Кутана нэһилиэгин олохтооҕо Сардана Степанова ураты, интэриэһинэй дьарыктаах. Кини туттуллубат, эргэ малы-салы иккис тыынныыр. Сүрүннээн пластик матырыйаалы туһанан дьиэтин таһын ханна да хатыламмат, кэрэ көстүүлээх оҥорор. Бу дьарыгын кини өссө 2010 с. саҕалаабыт. Өр кэмҥэ уһуйааҥҥа үлэлээбит буолан, бары барытыгар айымньылаахтык сыһыаннаһар. Маны таһынан, сатабыллаах хаһаайка сибэкки, оҕуруот аһын олордуутунан, тигиинэн дьарыктанар, айылҕаны кытта чугастык алтыһар. Дьиэтин таһын киэргэтиигэ киһи ааҕан сиппэт элбэх пластик бытыылка хаппаҕын туһаммыт. Үксүн кыһын өттүгэр матырыйаалын муһар, онтон халлаан сылыйда да сыһыаран барар. Онон сылтан сыл аайы тэлгэһэтэ саҥа, кэрэ көстүүлэнэн иһэр. Дьэрэкээн өҥнөөх лиэнтэлэринэн олбох оҥорор. Сардана Николаевна дьиэтин таһын киэргэтэн “Экология тиэргэнтэн саҕаланар”, «Тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэн» диэн күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Ордук кини дьарыгын чугас дьоно, доҕотторо өйүүр буолан маннык кэрэ көстүүлээҕи айан-тутан таһаарабын диэн этэр. Бу курдук экологияны киртиппэккэ, харыстаан, өйдөөхтүк туттан айылҕабытын харыстыы үөрэниэххэ.
Мира АФАНАСЬЕВА