Бүгүн, тохсунньу 12 күнүгэр, улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур үһүс бөлөх Түбэй-Дьаархан, Күндэйэ уонна Кэмпэндээйи нэһилиэктэригэр сырытта. Манна Сунтаар улууһун баһылыгын экономическай сайдыыга уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев улуус социальнай-экономическай сайдыытын араас эйгэтин хабан сыл устата туох үлэ ыытыллыбытын сырдатта.
Түбэй-Дьаархаҥҥа
Бөлөх бүгүҥҥү үлэтин Түбэй-Дьаархантан саҕалаата. Олохтоохтор отчуоту истэ култуура киинигэр муһуннулар. Отчуот кэннэ кэлбит дьон долгутар ыйытыылары тустаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэригэр биэрдилэр, санааларын эттилэр.
Этиллибит сүрүн кыһалҕалар:
Толору хааччыллыыга киллэриллибит оҕо уһуйаана, оскуола, ыаллар ааспыт сылга диэри Кутана «Айан суолларын кытта үлэлэһэ олорбут эбит буоллахтарына, кэлин «массыына эргэ» диэн салгыы өҥөнү оҥорууну аккаастаан кэбиспиттэр. Инньэ гынан, икки тэрилтэ септигэ туолан, толору хааччыллыыта суох хаалар кыһалҕа тирээбит.
Эксперимент быһыытынан каркаснай бырайыагынан тутуллубут оскуола тыйыс тымныылаах кыһыммытыгар эппиэттэспэтэ, анал хамыыһыйа оскуола үлэлиир кыаҕа суох диэн аакталаабыт буолан, хапытаалынай өрөмүөн туруорсар эмиэ кыаллыбата нэһилиэк биир сүрүн кыһалҕата буолбут.
Аны туран, маассабай успуорт сайдарыгар бары кыах баар нэһилиэгэр успуорт саалата тутуллар боппуруоһа кыаллыбакка турара этилиннэ. Тутууну «Үтүө дьыала» бырагыраамаҕа киллэрэр туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар: үүтү туттарыы былаана ааспыт сылга алтынньыга эрдэ туолан хаалбытын, быйыл сөп былааны көрөргүт буоллар диэн санаа этилиннэ.
Бу киирбит ыйытыыларга тустаах исписэлиистэр хоруйдаатылар, сороҕун үөрэтэн көрөргө бэлиэтэннилэр, кыаллар өттүгэр үлэ барыан эрэннэрдилэр. Маны таһынан маннык хабааннаах ыйытыылар киирдилэр. «Кэппэндээйи туустаах хосторунан бары уһуйааннар, оскуолалар хабыллыахтара дииллэр, онно уочарат хайдаҕый?»
Хоруйа: «Билиҥҥитэ туус хостору ресурснай кииннэргэ киллэрии бара турар, маннык хоско аналлаах иллэҥ хос баар буоллаҕына, сайаапкаҕа киллэриэхпит», — диэн буолла. Салгыы: «Аптекалаахпыт эрээри, эбиэт иннинэ эрэ үлэлиир. Бу киһиэхэ барытыгар табыгастаах буолбатах. Итини хайдах эмэ табыгастаах гына аттарар буоллар… Биир күн эбиэт иннинэ, биир күн эбиэт кэннэ диэбит курдук». Медицинаҕа сыһыаннаах ыйытыыларга Сунтаардааҕы киин балыыһа оройуоннааҕы педиатра Мария Игнатьева хоруйдаата: «Аптекаҕа туһунан анал үлэһит билиҥҥитэ суох. Үлэлиир чааһын быһаарыахпыт. Бу сылга нэһилиэктэргэ барытыгар аптека баар буолуохтаах» — диэтэ. Маны таһынан олохтоохтор быйыл улуус балыыһаларыгар көрүллүбүт икки массыынаттан биирэ Түбэй-Дьаархан амбулаториятыгар ананарын үөрэ иһиттилэр.
Түбэй-Дьаархаҥҥа буолбут отчуоту олохтоохтор сэргии иһиттилэр, улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Күндэйэҕэ
Түбэй-Дьаархан кэннэ улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур бөлөх Күндэйэ нэһилиэгэр тиийдэ. Сүрүн дакылааты улуус баһылыгын экономика сайдыытыгар уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев оҥордо.
