Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын сыа хаар бүрүйэн таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маҥан киэҥ нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа оргууй буруолаан ыла-ыла хараара сытара. Бу хороҕор муостаах уулуур ойбоно хат алларыахтарыгар диэри субу курдук биир түүн иһигэр муус чэҥинэн бүрүллүөх, дөйө тоҥуох муҥа буоллаҕа дуу…
Эмискэ муус тостор тыаһа “лас-лас” гынан тула баар чуумпуну аймаата. Ону кытта чаалыйан тахсыбыт уу ойбон тулатын салаан ылбыта килэйэ охсон дьэҥкэрэн хаалла. Хойуу туман кыараҕас ойбонтон тохтоло суох субулунна. Ол туманы кытта айыы дьонуттан атын саҥалаах, уу кыылыттан атын бодолоох күөх ньамаҕы бүрүммүт ньамалас баҕайылар быгыахтаһа түстүлэр. Биир-биир уу чаанынан буруолаабытынан таска күөлэһис гыннылар. Ойбон тулатын олоотоон көрдүлэр, эбэ кытылын кыйа сүүрдүлэр. Ол кэннэ бары үрүө-тараа ыстаннылар… Ону барытын саҥата суох иһийэн кэтээбит Эбэ кытылыгар үүммүт аарыма тиит туох буолтун өйдөөбөтөхтүү кыыкынаан ылла, атын айылгылаахтары атыҥыраабыттыы ынчыктаата.
Бу аата Ороһуоспа күнэ үүннэҕэ… Күөх далай ис эйгэтин олохтоох харамайа бэйэтин дойдутуттан дьалты туттан тэскилиир кэмэ кэллэҕэ… Бу күнтэн Кириһиэнньэҕэ диэри айыы аймаҕын аттыгар сүллүүкүттэр сүүрэлииллэр, саатыы таарыйа таҥхалаан таайаллар.
***
Тыһыынчаҕа тиийбэт, биэс сүүстэн арыый элбэх киһилээх биир сайдыылаах соҕус дэриэбинэ олохтооҕо Охоноос оҕонньор Ороһуоспа түүн оройо оҥостон-бэринэн, ойоҕун орулаппытынан, оҕуһун тириитин кыбынан, онтон атын малын салааскаҕа соһон Эбэтигэр киирдэ. Соруктаах киһи син өр үлэлэһэн, хаары күрдьэн ойбон алларда. Ол кэнниттэн күһүн идэһэлээбит кугас кунанын тириитин тэнитэн-тэнитэн олбох оҥорон тэлгээтэ. Ол үрдүгэр суорҕанынан бүрүнэн олорунан кэбистэ. Быйыл баҕас сүллүүкүттэр ыһа-тоҕо кэпсиир, инникини түстүүр уһун унньуктаах сэһэннэрин истэргэ бэлэм. Былырыын тымныыта бэрдиттэн тулуйумуна ол дьаалылары кэтэспэккэ дьиэтигэр куоппута. Инньэ гынан, тугу да истибэккэ хаалбыта. Ол иннинээҕи биир кыһын ойоҕо сырсан киирэн чыпчаххайдаан таһаарбыттаах. Урут Охоноос оҕонньор Ороһуоспаны билиммэт, сүллүүкүттэри манаабат буолара. Бу кэлин кырдьан баран хайдах эрэ буолла, дьиктини-дьиибэни сэргиирэ бэргээтэ. Кэннэ уһаан, иннэ кылгаан истэҕин аайы инникини тымтыктыыр санаата ордук сытайан иһэргэ дылы. Эдэр сылдьан сэбиэскэй киһи сибэтиэйдэри-тойдору, үөрдэри-үөдэннэри итэҕэйбэтэ даҕаны.
Охоноос оҕонньор бу сырыыга баҕас олохтоохтук оҥостон киирдэ. Оннооҕор тиэрмэскэ итии чэй кутунна. Тоҥмотор эрэ тулуктаһар ини. Ойоҕо ол аайы сылгылыы киирбэт. Барахсаныҥ уруккута буолбатах, таһырдьа да тахсара аччаан турар.
