Эһиил, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР исскустволарын диэйэтэлэ, Үлэ Кыһыл знамя уордьанын икки төгүллээх кавалера, аар тайҕа ырыаһыта С.А.Сибиэрэп- Кыыл Уола 125 сылын көрсө улахан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыах Сунтаарга ыытыллыаҕа. Сүдү киһибит үбүлүөйдээх сылын көрсө бэлэмнэнии үлэлэрэ билиҥҥиттэн барар. Ол курдук, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха сирин Үҥкүү национальнай тыйаатырын культурнай-историческай сыаллаах экспедиция айанын Сэргэй Сибиэрэп үөскээн-төрөөн ааспыт ытык Ыгыатта сириттэн саҕалаата. Экспедицияҕа тыйаатыр салайааччыта Александр Алексеев, сүрүн балетмейстер Долаана Федотова, балетмейстер Юрий Федоров уонна Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Николай Юрлов бааллар. Экспедиция сүрүн соругунан С.А.Зверев-Кыыл Уола туруорбут үҥкүүлэрин тыйаатыр репертуарыгар киллэрэн артыыстар толороллорун курдук хамсаныыларын билистилэр уонна “Оһуор” үҥкүү дьиҥ чахчы хайдах үҥкүүлэнэрин чопчулааһын буолла. Салгыы экспедиция Элгээйигэ, Сунтаарга үлэлээтэ. Манна Сибиэрэп ансаамбылын кыттыылаахтарын кытары көрүстүлэр. Ону тэҥэ, Сибиэрэп киинин иһинэн үлэлиир “Түһүлгэ”НФК оҕолоругар үҥкүүгэ маастар-кылаас биэрдилэр. Ытык киһи пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууга кыттыстылар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Сунтаар улууһугар сырыытын кэмигэр ыһыах тула үлэлиир дьону кытта сүбэ мунньах тэрийдэ.
Кини үлэтин чэрчитинэн ыһыах түһүлгэтигэр барыахтаах тутуулары билистэ. СӨ култууратын миниистирин солбуйааччы Мария Турантаева С.А.Зверев-Кыыл Уолун үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллыахтаах култуура тэрээһиннэрин сырдатта. Ол курдук, олоҥхо, ырыанан үҥкүүнэн дьүһүйүү испэктээк бэлэмнэнэ сылдьарын, Сибиэрэпкэ аналлаах научнай-практическай конференция, норуот уус-уран айымньытын күрэһэ, саҥа кинигэлэр, биэриилэр тахсыахтара диэн иһитиннэрдэ. Билигин ыһыах күнүн чопчулааһын, Сибиэрэп аатынан норуот уус-уран айымньытын толорооччуга, көҕүлээччигэ бириэмийэ олохтонуохтааҕын туһунан кэпсэтии СӨ бырабыыталыстыбатын таһымыгар ыытылла турар. Онон кэлэр сыл элбэх култуура тэрээһиннэринэн баай буолуоҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА