Паарка уутун ыытыыга үлэ саҕаланна

 

Бүгүн сарсыарда улуус дьаһалтатыгар буолбут ЫБМ хамыыһыйатын мунньаҕар улуус киинигэр, чуолаан паарка территорията хаар уутунан толору сытарынан улахан хас да күннээх субуотунньук ыытылларын иһитиннэрдилэр.

Онон тутатына эбиэт кэннэ тэрилтэлэр паарка уутун ыытыыга үлэ күргүөмнээхтик баран эрэр. Ол курдук бүгүн улуус дьаһалтата, олохтоох дьаһалта иһинэн үлэоиир МАУ «Сунтаар», ГАУ «Лес», баһаарынай чаас үлэһиттэрэ уу ааһар ханаабаларын (Октябрьскай уулуссаҕа, Пролетарскай переулокка) ыраастыы сылдьаллар уонна уу хачайдыыр помпа үлэлии турар . Ууну түһэриигэ тэрилтэлэр симиэнэн дьуһуурустуба олохтоон үлэлиэхтэрэ.

Ону сэргэ сүрүн күүс улуус бары олохтоохторугар буолара наада. Онон аҥаардас дьаһалталар, тэрилтэлэр тахсан ууну ыытыыга үлэлээтиннэр диэн быстах соҕус санааттан босхолонон, нэһилиэк хас биирдии олохтооҕо, күрдьэх тутан кэлэн бу субуотунньукка кыттыһыаҕыҥ.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше