Тэҥкэ олохтооҕо Павел Игнатьев сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Ону сэргэ 10-тан тахса ынах сүөһүлээх. Бу хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин кыһыны холкутук кыстатан таһаарарыгар Павел Григорьевич суоттуурунан 500 туонна оту оттуон наада. Халлаан туругуттан көрөн ылыммыт былаанын толорор санаалаах. Билиҥҥи туругунан 50 туоннаны рулоннаан бэлэмнээтэ.
Хаһаайыстыба оттуурга 400 га сирдээх, дьонтон эмиэ арендалыыр. Бүгүҥҥү күҥҥэ биэс буолан оттуу сылдьаллар.
Павел аны күһүн эбии сүөһү атыылаһар былааннаах. Ол эрэн, манна биир сүрүн кыһалҕанан үп тиийбэтэ буолар. Онно эбии сэлээркэ, бензин, тиэхиньикэлэр саппаас чаастарын сыаната үрдүү турара эмиэ үлэни атахтыыра биллэр. Ону таһынан атаҕар бигэ туруммут кыра хаһаайыстыбалары өйүүргэ улуус иһинэн көмө баара буоллар, онтон тирэхтэнэн сайдыы өссө күүһүрүө этэ диэн Павел Григорьев санаатын үллэстэр.
Ааптар: Яина Власьева