Отчуоттуур бөлөх бүгүн аҕыс нэһилиэккэ үлэлээтэ

Күндэйэ нэһилиэгэр отчуоту истэ, дьүүллэһэ үгүс киһи кулууп дьиэҕэ муһунна. Сүрүн дакылааты СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов оҥордо.

Күндэйэлэри тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар ханнык үлэлэр тиһиктээхтик ыытыллаллара интэриэһиргэтэр.

Манна араас таһымнаах үлэ ыытыллар. Саҥа дьаһаллар Бырабыыталыстыба да, министиэристибэ өттүттэн тахса тураллар. Нэһилиэнньэҕэ маны тириэрдии, иһитиннэрии күүстээхтик барыахтаах диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эппиэттээтэ.

Олохтоохтор үүт туттарыытын, соҕотуопкатын, былаан тоҕо куччаабытын ыйыттылар. Бу манна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов быһааран биэрдэ.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эдэр ыалы өйүүр сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраамалары көҕүлүүр. Маннык бырагыраамалартан биирдэстэрэ эдэр ыал дьиэ туттарыгар, атыылаһарыгар диэн көрүллэр субсидия буолар.

Күндэйэлэр бу боппуруоһу эмиэ таарыйдылар. Нэһилиэккэ эдэр ыал дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар субсидияҕа уочаракка турааччылар бааллар. Ону сэргэ дойду бэрэсидьиэнэ оҕону үлэнэн иитиини өйүүрүн биллэрбитэ диэн туран, олохтоохтор сайыҥҥы кэмҥэ үлэ лааҕырдарын тэрийиэххэ, манна улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үбү сөптөөхтүк көрүөххэ наадатын этэллэр. Бу нэһилиэктэн оройуон сэбиэтин дьокутаата Ольга Лазерева: «Ил Дархаммыт быйылгы сылы Оҕо  саас  сылынан биллэрбитэ. Бу олус кэскиллээх дьаһал. Манан сиэттэрэн, оҕо доруобайатыгар болҕомто ууран, нэһилиэктэргэ мобильнай биригээдэлэр тахсан үлэлиэ этилэр» диэн санаатын тириэртэ.

СВО-ҕа сылдьааччыларга көмө учуоттанан, төһөтө тустаах киһиэхэ тиийэрин хонтуруоллуугут дуо? диэн ыйыталлар. Манна сиэттэрэн эттэххэ, олохтоохтор аналбайыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар араас көмөнү оҥоро олороллор. Холобур, бу күннэргэ блиндажнай чүмэчи оҥорбуттар.

Кэмпэндээйи нэһилиэгэр  култуура киинэ тутуута түмүктэнэн, күн бэҕэһээ аанын тэлэччи аспыта. Онно биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэлэн кыттыбытыттан олохтоохтор киэн тутталлар. Айсен Сергеевич бу сырыытыгар Кэмпэндээйи  инники сайдыытыгар олуктаах быһаарыы ылбыта.Ол курдук, оскуола тутуута, «Сир Уустарын», туус собуотун сайыннарыы боппуруостара быһаарыллан эрэриттэн кэмпэндээйилэр үөрэн олороллор.

Култуура киинэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Култуура» национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутуллан киирдэ. Манна даҕатан эттэххэ, Кириэстээххэ эмиэ култуура киинэ тутуллар. Ону сэргэ улууспут хас да нэһилиэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллан бүтэн эрэллэр. Элгээйигэ врачебнай амбулатория тутуута саҕаланна. Бу барыта дойдубут бэрэсидьиэнэ көҕүлүүр национальнай бырайыактарын чэрчилэринэн барар.

Оттон бүгүн саҥа сытынан дыргыйа турар култуура киинигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота  дьүүллэһии, санаа атастаһыыта олус сэргэхтик барда.

Кэмпэндээйилэр нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх ыйытыы биэрдилэр, этиилэрин тириэртилэр. Холобур, нэһилиэккэ баһаары утары охсуһарга анал тиэхиньикэ атыылаһар кыаллыа дуо? диэн ыйыталлар. Улууспутугар анал тиэхиньикэнэн, таҥаһынан хааччыллыбыт быыһыыр сулууспа наадатын эттилэр, Сунтаартан өрүс биэрэгэр диэри автобус сырыытын олохтууру туруорустулар.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2023 с. үлэтин отчуоттуур иккис бөлөх үһүс отчуоттуур күнүн Түбэй-Дьаархан нэһилиэгиттэн саҕалаата.

Манна олохтоохтор чопчу Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэр туох үлэ барыан интэриэһиргээн сурастылар. Оҕо саадыгар косметическай өрөмүөн ыытыллыахтааҕа этилиннэ. Отчуоттуур бөлөх бу күн балыыһаны көрөн баран балыыһа фундамена уларыйарыгар атын өрүттэрин эмиэ учуоттуохха наадатын бэлиэтии көрбүттэрин эттилэр. Ону таһынан успуорт саалатын боппуруоһугар үлэ барыа диэн буолла. Былааннаах үлэ РЭС подстанциятын өрөмүөнэ этилиннэ. Маны таһынан тыа хаһаайыстыбатыгар сиэмэлээһин үлэтин сааһылыахха наадата ахтылынна.

