Атырдьах ыйын 21-31 күннэригэр Сунтаарга үгэс быһыытынан сылын аайы ыытыллар «Помоги пойти учиться!» аахсыйа ыытылла турарын санатабыт. Бу аахсыйа сүрүн соруга уустук балаһыанньалаах, тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөргө, өйүүргэ туһуланар. Ол курдук, ытыктабыллаах Сунтаар олохтоохторо, үтүө санаанан салайтаран тус көмө быһыытынан канцелярскай табаардары уо.д.а. оскуолаҕа ирдэнэр туһалаах малы аҕалан, бу аахсыйаҕа кыттыаххытын сөп.
Тутар пууннар:
«Кэскил» Сунтаардааҕы дьиэ кэргэҥҥэ иитии киинэ;
Сунтаардааҕы ИДьМ отделыгар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор инспекциялара (ОМВД дьиэтэ);
Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар опека уонна попечительство отдела;
Ыччат политикатын управлениета (типография дьиэтэ)
Сунтаар үтүө-мааны олохтоохторо бу аахсыйаҕа кэлэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.