Патриоттуу иитиигэ сэминээр буолла

Сэтинньи 28 күнүгэр И.Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх политехническай орто оскуолатыгар «Преемственность в гражданско-патриотическом воспитании детей дошкольного и школьного возраста в контексте современных условий» диэн сэминээр буолла. Сэминээргэ уопсайа оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтиттэн 31 уонна алын сүһүөх оскуолалартан 45 педагог кытыннылар.

Күн бастакы аҥаарыгар аһаҕас уруоктар, дьарыктар буоллулар. Ол курдук, “Солнышко” уһуйаан орто бөлөҕөр С.С. Конобулова “Собо күнэ”, улахан бөлөххө Н.И. Баишева “Дойдум сирин аһа”, оскуолаҕа бэлэмниир бөлөххө С.П. Жиркова “Үлэ киһитэ” диэн дьарыктары ыыттылар. Уһуйаан кэлэктиибэ оҕону патриоттуу иитиигэ уопутуттан үллэһиннэ. Ол кэннэ сэминээр кыттыылаахтарыгар уһуйаан иитээччилэрэ оҕолору кытта “Вместе дружная семья” диэн холбоһуктаах мусукаалынай туруорууларын көрдөрдүлэр.  Оскуолаҕа 1-кы кылаастарга М.Б. Иванова саха тылыгар «Хатылааһын уруок. Эһэ уонна кутуйах», 2-с кылаастарга А.Е. Сидорова литературнай ааҕыыга “Тымныы муоһа”, кылаас таһынан ааҕыыга 3-стэргэ С.П. Макарова “О чешуе рыб”, 4-с кыл. С.В. Григорьева “Малютка” диэн аһаҕас уруоктары ыыттылар.

Кыра кылаас үөрэнээччилэрэ сөпкө ааҕар-суруйар кыахтарын тэрийэргэ өйгө тутуу, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарыы ньымаларыгар  педагог-психолог А.Н. Тотонова  практикум дьарыгы, оттон ВсДиОО иитиигэ советнига Ж.А. Макаринская оҕону патриоттуу иитиигэ практикум-оонньууну ыыттылар.

Салгыы сэминээргэ кэлбит педагогтар уруок таһынан дьарыктарга, маастар кылаастарга сырыттылар.

Бу улуустааҕы сэминээргэ кэлбит оскуолалар уонна уһуйааннар кэлэктииптэрэ оҕону патриоттуу иитиигэ утумнааһыны тэрийии бырайыагар уопуттарын атастастылар. Сэминээр олус сэргэхтик, сонуннук, толору ис хоһоонноохтук ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттар, тэрээһин кыттыылаахтара сэминээр үрдүк таһымҥа буолбутун бэлиэтээтилэр.

Кириэстээх политехническай орто оскуолатын алын сүһүөх методическай холбоһуга.

 

Читайте дальше