Түбэй-Дьаархан олохтооҕо Вера Семеновна тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһини, ыт боппуруоһун, анал байыаннай дьайыыга биир дойдулаахтарбыт кыттыыларын  чопчуласта. Оттон Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын дириэктэрэ Ирина Григорьева эксперимент быһыытынан тутуллубут оскуола оҕолор үөрэнэллэригэр табыгаһа суох тымныытын этэн туран, кыаллар буоллаҕына, капитальнай өрөмүөн, табыллыбат түгэнигэр саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһун көтөхтө.

Степанова Антонина, библиотекарь: «Балыыһаҕа сытан эмтэнэр куойка миэстэбит суох. Тыа нэһилиэктэригэр сытар куойкалаах балыыһалар хаһан эмэ баар буолуохтара дуо?», «Интэриниэт бытаан, оттон тарибын сыаната олус үрдээтэ. Бу туохтан тутулуктанна?» — диэн ыйытыыларын кэлбит дэлэгээссийэҕэ биэрдэ.

Бу тиэмэҕэ үгүс санаа этиллибитин кэннэ улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Александров Интэриниэт төлөбүрүн чопчулаһарга, сотору-сотору аварийнай арахсыы буоларын, операторга тахсыы устуктардааҕын этэн туран, бу боппуруоһу үөрэтэргэ боротокуолга киллэртэрдэ.

Маны таһынан Түбэй-Дьаархаҥҥа маннык кыһалҕалары таарыйдылар: ОДьКХ тариба, уот төлөбүрэ үрдээһиннэрэ, оскуолаҕа каадыр тиийбэт боппуруоһа, учебниктар переченнэрэ сотору-сотору уларыйара, үүт квотата 14 бырыһыан кыччааһына, о.д.а

Салгыы отчуоттуур бөлөх Түбэй нэһилиэгэр үлэлээтэ. Манна биир сүрүн кыһалҕанан тиис бырааһа суоҕун эттилэр. Госуслуганан стоматологка суруттараары гыннахха мэлдьи туолан турар буоларын бэлиэтээтилэр. Манна киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Константин Павлов улууска стоматолог тиийбэтин бэлиэтээн туран, чугастыы Элгээйи врачебнай амбулаториятын стоматологар суруттаран көрдөрүөхтэрин сөбүн эттэ. Былаан быһыытынан быраастар биригээдэлэрэ Түбэйгэ ханнык кэмҥэ кэлэллэрин билиһиннэрдэ. Дмитрий Дмитриевич бу боппуруоска улуус киин балыыһатыгар сайаапканан үлэлэһиини сүбэ быһыытынан эттэ.

Екатерина Новикова, Түбэй эдэр ыалын ийэтэ:

— «Молодая семья»  бырагыраамаҕа 2019 с. уочараттаан былырыын киирбиппит. Маннык эдэр ыалы өйүүр бырагыраама баара олус үчүгэй», — диэтэ. Улуус, нэһилиэк салалтатыгар, тустаах бу эйгэҕэ үлэлэһэр дьоҥҥо махталын эттэ.

Түбэйгэ быйыл «Подключение частного сектора» бырагырааманан 19 ыал киин итиигэ холбонуохтаах. Манан сиэттэрэн нэһилиэк баһылыга, олохтоохтор үөрүүлэрин үллэһиннилэр, махталларын эттилэр.

Салгыы отчуоттуур иккис бөлөх Сиэйэ нэһилиэгэр үлэлии кэллэ. Бөлөх Сиэйэтээҕи орто оскуолаҕа, врачебнай амбулаторияҕа сырытта, үлэни-хамнаһы билистэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2023 с. үлэтин отчуоттуур сүрүн дакылааты Дмитрий Сергин оҥордо. Отчуот кэннэ олохтоохтор үгүс боппуруоһу биэрдилэр.

Алексей Филиппов Сиэйэ врачебнай амбулаторията капитальнайдык өрөмүөннэниэн наадатын, көһөрүллэн кэлбит дьиэ олус тымныытын эттэ. Капитальнай өрөмүөн туһунан кэпсэтии бара турарын эттилэр. Салгыы Алексей Прокопьевич: «»Форум будущих технологий» Владимир Путин медицина үлэһиттэригэр хамнас эбиллэрин эппитэ. Оттон балыыһаларга эбии оборудование көрүллүөн сөп дуо?» — диэн ыйытта.

Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Дмитрий Сергин:

— РФ Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Здравоохранение» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, первичнэй звенону модернизациялааһын күүскэ барар. Манна оборудованиенан хааччыйыы эмиэ киирэр. Улуус киин балыыһатыгар үгүс мед.оборудование бу национальнай бырайыагынан кэллэ, — диэн хоруйдаата.