Ити кэмҥэ дэриэбинэ биир уһугар баар маҥан сабараанньалаах дьиэҕэ кыыһынан кырдьан эрэр Кылааһа кыыс холоонноох доҕоро буолуохтааҕы сэбэрэтин көрөөрү оҥосто ахан сылдьар эбит. Номнуо омуһаҕын арыйан, уулаах ыстакаанын туппутунан, көмүс биһилэҕин ытырбытынан сэрэнэн үктэнэн умуһаҕар киирэн эрэр. Чугас дьүөгэтэ Саргы сүбэтин ылынан бу дьаһанан эрдэҕэ. Сурах кэпсииринэн, ол хотууска уонча сыллааҕыта ити Дьөгүөрүн оннук билгэлээн тэһэ көрөн ылбыт үһү. Оччолорго кыыс оҕото хорсун санаатын хомунан соҕотоҕун омуһахха омуна суох күөс быстыҥа кэм ыстакааннаах ууну одуулаан олорбута үһү. Бэйэтэ кэпсииринэн, ол олордоҕуна хараҕа туманнырбыт, соһуччу ыстакааннаах уута долгулдьуйарга дылы гыммыт. Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ биһилэх ис иэнигэр сөллөйүөҕүнэн-сөллөйөн, чоҕулуҥнас хараҕынан сулус курдук көрөн Дьөгүөрэ кинини супту одуулаабытынан бу устан ньолойо сылдьар эбитэ үһү. Баччалааҕы көрөн Саргы кыыс уулаах иһитин ыһыктыбыт, ыксаан-бохсоон үөһэни былдьаспыт. Ити кэннэ сыл буолбакка кылааһынньыга Дьөгүөрдүүн ыал буолан буруо таһаарыммыттара. Онтон бэттэх уонча сыл эйэ дэмнээхтик олороллор. Ол түүн таҥхалаан таҥнастыбатаҕа буоллар, билигин хайдах-туох ыал буолан олоруо эбитин бэйэтэ саарбахтыыр.
Чэ, ити итинэн хааллын. Бүгүҥҥү күннээххэ төннүөххэ. Охоноостон, Кылааһаттан ордон бөһүөлэк илин өттүгэр кимнээх таҥхалаан эрэллэрэ буолла? Һок, Малаанньа эмээхсин дьиэтин аттыгар тугу эрэ көрдүүрдүү тоҥхоҥнуу сылдьар дуу. Ээ, кырдьаҕас хаары сиидэлээн түбүгүрэ сылдьар эбит. Сиидэлээбит сирин ыта Суолдьут кэлэн эккэлээтэҕэ буолан тэпсэн, ыһан кэбиһэр. Ол аайы эмээхсин чоттуур саҥата чоп-чообурҕас. Бүтэр уһугар кини да сылайда бадахтаах, кыыһыра түһээт быһайыҥҥыттан сыта сатаан сылайбыт тулламай саппыкы аҥаара хаар анныттан хараара быга сытарын харбаан ылла да, ытын быраҕан кыыратта. Анарааҥҥыта, хоргуттаҕа буолан, кутуругун кумуччу туттан куотар аакка таласта. Малаанньа суолун сыа хаарынан кистии охсоот, дьиэҕэ киирэн хаалла. Дьиэтигэр киирээт ааны хатыыр тыаһа иһилиннэ. Ити кэннэ сарсыардааҥҥа диэри бу дьиэттэн икки атахтаах быкпата сэрэйиллэр. Ол эрээри бу ыал тэлгэһэтигэр өр дуу, өтөр дуу буолбакка, тоҥуу хаарга киһи хаамар тыаһа куучурҕаан иһилиннэ. Сүүрэр дуу, сиэлэр дуу курдук сүр чэпчэки, түргэн атах тыаһа. Бай, Малаанньалаах ыкса ыаллара Байбал туохха ыктаран түүнү аахсыбакка бөкчөҥнөөн истэҕэй. Бэркэ тиэтэйбит дьүһүннээх. Кини киһи хайаан нөрүйдэҕэй? Ааттыын да Кэдэгэр Байбал буолуохтаах этэ буоллаҕа. Эбиитин сирэйин саар былаатынан тууна бааммыт. Онто били боевиктаах киинэҕэ баар ороспуойга маарыннаабыт. Суолдьут, арааһа, иччитигэр хоргуппута ааһа илигиттэн буолуо, дьөрү “моҥ” да диэбэтэ. Ити курдук тыаһы таһаарбакка бөкчөҥнөөбүтүнэн Байбал ыалын аах күүлэлэригэр чугаһаата. Дьиэҕэ киирбэккэ тоҕо эрэ ыалы таһынан кыйа хаамта. Мааҕын Малаанньа барахсан сүллүүкүҥҥэ анаан түбүгүрбүт үлэтин күдэҥҥэ көтүтэн үрдүнэн тэпсэн “бэчээттээн” ааста. Оннук үөмэн түннүккэ кэллэ, чохчойон олорон түннүгү иһиллээтэ. Оо, барахсан, эмиэ биир таҥхаһыт сырыттаҕа. Ыраата барбакка ыкса ыалын түннүгүн иһиллии кэллэҕэ. Ити кэмҥэ дьиэ үрдүгэр туох эрэ куһаҕаннык хаачыр-күүчүр гынна. Ону кытта Байбал үрдүгэр хаар-муус тоҕунна. Сотору буолаат түннүк үрдүнэн үп-үрүҥ бэйэлээх илии күөрэйдэ. Байбал итиччэлээҕи көрөөт соһуйбута бэрдиттэн оройугар түспүт муус чопчуну хаба тардан ылла да, ол сарайбыты быраҕан кыыратта. Ити кэннэ кэлбитинээҕэр бэрт сыыдамнык кэдэйэ-кэдэйэ дьиэтин диэки тэбиннэ. Кини киһи дьиэлээхтэрэ бу сылы хайдах туоруохтарын билээри-көрөөрү муҥнанан сырыттаҕа. Били аҕыс уончатын ааспыт эбэлэрэ котоку доруобуйатынан отой мөлтөөбүт диэн эрэллэрэ…
***
Тохсунньу тоһуттар тымныылаах томороон түүнэ дэриэбинэ иһин тумнанынан толордо. Ол хойуу туман быыһыгар саспыт оччугуй дьиэлэр арыычча харааран көстөллөр. Түннүктэрин кылайар-кылайбат чүмэчи уота барбах сырдатарыттан сабаҕалаатахха, билгэ-таҥха ырааппыт чинчилээх. Киһи барахсан итинник ээ, биллибэти билгэлээн, таайыллыбаты таҥхалаан билээри арааһы толкуйдуур буоллаҕа.
