Оскуолаҕа национальнай бырайыак чэрчитинэн кабинет аһылынна

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар үөрүүлээх күн буолла. Ол курдук, оҕолор саҥа сатабыллары баһылыылларыгар, эргиччи сайдалларыгар, бэйэлэрин кыахтарын арыйалларыгар туһаайыллыбыт «Цифровой үөрэх эйгэтэ» бырагыраамаан анал кабинет арылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун экономическай сайдыыга управление салайааччыта Ия Ефремова, Сунтаар улууһун үөрэҕирии управлениетын начальнигын солбуйааччы Владимир Уаров эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Үөрэх тэрилтэлэригэр аныгы үрдүк хаачыстыбалаах уонна табыгастаах цифровой үөрэх эйгэтин тэрийиигэ, информационнай-коммуникационнай инфраструктураны саҥардыыга, кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, федеральнай цифровой платформаны тэрийиигэ туһуламмыт бырагырааматынан ыытыллан үлэ барар.

Бу барыта «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уонна сайдыылаах аныгы кэм ыччата үүнэн-сайдан тахсарыгар төһүү күүс буолар.

Анал кабинекка 41 ноутбук, 3 интерактивнай панель, 1 элбэх функциялаах тэрил, 3 камера ылыллан, «Цифровой үөрэх эйгэтэ» бырайыак үлэтин саҕалаата. Бу курдук олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, үүнэр көлүөнэбит сайдыылаах, билиилээх, киэҥ көрүүлээх буоларын туһугар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир эйгэ тэриллэрэ инникигэ көҕүлүүр.

 

Үөрэҕирии салаатын пресс-сулууспата

 

Читайте дальше