Психологическай трениннэр буоллулар

Быйылгы үөрэх дьыла номнуо саҕаланан, аҥаара түмүктэнэн, 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр эппиэтинэстээх күннэр саҕаланнылар.

Сунтаардааҕы психологическай киин исписэлиистэрэ Татьяна Антипина, Алена Павлова ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар нэһилиэгин 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар 9-с, 11-с кылаастарга ОГЭ, ЕГЭ эксээмэннэрин долгуйбакка, эрэллээхтик, доруобай туруктаах, ситиһилээхтик туттаран түмүктүүллэригэр аналлаах «Оҕо эмоциональнай туругун бөҕөргөтүү» диэн психологическай тренинг ыыттылар. Онтон 5-с, 6-с, 7-с, 8-с, 10-с кылаастарга түмсүүлээх, эйэлээх буолууга оонньуу быһыытынан тренинг буолла. Үөрэнээччилэр бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, олус түмсүүлээхтик кытыннылар. Оҕолорго баҕарабыт үрдүк ситиһиилэри!

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардаҕы филиала

Читайте дальше