Ити курдук дэриэбинэ дьиэлэрэ биир-биир уоттара умуллан утуйарга бардылар. Арай түүн үөһүн лаппа ааһыыта, дьон бары утуйбутун кэннэ бүтүннүү кырыарбыт, салыбырыар диэри тоҥмут биир тирии кыбыныылаах киһи салааскатын соспутунан эбэ диэкиттэн хоочугураан, дэриэбинэ ыттарын айхалларынан арыалланан дьиэтигэр кэллэ. Дьиэтигэр киирэн уотун холбоон сандаарта. Ол кэннэ өр буолбакка, уотун умуруоран кини да утуйда быһыылаах.
***
Сарсыныгар дэриэбинэ устун сурах-садьык, сонун-нуомас дэлэйдэ. Кылааһа кыыс аналын көрбүт аатырда. Онто кимэ, биллэн турар, кистэннэ, таабырыҥҥа хаалла. Малаанньа эмээхсин тэлгэһэтин иһигэр киһиттэн атын киэҥ атыллаах харамай ыалдьыттаан ааспыта умнуллубата. Кэдэгэр Байбал абааһылаах дьиэни билбэккэ, иһиллээччи буолан киирэн биэрэн былдьата сыспытын ыһа-тоҕо кэпсээбитэ туһунан түбэлтэ буолан тэнийдэ. Ол эрээри дьону куттаамаары ким дьиэтэ абааһылааҕын кистэлэҥҥэ тутар аламаҕай киһи буолла. Ити итинэн бүппэтэ. Малаанньа улахан сиэнэ Сиэҥкэ уол бородууһунанан илиитин быктарбытын сүллүүкүттэр обургулар тымныы ураҕаһынан таһыйан ыыппыттара Малаанньаны ыксатта. Ону, хата, дьүөгэлэрэ алы гынан уоскутан кэбистилэр. Билигин оһох оттор оторой-моторой сүллүүкүттэр билгэлэрэ сымыйа икки кырдьык икки ардынан буолар үһү. Дьоһун сүллүүкүттэр аны уончаны кыайбат күнүнэн тахсыахтаахтар эбит. Үгүс киһи бүлүүһэ сүүрдээри иччитэх дьиэлэри кэрийбиттэр да, бүлүүһэлэрэ сүүрбэтэх. Онон кинилэр эмиэ сүллүүкүттэр ааттаахтарын-суоллаахтарын күүтэргэ күһэлиннилэр.
Оттон Охоноос оҕонньор өр кэмҥэ ойоҕостотон сыппыта. Тымныйбыт киһини ойоҕо өр ыарыылаан оронуттан туруорбута. Ол эрээри оҕонньор санаата билигин да бөҕөх. Сураҕа, кэпсииллэринэн, эһиил дьиҥнээхтик оҥостон-оҥостон баран ойбон иһиллиэх буолар. Быйыл тымныыны тулуйбатах, сүллүүкүттэри ситэ күүппэтэх.
Ити курдук эдэрдиин-эмэнниин таҥхалааһыны саҕалаатылар. Дьоһун сүллүүкүттэр тахсалларын көһүтэр дьон үгүс.
***
Биллибэти-көстүбэти билэ сатаан билгэлэнэр, таҥара ыйааҕын таайа сатаан таҥхалыыр төһө сөптөөҕө буолла? Дьылҕа хаан анал суруктаах тааһыгар хас биирдии киһи дьылҕата суруллан бүтэн сытар дииллэр. Ол тааһы хайдах да айылгылаах ааҕара улахан сэттээх үһү. Ону билээри абааһы, үөр аҥаардаах сүллүүкүттэри сүпсүгүрдэр аньыы буолбатаҕа буолуо дуо? Буолуохтаах ыйаахтаах чааһыгар туолуо, туолуохтаах оҥоһуллубут кэмигэр буолуо турдаҕа. Эбэтэр таайтарыылаах, таабырыннаах дьикти абылаҥар куустарар гына икки атахтаах айыллыбыт айылгыта буоллаҕа дуу?
М.Иванова.
2011 с.