Күндэйэ олохтоохторо отчуот кэннэ үгүс ыйытыыны биэрдилэр. Сүрүннээн уот кыамтата мөлтөҕө, кыайбата кыһалҕаны үөскэтэрин, бу боппуруос хайдах быһаарыллыан сөбүн элбэх киһи сураста.
Олохтоох дьаһалтаҕа тахсан кэлэктиибинэн РЭС-кэ сайаапка суруйаллара ордугун, сайаапканан фиксациялыыр үлэ барара наадатын сүбэлээтилэр, инникитин бу боппуруоска үлэлэһэргэ эттилэр.
«Улууска морг суоҕа эрэйи үөскэтэр, Ньурбаҕа дуу, Мииринэйгэ дуу барыы кыһалҕалаахха ыарахан» диэн улуус биир улахан кыһалҕатын таарыйдылар. Манна туһаайан улууска эксперт штата баара, ол эрээри исписэлиис көстүбэтэ этилиннэ.
Маны таһынан дьон «оптволокно маҥнай киирэригэр кэлин элбээтэххитинэ «Ростелеком» абонентскай төлөбүрэ отой кыччыа диэбиттэрэ, тарыып син биир үрдүк» диэн мунаарар ыйытыыларын биэрдилэр.
Манна «Ростелеком» сыананы бэйэтэ быһарын, сайтарыгар личнэй кэбиниэттэн бу кыһалҕаны элбэхтик суруйуохха, аахсыйанан тахсар тарыыптары үөрэтэн көрүөххэ сөбүн быһаардылар.
Биир ыйытыы төрөппүттэртэн киирдэ: «Оҕолор «Азия оҕолоро» оонньууга кытта барар-кэлэр ороскуоттара төлөнүө дуо?» Манна улуус үөрэххэ управлениетын начальнигын солбуйааччы Владимир Уаров: «Үөрэх тэрилтэлэрин тиэхиньикэлэрэ таһыахтара. Оттон отборданарга таксинан баран кэлбит харчылара толору төлөнөр», — диэн хоруйдаата.
Маны таһынан Күндэйэ олохтоохторо оскуола өрөмүөнүн тула, уот төлөбүрүн субсидиятыгар, босхо бэриллэр сир боппуруоһугар, медицина өҥөтүгэр сыһыаннаах үгүс ыйытыыны биэрдилэр, отчуоттуур бөлөххө баар тустаах тэрилтэ бэрэстэбиитэллэриттэн хоруйдары ыллылар. Түмүгэр улуус дьаһалтатын 2023 с. ыыппыт үлэтин биһирииллэрин эттилэр.
Кэмпэндээйигэ
Улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур 3-с бөлөх салгыы Кэмпэндээйигэ тиийдэ. Сыллааҕы ыытыллыбыт үлэ отчуотун Кэмпэндээйи олохтоохторо сэргээн иһиттилэр, нэһилиэк олоҕо тупсарыгар баар кыһалҕалары туоратарга күөрэйэр ыйытыылары биэрдилэр. Ол курдук, бибилэтиэкэҕэ кинигэ атыылаһарга, периодика матырыйаалын сурутууга көрүллэр үп уруккутааҕар лаппа кыччаабыт төрүөтүн туоһуластылар. Кэмпэндээйитээҕи чэбдигирдэр киин 40 миэстэлээх спальнай корпуһун өрөмүөннээһин, тутуу боппуруостара көтөҕүлүннэ. Оскуоланы тутуу улууска уочаракка хаһыс турарын, оҕо аһылыгар үп көрүллүүтүн чопчуластылар. Маны таһынан ФАП дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн эҥин барбытын кэннэ биэлсэр уурайан көспүтүн, инньэ гынан биир улахан кыһалҕа үөскээбитин үллэһиннилэр.
Муостаны тутуу, бэрээдэк тула, «точкалары» хонтуруоллааһын, бэйдиэ, босхо сылдьар ыт боппуруоһа, о.д.а. ыйыттылар.
Тустаах тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ киирбит ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Кэмпэндээйи олохтоохторо отчуоту истэн, ыйытыыларын биэрэн, санааларын үллэстэн баран, улуус дьаһалтатын 2023 с. ыыппыт үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Марфа ИВАНОВА