Алексей Прокопьевич суол хаайыытын кэмигэр санавиация үлэтин, оскуоланы тутуу хаһан саҕаланыан, уһуйааннарга кытта киирэн турар электроититии киһи доруобуйатыгар буортутун чопчулаһар, үс ходуһаҕа мелиоративнай үлэ иккис уочаратын салгыы ыытыы туһунан ыйытыылары биэрдэ. Хоруйдары ылла, сорох боппуруос боротокуолга киирдэ.

Сиэйэ олохтоохторо күүскэ туруорсар боппуруостарынан буоллулар: оскуоланы тутууну тиэтэтии, өртөөһүн боппуруоһун быһаарыы. Сэтиэнэх элбэҕэ, кураан дьылга уот турар кутталлааҕа этилиннэ. Маны таһынан федеральнай суол нэһилиэк ортотунан ааһара, бу оҕолор саамай сылдьар суоллара буолара этилиннэ. Манна уулуссаны сырдатыы, маны сэргэ суолга «обеспыливание» үлэтин ыытыы боппуруоһа көтөҕүлүннэ.

«Ыччат дьон, эдэр исписэлиистэр олохсуйалларыгар усулуобуйаны тэрийиэҕиҥ» диэн этии элбэхтэ иһилиннэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2023 сыллаах үлэтин отчуоттуур СӨ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччыта Иван Алексеев салайааччылаах үһүс бөлөх улуус кииниттэн ыраах сытар Бүлүүчээн нэһилиэгиттэн үлэтин саҕалаата.

СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуотун истэ элбэх дьон кулууп дьиэҕэ тоҕуоруһа муһунна. Үгүс ыйытыылар киирдилэр, санаалар этилиннилэр.  Олортон холобура: уот харчытын төлөбүрэ үрдүк, мелиорация, бэйдиэ сылдьар ыттар, бүддьүөт харчыта хайдах тыырылларын методикатын, интэриниэт сыаната үрдүгүн туһунан о.д.а. Бэриллибит ыйытыыларга чопчу эппиэттэр бэрилиннилэр. Нэһилиэк олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт дьон уоппускаларын, дьиэлэригэр кэлиилэрин о.д.а ыйыттылар. Нэһилиэк баһылыга Сергей  Барамыгин аптека арыллыа дуо? диэн ыйытыытыгар, Сунтаар кылаабынай бырааһын солбуйааччыта Ньургустаана Тимофеева маннык хоруйдаата:  «Дьаархаҥҥа, Кириэстээххэ аптека аһыллан үлэлээтэ. «Выездной аптечный пункт» диэн үлэлэтэн эрэбит. Ол курдук, бүгүн эмп-том атыылыы Наахара, Бүлүүчээн кэлэллэр».

Наахара олохтоохтор араас хабааннаах ыйытыылары биэрдилэр. Дивиденд, Бүлүү эбэ муостатын тутуута, асфальт суол оҥоһуута о.д.а. Өртөөһүҥҥэ тоҕо көҥүл биэрбэттэрин ыйыппыттарыгар өртөөһүнтэн сибээстээн улахан баһаардар тахсалларынан бобуллубута. Тымныы усулуобуйаҕа олорорбутун  учуоттаан научнай үлэ бара турар, үөрэтии кэнниттэн дакаастаннаҕына уларыйыы тахсыан сөп диэн хоруй ыллылар. Уот остуолбалара тимир остуолбаҕа уларыйыахтара дуо? Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн остуолбалары уларытыыга былаан быһыытынан, уочарат кэминэн үлэ барар. Ону тэҥэ, оскуола-саад тутуута боротокуолга киириитин туруорустулар, интэриниэт, сибээс киирэн олох сайдарын туһунан санааларын эттилэр.

Куокуну. Олохтоохтор араас боппуруостары ыйыталастылар. Холобур, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн аҕам саастаах дьоҥҥо туох көмө баар буолуой? Манна Үлэ министиэристибэтин өттүттэн былааннаах үлэ бара турар. Улуускутугар аҕам саастаахтарга ытыктабыл, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо саас, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэ сылынан бырагырааммалар оҥоһулла сылдьаллар онон сиэттэрэн сибээстээх үлэ былааннанан ыытыллыа диэн эппиэт биэрдилэр.

Чааһынай дьиэ хаарбах тутуу бырагыраамаҕа киирэр дуо? Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр киирэллэр. Чааһынай дьиэлээх киһи, хаһаайын дьиэтин бэйэтэ көрөр-истэр. Дьон-сэргэ мунаахсыйар элбэх  боппуруостарын биэрдилэр. Ол курдук, миграция, мелиорация, оскуолаҕа лааҕыр үлэтэ, нэһилиэккэ аптека аһыллыа дуо, тыа сиригэр ынах-сүөһү иитэр дьон аҕыйаата, бэйдиэ сылдьар ыттар о.д.а. Боппуруостарга чопчу эппиэттэр бэрилиннилэр. Тустаах боппуруостар боротокуолга киирдилэр.

СӨ Бырабыыталыстыбата дьон туһугар ыытар үлэтин 8 нэһилиэк олохтоохторо биһирээтилэр.

Яина ВЛАСЬЕВА, Марфа ИВАНОВА, Алена ИВАНОВА