Сааны харайыы сүрүн ирдэбиллэрэ

Кэнники кэмҥэ саанан быhылаан тахсара элбээбитинэн, сааны-саадаҕы харайыы, илдьэ сылдьыы сүрүн ирдэбиллэрин санатабыт:

— саа-саадах уонна ытар ботуруоннар хаһаайын пропискалаах олорор сиригэр, тимиртэн оҥоһуллубут сиэйпэҕэ эбэтэр дьааһыкка харайыллан ууруллуохтаахтар. Сиэйпэ, дьааһык таһыттан күлүүһүнэн хатаныахтаах, күлүүс  тыла   туора  дьон  ылбат сиригэр ууруллуохтаах;

— сааны-саадаҕы лицензиялыыр-көҥүллүүр үлэ отделениетынан бэриллибит анал көҥүлүгэр (разрешениеҕа) олоҕуран, булт көҥүлүн кэмигэр, эбэтэр ытыыга күрэхтэһии кэмигэр илдьэ сылдьыы көҥүллэнэр, маны таһынан хаһаайын паспора, булчут билиэтэ, булка лицензията баара булгуччу ирдэнэр;

-сааны-саадаҕы  ыһьан анал чехолга хаалаан бэйэҕэ сүгэн, эбэтэр тиэхиникэҕэ тиэйэн илдьэ сылдьыы  көҥүллэнэр;

-алдьаммыт, сорох чаастара алдьаныылаах саанан-саадаҕынан бултуур бобуллар;

— саанан бултуур кэмҥэ итирдэр утахтары иһэр кытаанахтык бобуллар;

— өскөтүн туора киһи сааны ылан буруй оҥордоҕуна, сааны бас билээччи холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. Сааны атын киһиэхэ  уурдарар, уларсар, биэрэр булгуччу бобуллар.

— саа уоһугар ботуруону бултуур сиргэ тиийэн эрэ баран угуллар, иитиилээх саа предохранительгэ туруоруллар, дьон, дьиэ сүөһүтэ баар сирин диэки туһаайыллыбат;

— бултаан бүтээт, саа уоһуттан эстибэтэх ботуруон  оронуллар, саа ыһыллан чехолга хааланар;

—  сааны-саадаҕы харайыы, илдьэ сылдьыы ирдэбилин кэһии түмүгэр саа анал боротокуол толоруллан хаһаайынтан былдьанар  уонна дьуһуурунай чааска туттарыллар, саа хаһаайыныгар административнай боротокуол толоруллан миэрэҕэ тардыллар.

Ытыктабыллаах булчуттар!

Сааны-саадаҕы харайыы, илдьэ-сылдьыы ирдэбиллэрин, булт көҥүлүн болдьоҕун тутуһаргытыгар, булка, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргытыгар  ыҥырабыт.

 

Сунтаар улууһунун  сааны лицензиялыыр-көҥүллүүр үлэ отделениета