы халаан кэмигэр Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар биир кэлим судаарыстыбаннай тиһик (РСЧС) Сунтаардааҕы салаатын 16 сулууспата үлэлиэ. Оттон халаантан эмсэҕэлээһини туоратарга 15 сулууспа үлэлиирэ былааннанар.

Халаан уута ааһар кэмигэр чопчу анал гидрометеорологическай дааннайы ыларга “Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управлениены” кытта дуогабардаспыппыт.

Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтэ быһаарыытынан бу 2024 сылга ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ уонна туоратарга  улуус резервнэй пуондатыгар 2 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

Бу кулун тутар 20 күнүгэр халаан уутун куттала суох аһарарга нэһилиэк баһылыктара кыттыылаах ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ, туоратарга уонна баһаарынай куттал суох буолуутугар  хамыыһыйа үлэлээтэ. Манна суолталаах кэккэ боппуруостары көрдүлэр: төһө уматык баара, ыксаллаах балаһыанньаны туоруурга үп-харчы, материальнай-техническэй өттүнэн (мотопомпалар, генератордар, сибээстэһэр тэриллэр, о.д.а.), ыксаллаах балаһыанньа буолар түгэнигэр дьону быстах кэмҥэ олордор пууннар, эвакуацияланар суоллар төһө бэлэмнэрэ.

Чопчулааһын кэннэ билиҥҥи туругунан ыксаллаах быһыы-майгы бүрүүкүүр түгэнигэр РСЧС сулууспатыттан 1009 киһи (онтон 661-рэ бастайааннай), 118 техника (75 а/м, 32-тэ – анал техника, 15-һэ инженернэй), 9 беспилотнай аппараат, 10 устар тэрил үлэлииргэ бэлэмнэр.

Сааскы халаан уута ааһар кэмигэр улуус сиригэр-уотугар 4 бастайааннай стационарнай гидрологическай кэтээн көрөр пост үлэлиэ (Кириэстээх, Сунтаар, Кэмпэндээйи уонна Сиэйэ нэһилиэктэригэр).

Сайыҥҥы ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга.  Сайыҥҥы ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга, уот турар да түгэнигэр эрдэттэн бэлэмнээх буолуу ирдэнэр. Манна биһиги улуус ааспыт сылларга ойуур баһаарын умулларыыга ыыппыт үлэбитин үөрэтэн, анаалыстаан көрөн, кэккэ итэҕэстэри-быһаҕастары учуоттаан быйылгы дьылга ону өссө ыпсаран, тупсаран биэрэргэ үлэлэһэбит.  Бастатан туран, эрдэттэн сөптөөх дьаһаныы, ол эбэтэр нэһилиэнньэҕэ туһаайыллыбыт профилактика үлэтэ хаһан баҕарар күүскэ ыытыллыахтаах. Ол курдук, биһиги видео, аудио роликтары олохтоох араадьыйаҕа таһаарыахпыт, улууспут хаһыатыгар буоларын курдук сэрэхтээх буолууга туһуламмыт иһитиннэриилэр, ыстатыйалар тахсалларын былаанныыбыт. Ону сэргэ туһааннаах баннердар ыйаныахтара, брошюралары, листовкалары түҥэтиэхпит.

Бары көрө-истэ билэ сылдьабыт, сылын аайы дойду үрдүнэн айылҕаҕа сэрэҕэ суохтук сыһыаннаһыыттан хаарыан күөх тайҕабыт эмсэҕэлиирэ хомолтолоох. Билигин хас биирдии киһи айылҕаҕа олус болҕомтолоохтук, харыстабыллаахтык уонна саамай сүрүнэ сэрэхтээхтик туттуохтаах.

Сэрэтии үлэтин таһынан нэһилиэнньэлээх пууннарга баар минерализованнай полосалары табыгастаахтык оҥорууга күүстээх үлэ барыаҕа.   Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын үлэтин чэрчитинэн хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ баар ойуурдаах сиртэн чугас учаастактаах бас билээччилэри кытта өртөөһүн үлэтэ кытаанахтык бобулларын туһунан сүбэ мунньахтар буолуохтара.  Ойуур уотун умуруорууга кыттыахтаах бары структура үлэһиттэрин кыахтарын, билиилэрин бииргэ түмэн ойуур баһаара тахсыбатын курдук сэрэтии үлэтигэр билиҥҥэттэн үлэ саҕаланыахтаах.

Бу сыл тохсунньу 17 күнүгэр Сунтаар улууһун территориятыгар 2024 сылга ойуур баһаарын умуруорууга үлэ былаана бигэргэммитэ.  Онно олоҕуран дьоммут, туттуллар мал-сал ахсааныттан билиһиннэрдэххэ маннык – 180 киһи (28 бөлөх), 35 мотопомпа, 34 бензопила, 4 беспилотнай аппараат, 282 РЛО, 14 тыраахтар (колеснай), 2 тыраахтар (гусеничнай), 2 автобус (вахтовка), 1 единица тралл, 1 грузовой массыына, 7 баһаарынай автоцистерна, 33 баһаарынай емкость, 1 лесопожарнай автоцистерна (лесопож. массыына), 1 тыраахтар (лесопожарн.), 3 бульдозер, 4 булуук о.д.а. Маны тэҥэ 7  киһилээх патрульнай-хонтуруоллуур бөлөх бигэргэммитэ. Сунтаар улууһун бары 26 нэһилиэгэр  уопсайа 234 киһиттэн турар патрульнай, патрульнай-маневреннай уонна маневреннай бөлөхтөр тэрилиннилэр. СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын быһаччы өйөбүллэринэн Сунтаар улууһугар ыксаллаах быһыыга-майгыга туһанарга вездеходнай техниканы ыларга 5 мөл. солк. көрүллэрин туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.

Онон сааскы халааны этэҥҥэ ааһан, самаан сайыммытыгар бары күөх тыабытын харыстаан, өртөөһүнү ыыппакка, уоттан сэрэх буолары умнумуоҕуҥ.

Биһиги корр. 

 

Читайте дальше