Ороһуоспа чэчиэринньигэр — Сунтаарга күүтүүлээх ыалдьыт

Дьокуускайга олорор Сунтаар Элгээйитин маанылаах далбара Варвара Егорова-Дыгыйа айар иис үлэтин бу күннэргэ, Сунтаарга С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын киинигэр атаарда. Варвара бу киэһэ бэйэтэ айан тикпит бастакы холонууларын, сакааска тикпит таҥастарын уонна дьикти, кэрэ сахалыы таҥастар коллекцияларын — «Сааскы ньургуһун», “Тоҕус тоҕой», «Хампа күөх айылҕам» көрдөрдө. Ол курдук, күннээҕигэ уонна мааныга кэтэргэ анаан тупсаҕайдык кырыллан тигиллибит таҥастары, араастаан уларытан кэтэр сахалыы истииллээх гына толкуйданан тигиллибит көстүүмнэрин кэлбит дьон биһирии  көрдүлэр. Егоровтар удьуор уус аймах ини-бии Иннокентий, Лука Егоровтар алтан, үрүҥ көмүс симэхтэрэ көрдөрүүнү ситэрэн, киэргэтэн биэрдилэр. Варвара дьоро киэһэтин араас күүтүллүбэтэх соһуччу түгэннэрэ көрөөччүнү сэргэхситтэ, араас күрэхтэргэ бириис быһыытынан бэйэтэ тикпит кэһиэччиктэри бэлэх уунна, сахалыы иискэ аналлаах таабырыннар таайыннылар. Маны таһынан көрөөччүлэр илбииһит Василий Иванов- Баһылай Йога көрдөрүүтүнэн илии-атах чэпчэки хамсаныыларын оҥордулар.

Киэһэни иилээн -саҕалаан уус уран сахалыы тылынан ыытта Светлана Петрова -Уран Хатыҥ, ХИФУ доцена, саха таҥаһын чинчийээччи.

Варвара Егорова -Дыгыйа дьоро киэһэтин Сунтаар көрөөччүлэрэ олус сэргээн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. «Тоҕус тоҕой» айымньылаах бырайыак салгыы Сунтаар атын нэһилиэктэригэр Элгээйигэ, Кэмпэндээйигэ, Сиэйэҕэ айаннаата. Кыыспытын Дыгыйаны аны сайын С.А.Зверев-Кыыл Уола үбүлүөйдээх улууспут ыһыаҕар күүтэбит!

 Ирина МИТИНА, СӨ култууратын туйгуна

Читайте дальше