«Партизан» уолаттара маладьыастар

Саас, күһүн айылҕаҕа дуоһуйа сынньанныннар диэн анал сарайдааах, остуоллаах ыскамыайкалаах, бэл шашлык буһарынар мангаллаах Сунтаар күөлгэ (водокачкаҕа) сынньанарга ааттаах миэстэ оҥоһуллубута хаһыс да сыла. Манна Сунтаар үгүс олохтооҕо кэлэн сынньанан, оонньоон-көрүлээн барар сирэ.

Ол эрээри диирбитигэр тииийэбит… Хаһыс да сылын бу сынньанарга бэртээхэй сирбитин харыстыаҕыҥ, тутууларын алдьатымыаҕыҥ, бөҕө-сыыһы хаалларан, сыбаалкаҕа кубулутуомуоҕуҥ диэн хаһыаппытыгар төһөлөөхтүк суруйдубут. Нэһилиэкпит тас көстүүтүгэр ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх дьоммут бассаабынан да, телеграмынан да нэһилиэнньэҕэ ыҥырыы, иһитиннэрии таһаарар аҕай ээ. Ону биһиги тоҕо эрэ өйдөөбөппүт дуу, эбэтэр итинник сынньалаҥ сири оҥорбуттара да бэйэлэрэ хомуйдуннар диэн санаалаахпыт дуу…

Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр «Партизан» НАТК киинин үлэһит эр дьоно сынньанар сиргэ баран улахан субуотунньук оҥордулар. Субуотунньук кыттыылаахтара: «Айабыыын, дьон ыһар-тоҕор да эбит. Манна сынньана кэлээччилэр биллэн турар, массыынанан кэлэллэрэ буолуо. Аһаан-сиэн баран, баралларыгар тоҕо хомуйан, мөһөөччүккэ уган төттөрү тиэйэн барбаттара буолуой?»  диэн сөхтүлэр да, абатыйдылар да.

«Партизан» уолаттара бүгүҥҥү субуотунньукка  10 куул бөҕү хомуйан чөкөттүлэр. Сынньана тахсааччылар, бука баһаалыста бэйэлэрин кэннилэриттэн хомуйан, бөхтөрүн анал мусор дьааһыгар угалларын, эбэтэр дьиэлэригэр илдьэ барылларын өссө төгүл санатан суруйаарыҥ эрэ диэн көрдөстүлэр.

Доҕоттоор, бэйэлээх бэйэбит олорор, сынньанар сирбитин харыстыаҕыҥ, төрөөбүт дойдубут маанылааах кэрэ сирин ыраастык тутуоҕуҥ. Киринэн толорумуоҕуҥ.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше