Профориентационнай педагогическай туурга сырыттыбыт

Балаҕан ыйын 27-28 күннэригэр Элгээйи-Бүлүү-Ньурба-Элгээйи маршрутунан педагогическай бөлөх 10-11 кылааҺын 19 үөрэнээччилэрэ уонна салайааччылар — Вячеслав Сафонов , Туйаара Миронова, Айгыына Игнатьева профориентационнай педагогическай туурга баран элбэҕи билэн-көрөн кэллибит.

Бүлүүтээҕи Чернышевскай аатынан профессиональнай-педагогическай колледж дириэктэрэ — И.И.Алексеев , научно-методическай отдел салайааччыта — Н.В.Васильева  уонна педагогическай кылаастар үлэлэрин сүрүннүүр методист А.В.Софронова  бэрт интэриэҺинэй бырагыраама бэлэмнээн көрүстүлэр. Ол курдук, колледж үлэтин-хамнаҺын, ханнык идэлээх специалистары бэлэмнииллэрин сырдаттылар. «Учуутал түмэлигэр» экскурсияҕа сырыттыбыт. Колледж иҺинэн үлэлиир «Небо без границ» киин устудьуоннара БПЛА маастар кылааҺын ыыттылар. Бу ордук уолаттар интэриэстэрин тарта. Тойбохойтон сылдьар физкультурнай салаа устудьуонун кытта көрсөн кэпсэттибит. КөрсүҺүүбүт төгүрүк остуол тула кэпсэтиҺиинэн түмүктэннэ.

Салгыы Г.С.Донской аатынан Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа тиийэн, актыбыыс оҕолору кытта билсэн-көрсөн, доҕордоҺуу киэҺэтэ тэрилиннэ.


Оскуолаҕа хонон баран, сарсыарда эрдэ, Ньурба куоракка Бүлүү бөлөх оҕолорун түмэр «Күн» пуорумугар кыттаары айаҥҥа туруннубут. Пуорум сыала-соруга: төрөөбүт төрүт тылынан оҕону сахалыы иитии буолар. БиҺиги оскуолаттан икки хамаанда кытынна: бэйэлэрин билсиҺиннэрэн «Ийэ тылбыт бүгүн уонна сарсын»-аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыстылар. Станциянан оонньоотулар, «Муҥха» оонньууга бэйэ-бэйэни кытта өссө үчүгэйдик билистилэр. Төгүрүк остуол тула олорон сахабыт тыла сүтэн, симэлийэн хаалбатын туҺугар оҕолорго «Күн» хамсааҺын нөҥүө элбэх үлэ, тэрээҺин барыахтаах диэн көрсүҺүүбүтүн түмүктээтибит.


Икки күн устата «Бырагыраама — киэҥ, бириэмэ — ыгым» диэн этиинэн салайтаран элбэҕи көрдүбүт-иҺиттибит, үгүс дьону кытта билсистибит. Маннык сырыы оҕолору сайыннарар, киэҥник толкуйдатар. Үөрэнээччилэрбит инники талыахтаах идэлэригэр бу профориентационнай туур туҺалаах буолуо диэн эрэнэбит.


Маҥнайгы педагогическай туурбут Ньурба улууҺун Убайаан оскуолатын педагогическай кылааһын оҕолорун кытта билсиҺиинэн саҕаламмыта.
Махтаныа этибит маннык көрсүҺүүлэр, айаннар наадаларын өйдүүр, көҕүлүүр, өрүү көмөлөҺөр дириэктэрбитигэр- Софья Игнатьева, сөпкө өйдөөн, оҕолорун эрэнэн ыыппыт терөппүттэргэ, сыыдам сырыылаах суоппарбытыгар — Максимҥа.

Туйаара МИРОНОВА, 

педагогическай бөлөх куратора