Сунтаарга «Бартыһаан» култуура киинэ таһыттан киһи да киһи. Күɵххэ үктэнэн хаһаайка үгүһэ үүнээйитин бэрийэр, бу сайын олордоругар арассаадатын булунар. Хата икки ɵттүттэн атыылааччыга да, атыылаһааччыга да табыгастаах тэрээһининэн дьаарбаҥка буолла. Манна күɵх үүнээйи рассадата, сибэккилэр араастара хамаҕатык атыыланна. «Мачыыс» хаһаайыстыбатын ийэ баһылыга ГалинаАфанасьевна бу күн кус этин үргээн, бэлэмнээн, ону кытта тыыннаах кɵтɵрү атыылыыр. Онтон эдэркээн кыысчаан Алиса Зедгенидзева бэйэтэ оҥорбут ытарҕаларын, симэхтэрин батарар, хата дьэрэкээн айымньыларыттан үһү бэйэбэр ылынным. Дьаарбаҥкаҕа сылдьан үүнээйитин, аһын-үɵлүн, таҥаһын, киэргэлин булбут элбээтэ. Маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара олус үчгэй диэччилэр эмиэ үгүстэр.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше