Бүгүн чалбахха оҕолор уу кэһэн оонньуу сылдьалларын көрөн, оҕо сааспын санаан кэллим…
Уу кэһиитигэр улахан бириистээх күрэс
Кыракый дэриэбинэ оҕолоро халлаан сылыйаатын кытары таһырдьаны былдьаһарбыт. Таһырдьаттан дьиэҕэ киирии улахан ыҥыртарыылааах, ардыгар талах мас тутуурдаах ийэлэрбит сылгылааһыннарын түмүгүнэн буолара.
Оччолорго (олох былыргы үйэтинээҕини ахтар курдук) күнүс 3 чаастан алтаҕа диэри оскуолаҕа баран уруок ааҕарбыт. Кылааһынан мустан уруок ааҕыытыгар барарбытыгар, саас уу-хаар таҕыстаҕына, ким дириҥ чалбаҕы кэһэр эбитий диэн куоталаһыы тэрийээччибит. Күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии кытаанаҕа эрдэттэн буолара. Дьэ ити курдук бэлэмнэнии кэнниттэн ким хайдах саппыкылааҕынан кэтэн уу кэһиитигэр турнирбыт саҕаланар. Саамай уһун остоох саппыкылааахтар манна күннээччилэр. Кинилэр чалбаҕы саамай дириҥинэн кэһэн ааһаллар. Кинилэри ситээри кылгас саппыкылаахтар эмиэ дириҥҥэ киирэн баран, атахпытыгар ууну киллэримээри, хамсаабакка туран хаалар буоларбыт. Кыратык хамсаан ууну дьалкыттыҥ да, саппыкыгар тымныы ууну баһан ылаҕын уонна хотторон, күрэхтэһииттэн туоруугун. Оскуолабытыгар хойутаамаары инчэҕэй атахтаах барабыт (дьиэҕэр төннөн төрөппүттэргиттэн да мөҕүллэргиттэн куттанан буолуо).
Ол саҕана биһиги үөрэнэр оскуолабыт оһоҕунан оттуллар этэ. Биир оһох кэннигэр мас кыстыыр кыракый хос курдук баара. Онно атахпыт таҥаһын устан, наскыларбытын аатыгар эрэ уутун ыган баран, кыстаммыт маска саба быраҕан куурда уурарбыт, саппыкыларбыт ууларын ардыгар сүөкээбэккэ да, онно хаалларан, физкультураҕа кэтэр кедабытын анньынаат, кылааспытыгар сүүрэрбит. Өссө лаппа илийбит, сытыйбыт оҕолор физкультураҕа кэтэр трико ыстааммытын кэтэн, уу чоккурас буолбут тас эрэ ыстааннарбытын эмиэ ыктаҕа буолан баран, маска аргынньахтыы быраҕарбыт.
Оттон киэһэлик дьиэҕэ куурбут атах таҥастаах барарбыт. Ол биһиги бэйэбит онно-манна сабыта быраҕаттаабыт наскыларбыт, саппыкыларбыт хаһан кууруохтарай. Оскуола остуорастара бэрийэн куурдан кэбиспит буолаллар. Билигин санаатахха, барахсаттар оҕолор тоҥуохтара диэн ийэлии харыстаан, бүөбэйдээн, биир да мөҕүттэр тылы саҥарбакка, бэрийэн кэбиһэллэр эбит.
Аны ити ууну кэһэр күрэхтэһиибит бириистээх буолара. Бирииспит — уруок ааҕа кэлбит манньабытытыгар биэрэр бичиэнньэлэрэ, кэмпиэттэрэ. Билиҥҥинэн, үөрэх ирдэбилинэн үөрэнээччилэр күннээҕи нуорма аһылыкпытыгар киирэр күндү астар буоллаҕа.
Лапта – оҕо аймах сөбүлүүр оонньуута
Саас халлаан сылыйда да, дэриэбинэ оҕото мустан уулуссаҕа лапта оонньуурбут. Ол саҕана туох улахан, элбэх тиэхиньикэтэ кэлиэй, онон оҕо суолга эчэйиэ диэн куттал суох буоллаҕа. Дөрүн-дөрүн от, мас тиэммит тыраахтар ааһар уонна суох.
Дьэ, бу олус умсугутуулаах, сүүрүүлээх-көтүүлээх, хаһыылаах оонньуубут киэһэ халлаан хараҥарыар диэри барара. Мустар да чааспыт киэһэ 6 чаас кэнниттэн 9-с чааска, ардыгар 10-ҥа диэри уһаан дьиэбитигэр мөҕүллүүлээх буоларбыт.
3-4 чаас уулуссаҕа дэлби сүүрэн, хаһыытаан, эбиитин үтүлүкпүт, хаатыҥкабыт илийэн, бэйэбит титириэхпитигэр диэри тоҥон, дьиэбитигэр хоочугураан киирэн, аан таһыгар таҥаспытын устаат, хоспутугар “дьылыс” гынарбыт. Мин балтыбынаан эмиэ бу көртөн олох маппат этибит. Ити дэлби тоҥон, илийэн кэлбит таҥаспытын ийэбит барахсан ыраастаан, куурдан, сарсыҥҥы үөрэхпитигэр куурбут, сылаас таҥастаах барарбыт.
Дьэ, бу курдук, таһырдьа оонньуу сылдьар кырачааннары көрөн, мин эмиэ оҕо сааспын санаан, манньыйан ыллым ээ уонна тоҕо эрэ Анастасия Варламова:
«Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө
Эрбэллээхтээн, сэрбэллээхтээн
Оҕо сааһым одуулуур…» диэн ыллыы турара харахпар көһүннэ.
Яина ВЛАСЬЕВА