Урукку сылларга почта ырааҕы кытта ситимниир, тэйиччини чугаһатар биир сүрүн тэрилтэ буолара. Хас биирдии нэһилиэнньэлээх пуун почтата суох табыллыбата. Дойду сонунун хаһыаттартан, сурунааллартан ааҕан, атын дойдуга олорооччулардыын кэмбиэрдээх суругунан алтыһан аастахпыт. Билиҥҥи Арассыыйа почтата уруккуттан сүгэн кэлбит сүрүн үлэтин ыһыктыбат, ону таһынан хабар эйгэтэ быдан кэҥээн, толорор үлэтэ лаппа элбээбит.
“Почта России” Сунтаардааҕы салаатын начальнига Ирина Егоровалыын үлэ-хамнас тула кэпсэттибит.
– Ирина Станиславовна, Сунтаар улууһугар билиҥҥитэ почта хас отделениелааҕый, хас почтальон үлэлиирий?
– Улуус үрдүнэн 16 отделение үлэлии олорор. Бу манна уопсайа 12 почтальон баар: 8 – Сунтаар нэһилиэгэр, 2 – Элгээйигэ, 1 – Тойбохойго, 1 – Бордоҥҥо.
– Билиҥҥи почта үлэтэ аҥаардас сурутууну аадырыска тириэрдиинэн эрэ муҥурдаммат. Эбии ханнык үлэни толороҕутуй?
– Почтаны аадырыска тириэрдиини таһынан удамыр сыаналаах дьон наадыйар табаарын, бородууктатын атыылыыбыт. “Почта баан” оҥорор өҥөтүн толоробут: кирэдьиити биэрии, счекка харчы уурунуу, төлөбүрдэри ылыы, биэнсийэни түҥэтии, о.д.а. Маны таһынан страховкалааһын араас көрүҥүн оҥоробут. Холобур, тиэхиньикэни, дьиэлэрин, бэйэлэрин эбэтэр оҕолорун страховкалатааччылар.
– Хаһыаты, сурунаалы сурутуу чааһын ылан көрдөххө, Сунтаар улууһа ааҕар улуустарга киирсэр.
– Нэһилиэнньэ ордук сахалыы тыллаах хаһыаты хото суруттарар диэн бэлиэтээн этэр тоҕоостоох. Онно киирсэр улууспут хаһыата, “Кыым”, “Саха сирэ”, “Аар тайҕа”, “Киин куорат”.
– Почтаны тириэрдиигэ уустуктар бааллар дуо?
– Кэнники сылларга ыт кыһалҕата турар. Ордук манна, Сунтаарга, Химия уонна Хомустаах өттүгэр. Ону таһынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр домофоннарын кода сотору-сотору уларыйар буолан үгүс күчүмэҕэйи көрсөбүт. Хас саҥа код уларыйдаҕын аайы биллэрэн испэттэрэ атахтыыр. Кыбартыыраҕа эрийэн тиийдэххэ арыйар киһи аҕыйах. Цеолит уопсай дьиэлэрэ почталарын дьааһыга отой даҕаны суох. Манна эбиитин почтальоннарбыт хамнастара кыччаан, билиҥҥитэ инникитин үлэ-хамнас хайдах буолара биллибэккэ турар.
– Ааҕааччыларга туһаайан тугу этиэҥ этэй?
– Чааһынай дьиэлээх ыттаах дьоҥҥо, почтальон куттала суох үлэтин толорорун хааччыйан, ыттаргытын баайыҥ диэн этиэм этэ. Үлэ кэмигэр, соруга толору туоларыгар бэйэ-бэйэни өйдөһүү үтүө эрэ түмүктээх буолуоҕун өйдүөх кэриҥнээхпит. Почта өҥөтүн туһанааччылар күннэтэ үксүү туралларыгар баҕарабын.
– Ирина Станиславовна, кэпсэппиккэр махтал!
Марфа ИВАНОВА